Василий Михайлов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы:
‒ Сахабыт сирин ньургуннара – ыаллыы Уус Алдан улууһуттан Алексей Неустроев уонна Сунтаар улууһуттан Филипп Евсеев Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты сүкпүттэрин бары олус үөрэ уонна киэн тутта иһиттибит. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кинилэргэ Дьоруой аатын дастабырыанньаларын туттарарыгар бэлиэтээн эппитин курдук, саха таҥкыыстара “Аҕа дойдуларын уонна норуоттарын кытта ыарахан мүнүүтэлэргэ чахчы да бииргэ буолалларын уонна көмүскүүргэ бэлэмнэрин” көрдөрдүлэр. Хоһууннарбыт ити аҕалбыт кыайыыларын, саха аатын үрдүктүк ааттаппыттарын иһин кинилэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит. Биир дойдулаахтарбыт уонна Дьоруойдарбыт үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэбит. Өрөспүүбүлүкэбит салалтатын хадатаайыстыбаларын ылынан, Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтэ буойуннарбытын Бэрэсидьиэҥҥэ үрдүкү наҕараадаҕа тиксэрэр туруорсууну түһэрбитин Владимир Путин ылынан, ити наҕараадаларын тус бэйэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин биир бэлиэ күнүгэр тиксэртээтэ.
Тыйыс усулуобуйалаах Саха сиригэр төрөөн-үөскээн улааппыт уолаттарбыт байыаннай эпэрээссийэ ыытылла турар сиригэр тиийэн ыарахантан чаҕыйбаттарын, кутталтан толлубаттарын көрдөрө сылдьаллар. Үлэҕэ кыра эрдэхтэриттэн эриллибит буоланнар, төрөөбүт айылҕаларыгар сылдьа үөрэнэннэр, сатыыллара элбэҕинэн, булугас өйдөрүнэн бииргэ сулууспалааччыларын сөхтөрөллөр. Дэлэҕэ да, уоппускаларыгар кэлбит саллааттарбыт кэпсииллэринэн, нуучча уолаттара илин лииньийэҕэ сахалар аттыларыгар сылдьа, кинилэри тутуһа сатыахтара дуо?! Аһаҕас халлаан анныгар хайдах туттан-хаптан сылдьалларын, арааһы тобулан толкуйдаан таһааралларын көрө сырыттахтара.
Дьоруойдарбытыгар этэҥҥэ сылдьан, кыайыы-хотуу көтөллөөх төрөөбүт тапталлаах Сахаларын сиригэр эргиллэн кэлэллэрин ис сүрэхпититтэн баҕарыаҕыҥ, алгыстаах санааларбытын аныаҕыҥ! Уус Алдан уонна Сунтаар улуустарын дьонугар-сэргэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтатын аатыттан уруй-айхал! Этэҥҥэ буолуоҕуҥ, эһэлэрбит-эбэлэрбит курдук Кыайыы аргыстаныаҕыҥ!