Алтынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга ХИФУ научнай бибилэтиэкэтигэр поэт, прозаик, кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө “Иннокентий Сосины ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…” устудьуоннарга анаммыт түһүлгэ үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытылынна.
ХИФУ научнай бибилэтиэкэтэ киэҥ ис хоһоонноох быыстапка туруорбут. Бу 1995 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччытынан үлэтин саҕалаабыт И.М. Сосинныын 1999 с. эппиэт сэкирэтээринэн талыллан, 2007-2022 сс. салайааччынан үлэлээбит, билигин сүбэһитинэн сылдьар Августина Семеновна Владимирова-Хабарова суруйааччылары сырдатар, айымньыларын ыччакка тиэрдэр сыаллаах ааптарыскай бырайыагын 3-с тэрээһинэ буолар. Ааптар тэрээһини бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Манна Майатааҕы И.М. Сосин аатын чиэстээхтик сүгэр киин бибилэтиэкэттэн дириэктэр Марианна Никанорова, Аграфена Зыкова, Марина Трифонова, Светлана Федорова, суруйааччы олоҕун, айар үлэтин сырдатар “Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта” кинигэ ааптара, М.И.Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Ольга Дьяконова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, геокултуура сайдыытын үнүстүтүүтүн сүрүн исписэлииһэ Саргылана Адамова-Алтан Кыыс, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрдэрэ Полина Яковлева, Елена Ксенофонтова, ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүү салайааччыта, 1997 с. саха тылын салаатын Кыһыл дипломунан бүтэрбит Матрена Попова, суруйааччы кыыһа, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин информационнай киинин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Октябрина Сосина, Хотугулуу Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнүстүтүүт саха тылын кафедратын 3-с кууруһун устудьуоннара, о.д.а. кыттыыны ыллылар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук Суолатыттан төрүттээх биир дойдулаахпыт, 50-тан тахса кинигэлээх, 150-ча хоһоон ааптара, саха тыла чэлгийэ сайдарын туһугар кылаатын хаалларбыт суруйааччы туһунан киэҥник сырдатыллан проекторынан слайда оҥоһуллан көрдөрүлүннэ. Иннокентий Сосин 1995-2005 с.с. “Таммахтар” литературнай холбоһугу салайбыта. Кини уостан түспэт ырыалардаах ырыаһыт бэйиэт буолар. “Ыллыахпын баҕардахпына” (1998 с.), “Алаас ахтылҕаннаах ырыалара” (2011с.), Табаҕа ырыа куттаах уолаттарын туһунан “Үлэнэн кынаттанан, ырыанан алгыстанан” (2012 с.), “Чэйиҥ эрэ, ыллыах” (2018 с.) ырыанньыктара, “Остуоруйалаах киэһэлэр” (1995 с.), “Сахсаахаан” (2000 с.), В.Н. Порядин туһунан сэһэн-уочаркалаах “Хассыган төҥүргэһэ” (2012 с.), “Дойдум уһун үйэлээхтэрэ”, “Манчаары дохсун олоҕо оҕо хараҕынан” (2013 с.), “Лена Эбэбит кытылларыттан” (2021 с.), о.д.а. олох бары өрүттэрин, үлэһит дьонун сырдатар хоһоон, сэһэн кинигэлэрин суруйан хаалларбыта.
Майатааҕы И.М. Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ поэт хоһооннорунан “Мин Майам барахсан” дьүһүйүү аахтылар. Бибилэтиэкэ дириэктэрэ Марианна Никанорова сыл саҕаланыытыгар Иннокентий Сосиҥҥа ыытыллыбыт тэрээһиннэри сырдатта итиэннэ научнай бибилэтиэкэҕэ баар буоллун диэн 17 ырыа буолбут QR-кодтардаах хоһооннорун кинигэтин ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Полина Яковлеваҕа, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ Галина Тихонова (1987-2018 с.с.) сырдык кэриэһигэр анаан тахсыбыт кинигэни устудьуоннар ааҕалларыгар диэн научнай бибилэтиэкэ пуондатыгар бэлэхтээтэ. Полина Николаевна Яковлева Иннокентий Сосин кинигэлэрин кылгастык сырдатта. Сорох кинигэлэр бибилэтиэкэлэргэ да, атыыга да суохтарын ыйда. Майа бибилэтиэкэтин үлэһиттэрин үлэлэрин хайҕаата.
Бырайыак ааптара Августина Семеновна Иннокентий Сосинныын алтыспыт кэмнэрин ахтан-санаан сырдатта. Кини: “Иннокентий Михайлович миигин элбэххэ уһуйбут учууталым буолар. Ол курдук, кини “Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччытынан, мин сэкирэтээринэн үлэлиир сылларбытыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун айар-суруйар оҕолоругар “Күндээр” бырайыак суруйан 7 төгүл “Бичиккэ” таһаартарбытым. Онно 300-тэн тахса оҕолор айымньылара киирбиттэрэ. Кинилэртэн ырыаһыт Петр Кулаковскай, киинэ режиссера Константин Тимофеев, Майа тэлэбиидэнньэтин үлэһитэ Татьяна Филиппова, о.д.а. билигин бэйэлэрин суолларын-иистэрин тэлэн айымньылаахтык үлэлииллэр. Оҕолор сайдалларыгар анаан төрөппүттэр күүстэринэн хаһыакка таһаарбыт матырыйаалларын мунньан 20 кинигэни бэчээттэтэн таһаарбытым. 50-тан тахса сыл эрэдээктэринэн үлэлээбит Нина Иннокентьевна Протопопова өйөбүлүнэн “Кэскил” хаһыаты кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбиппит, эдэр кэрэспэдьиэннэри салайбыппыт. «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ” диэн ыытыллыбыт куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Граҥҥа кыттаммыт 6 путевканан наҕараадаланан оҕолор “Океан” лааҕырга баран сынньаммыттара. Итини этэн туран, учуутал буолар оҕолор, “Кэскил” хаһыаты кытта үлэлэһээриҥ диэн сүбэлиибин” диэтэ.
“Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччыта, 18 сылтан ордук кэмҥэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан тахсыылаахтык үлэлээбит, билигин култуура эйгэтигэр үлэтин саҕалаабыт Наталья Пахомова устудьуоннарга анаан: “Быйылгы сылга Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит, өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыллара биллэриллибиттэрэ. Бу Иннокентий Сосиҥҥа толору сөп түбэһэр. Онон бу тэрээһиҥҥэ инникитин учуутал буолар устудьуоннары илдьэ кэлбит учууталларбытыгар итиитик-истиҥник махтанабын. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ сүрдээх элбэҕи кэпсээтилэр. Ол эһиэхэ сотору кэминэн суолдьут Сулус буолан эргийэн кэлэн бу аудиторияҕа эһиги бэйэҕит кэпсии турар буолуоххут. Иннокентий Михайлович кинигэлэрин мин учууталлыыр сылларбар толору туһанным. Мантан остуолбар ууран турар кинигэбинэн буолар “Айылҕалыын алтыһан” диэн. Мантан эһиги элбэҕи билиэххит уонна мунчаарар, чуҥкуйар түгэммэр “Алааһым аргыс тыала” диэн кинигэтин ааҕабын. Тулаайах хаалан баран ийэтин, аҕатын туһунан тугу өйдүүрүн уонна төрөөбүт дойдутугар наһаа күүстээх тапталын, махталын, дьоно эппит кэс тылларын барытын манна суруйбута. Мантан “аҕам эппит кэс тыла” диэн күүстээх этиилэрин киһи уйадыйа ааҕар. “Олбу-солбу тойуктар” диэн кинигэттэн уоттаах сэрии ыар сыллара бэйиэт оҕо сааһын огдолуппутун, кини хараҕар бу ыарахан хартыына барыта баарын билэбит. Кини хоһоонноро иһиттэн иэйэн, дьиҥнээхтик бэйэтиттэн тахсан суруллубут хоһооннор. Өлөөнө эмээхсин уобараһын хараххытыгар оҥорон көрүҥ. Ийэ барахсан 3 уолун сэриигэ атааран баран кураанах, оҕото суох, суол төрдүгэр хара былааттаах олорор” диэн баран 1989 с. суруллубут “Өлөөнө эмээхсин” хоһоону иэйиилээхтик аахпытын уйадыйа иһиттибит.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, геокултуура сайдыытын үнүстүтүүтүн сүрүн исписэлииһэ Саргылана Адамова-Алтан Кыыс устудьуоннарга элбэх сүбэлэри биэрдэ. Сахалыыттан нууччалыы тылбааска ылсан үлэлииллэригэр баҕа санаатын тиэртэ.
ХИФУ саха салаатыгар үөрэнэр сылларыгар “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүгэ дьарыктаммыт, салгыы магистратураҕа үрдэтинэн культурологияны бүтэрбит Артем Осипов маннык тэрээһин ыытыллыбытыгар “Таммахтар” литературнай холбоһук сүбэһитэ, “Иннокентий Сосины ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…” бырайыак ааптара Августина Владимирова-Хабароваҕа махтанна итиэннэ Иннокентий Сосин “Лена вальса” хоһоонун дорҕоонноохтук аахта.
Хотугулуу Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнүстүтүүт саха тылын кафедратын 3-с кууруһун устудьуоннарын аатыттан эдэр суруналыыс, “Кэскил” хаһыакка үлэлээбит, “Саха сирэ” хаһыакка үлэлэһэр, Саргылана Адамова бырайыагын кыттыылааҕа Эльдар Садовников санаатын үллэһиннэ:
- Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүү хамсыгынан тохтуу сылдьыбытын ааспыт сылтан сөргүтэн саҥа тыынынан үлэлэтэн эрэбит. Эйгэлээх дьон буоларбыт быһыытынан бу биһиэхэ чугас тэрээһиннэри ыытар тыа сирин дьоно, оскуолата, култуураларын тэрилтэлэрэ үрдук таһымнаахтарын бэлиэтии көрөммүт олус сөҕөбүт. Иннокентий Сосин айымньыларын оҕо эрдэхпититтэн истэн-билэн кэлбиппит. Ол гынан баран эһиги биһиэхэ ырааҕы чугаһаппыккытыгар махтанабыт. Мэҥэ Хаҥаластан тахсыбыт дьон көннөрү киһи бэлиэтии көрбөтүн улуу дьыалаҕа кубулутан кэбиһэллэр. Ол дьыалалара хас да көлүөнэ тухары барар. Иннокентий Сосин оннук киһи эбит, Мэҥэ Хаҥалас сирин-уотун салгынын иҥэринэн тахсыбыт улуу киһи буолар. Биһиги ыччаттар эһигини көрөн үөрэнэбит, ситим куппут салҕанан барарыттан үөрэбит. Эһигиттэн барытын сомсо олордубут. Тыа сирин дьоно Дьокуускайга, Саха сирин тэбэр сүрэҕэр үрдүк үөрэх кыһатын оҕолорун мунньан элбэх саҥаны арыйбыккытыгар өссө төгүл махтанабыт. Бырайыак хаһан да тохтооботун. Хоһооннору олус үчүгэйдик ааҕаҕыт, маннык тэрээһиннэр улахан суолталаахтар, хас биирдиибит маннык тарҕата сылдьарбыт көдьүүстээх эрэ буолуоҕа. Бу ааһан хаалбат, биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэн инники үлэбитигэр туһаныахпыт турдаҕа.
“Иэйии” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ чилиэнэ, педагог идэлээх Наталья Сергеева-Аана Кыыһа “Саха тыла – мин баайым” диэн оҕолорго анаабыт бэйэтин хоһоонунан, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, «Эркээйи” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, “Таммахтар” литературнай холбоһук көхтөөх кыттыылааҕа Елена Прокопьева «Үтүө бэйиэт Киэсэ Суосун” диэн анабыл хоһоонноох кэлэн кытыннылар. “Таммахтар” литературнай холбоһук биир көхтөөх кыттыылааҕа, Саха сирин суруйааччыларын сойууһугар ааспыт сылга ылыллыбыт Инна Николаева-Угинка суруйааччыга махтанарын эттэ. Инна Николаевна саҥа суруйбут хоһооннорун ырытан баран Иннокентий Сосин “Хоһоонноруҥ тыыппалаах эбиттэр” диэн бэлиэтээн эппит. Онтон кынаттанан Инна Николаева бу күҥҥэ диэри 9 кинигэни таһаартаран, онтон 6-та оҕолорго аналлаах хоһооннор буолалларын сырдатан туран И.М. Сосин “Сахам дьонун”, “Күндү дойду” хоһооннорун аахта.
Суруйааччы кыыһа, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин информационнай киинин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Октябрина Сосина тэрээһин бары кыттыылаахтарыгар махтанна: “Бу тэрээһин манна ыытыллыбытыгар ордук үөрдүм. Ол курдук, аҕам оскуоланы бүтэрэн баран педагогическай үнүстүтүүт саха тылыгар салаатын бүтэрэн учуутал буолбута. Олоххо бастакы хардыытын мантан саҕалаабыта. Манна устудьуоннуу сылдьан хаһыаттарга ыстатыйа суруйан ыыталыыра. Бу матыыпка хоһоонно суруй диэн көрдөһөннөр, ”Биригэдьиир Марыына” ырыаны ол кэмнэргэ суруйбут. Устудьуоннар, бары кыттыбыт дьон көхтөөхтөрүттэн үөрдүм. Аҕам киһи быһыытынан олус боростуой киһи этэ. Кырдьаҕас буоллун, оскуола оҕото буоллун, барыларын кытта тэҥнээхтэрин курдук кэпсэтэрэ. Ол иһин кинини кытта алтыспыт дьоҥҥо оннук сыһыан хаалбыт. Сорох кинигэлэрэ 5000, сорохторо 15000-ҕа тиийэ ахсаанынан тахсыбыттара уонна билигин бибилэтиэкэлэргэ эрэ хаалбыттар, чараас хахтаах “Өлүөнэ Эбэм кытылыгар” кинигэни толкуйдаан баран хаттаан таһаартарбыппыт, уруккутунан эрээри Майа уонна Амма оскуолаларын оҕолоро уруһуйдаабыттара. Манна киирбит дьоннор оҕолоро, сиэннэрэ хамсык кэмигэр онлайн презентацияҕа кыттыбыттара. Аҕабыт ырыата сотору-сотору ылланар. “Тус хоту”, “Мэттэкэ-тэттэкэ”, о.д.а. хоһоонун ааптара ким буоларын эппэттэр, баҕар ким суруйбутун билбэттэриттэн да буолуо. Билигин саха тылын салаатыгар үөрэнэр оҕолор итинник түгэннэри көрөн-билэн, болҕомтоҕутугар ылан дьоҥҥо тиэрдэргит буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ. Сорох айымньылара Арассыыйа антологиятыгар тылбаастанан киирдилэр. Кыра оҕолорго аналлаах кэпсээннэрэ нууччалыы тылбаастанан тахсан иһэллэрэ буоллар ааҕааччы киэҥ эйгэтин хабыа этилэрэ. Тэрийбит дьоҥҥо улахан махталбын тиэрдэбин. Аҕам сөбүлээн этэринии, бары дьоллоох буолуҥ, дьонноох буолуҥ» диэн түмүктээтэ.
Августина Владимирова-Хабарова ааспыт сыл алтынньы 14 күнүгэр СГУ-гар устудьуоннуур сылларыгар “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүү салайааччытынан үлэлээбит биир дойдулаахпыт Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн 95 сылынан, онтон иккис тэрээһини сэтинньи 11 күнүгэр Муоматтан төрүттээх убайыгар, саха дьонун уоһуттан түспэккэ ылланар “Ийэҕэ махтал” ырыаны суруйбут Тихон Егорович Черемкин-Толомон 80 сылынан устудьуоннарга анаан научнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрин өйөбүллэринэн бастакы, иккис бырайыактарын тэрийэн ыыппыта. Бырайыак ааптарын бу тэрээһиннэриттэн элбэх саҥа билиини сомсон инники үлэлэригэр төһүү күүс буолар диэн устудьуоннар биһирииллэрин биллэрдилэр. Бу курдук “Иннокентий Сосины ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…” бырайыагынан ыытыллыбыт тэрээһин бары кыттыылаахтара астынан, бэйэ-бэйэлэригэр махтанан тарҕастылар.
Марелла Баишева.