Уус Алдаҥҥа «Ыал тула сэһэн» норуот үөрэҕин кэмпириэнсийэтигэр 

Сэтинньи 27 күнүгэр Н.Д.Неустроев аатынан Бэдьимэ орто оскуолатын дэлэгээссийэтэ Уус Алдан улууһун Сыырдааҕар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Уус Алдан улууһугар Аҕа сылын чэрчитинэн, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ идэтийбит үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах гражданина, педагогическай наука дуоктара, профессор И.С.Портнягин аатынан  өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ыал тула сэһэн» норуот үөрэҕин кэмпириэнсийэтигэр  ситиһиилээхтик кыттан кэллибит.

Хайысхаларынан сэһэргэһиилэргэ сырыттыбыт. «Оҕону иитии, үөрэтии, такайыы (саха аймахха баар, билигин тирээн турар кыһалҕалар)” ХИФУ сэһэн хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ  Өндөрөй Саабынап сэһэргэһиитин иитээччи Евдокия Афанасьева иһиттэ. “Дьылҕаны сатаан салайыныы», “Экодухуобунас ‒ сайдыы саҥа үөрэҕэ”  норуот үөрэҕин тарҕатааччы, суруналыыс, суруйааччы Таьяна Жиркова  сэһэргэһиитигэр педагог-бибилэтиэкэр Александра Попова элбэххэ үөрэннэ. «Ыал үөрэҕэ» Чурапчы этнопедагога Александра Кириллина сэһэргэһиитин төрөппүт, педагог-психолог Любовь Захарова сэргээтэ. «Булт абылаҥа»  Бэрт Ууһун нэһилиэгин сорсуннаах булчута, “Дуолан” аҕа түмсүүтүн салайааччыта Василий Копырин сэһэргэһиитигэр 7 кылаас үөрэнээччитэ Арчын Захаров аҕатынаан Петр Петровичтыын көхтөөхтүк кытыннылар.

«Оҕо ‒ төрөппүт ‒ учуутал ситимэ”, «Олох төрдө дьиэ кэргэн» түһүлгэҕэ дьиэ кэргэн ситимнээх  дьарыгар олоҕуран бырайыак көмүскээһинигэр төрөппүт  Саргылана Андреева, 9 кылаас үөрэнээччитэ Лера Сергеева эбэтинээн кыттан 21 бырайыактан бастакы миэстэни ыллылар. «Кыраҕы харах, имигэс тарбах, тохтообот толкуй» хабылык, хаамыска күрэхтэһиитигэр Екатерина Попова сиэнэ Лералыын кыттан иккис миэстэ буолары ситистилэр. «Төрөппүккэ сүбэ» маастар-кылаас күрэһэр социальнай педагог Мария Плюк кытынна, төрөппүтү кытта билсэргэ араас сүбэлэри биэрдэ.

Кэмпириэнсийэ пленарнай чааһыгар ыалдьыт буолан «Дьөһүөл» бырайыакпыт уопутун билиһиннэрэн сэҥээриини ыллыбыт. Тэрээһин түмүгүнэн санаа атастаһыыта тэрилиннэ. Онон сырыыбыт сатанна, билиибитигэр билии эбилиннэ, саха оҕотун сахалыы иитии-такайыы  эйгэтэ тэнийэн иһэр.

Екатерина Попова. Бэдьимэ