Владимир Петрович Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ 1996 сылтан саҕалаан ыытыллар.
⭐Владимир Петрович Ларионов- Арассыыйатааҕы наукалар академияларын академига, Саха Республикатын наукаҕа академиятын академига, Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Россия инженернай академиятын академига, Хотугу Форум академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, материаловедение Тихоокеанскай-Азиатскай академиятын академига, Саха Республикатын наукатын үтүөлээх деятелэ, техническэй наука доктора, профессор, Россиятааҕы наукалар академияларын Сибиирдээҕи салаатын физико-техническэй проблемаларын холбоһуктаах институтун генеральнай дириэктэрэ, Москватааҕы Саха Норуоттар икки ардыларынааҕы университет ректора, Саха Республикатын, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Дьокуускай куорат, Лоомтука нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпэриэнсийэ Мэҥэ- Хаҥалас улууһун оскуолаларын үөрэнээччилэрин түмтэ. Кэмпэриэнсийэ икки күн устата буолар. Бастакы күҥҥэ 246 үөрэнээччи наука араас хайысхатынан 15 сиэссийэҕэ арахсан чинчийбит тиэмэлэрин истиэндэнэн көмүскээтилэр. Барыта 38 эспиэр үлэлээтэ. Эдэр чинчийээччилэр эспиэртэргэ чинчийиилэрин, саҥа арыйыыларын, оҥорбут үлэлэрин бэрт чаҕылхайдык кэпсээтилэр, көмүскээтилэр. Бастакы күн түмүгүнэн, иккис күҥҥэ 182 үөрэнээччи ааста.