«Уруйдан олоҥхо оһуордаах тыла”

Кулун тутар 4 күнүгэр А.Е.Зыкова аатынан Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киин «Уруйдан олоҥхо оһуордаах тыла» диэн уһуйааннар икки ардыларыгар буолбут улуустааҕы куонкуруһу иккис төгүлүн тэрийэн ыытта.

Куонкурус саха норуотун сүдү баайын олоҥхону үйэтитэр, нэһилиэнньэни олоҥхону толорууга көҕүлүүр, төрүт үгэһинэн толорууну сөргүтэр уонна утумнуур сыаллаах, соруктаах. Көрөөччүлэр уонна дьүүллүүр сүбэ сыанабылынан үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. 50 уһуйаан үлэһиттэрэ кытыннылар. Бөлөҕүнэн толорууга Төҥүлү “Олимпионик” Р.А.Кулаковскай “Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор” (салайааччы М.И.Сидорова), Төхтүртэн “Мичил” уһуйаантан «Ситим» айар бөлөх толоруутугар И.Бурнашев “Сылгы Уола Дыырай Бөҕө” (салайааччы А.Н.Верховцева), Майатааҕы “Сардаана” оҕону сайыннарар киин үлэһиттэрин толоруутугар С.Иванов “Хара Буурай аттаах Хорсун Хоодуот Хатан Боотур” (сал. Т.А.Шестакова, Ю.С.Сидорова), Майатааҕы «Мичил» уһуйаан Н.Абрамов–Кынат “Ньургун Бөҕө” (сал. Е.П.Иванова), А.А.Пахомов аатынан Тиэлигитээҕи оскуола-саад үлэһиттэрин толоруутугар П.Е.Решетников–Көһөҥө Бүөтүр “Күөнэ Көҕөччөр аттаах Күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” (сал. Т.А.Кириллина) олонхолорун толордулар.

Биирдиилээн толорууга Мария Уварова “Чэчир” Бүтэйдээхтээҕи оҕону сайыннарар киин “Эрчимэн Бэргэн” С.Васильев олоҥхотуттан быһа тардыыны, Айталина Верховцева Төхтүрдээҕи “Мичил” уһуйаан иитээччитэ Билгэ‒Игнатьев “Кэхтэри билбэтэх Уолан Эрилик” олоҥхону толордулар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна А.И.Слепцова, улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетыттан Н.Г.Пахомова, Майатааҕы «Кэскил» киинтэн логопед-учуутал А.С.Брызгалова үлэлэстилэр.

Тэрээһини “Айыллыат” түмсүү П.Ядрихинскай “Модун Эр Соҕотох” (сал. Е.П.Семенова)  уонна ини-бии Дархан, Айдын Жирковтар П.А.Ойуунускай, «Дьулуруйар Ньургун Боотур», Н.И.Степанов‒Ноорой “Күн Эрили” олоҥхолорун толорон  киэргэттилэр.

Үс чаас устата олоҥхобут тохтообокко дуораһыйда. Дьүүллүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ түмүккэ хас биирдии бөлөҕү, толорооччулары ырытан сүбэлэри, туохха болҕомто уурары бэлиэтээтэ. Ордук чорботон бырайыак сөптөөҕүн, ийэ тылбыт олоҥхоҕо түмүллэн сылдьарын, хас биирдии уһуйаан үлэһитэ кырачааннарбыт сахалыы ийэ тыллларынан саҥараллара уһуйаантан саҕаланарын эттэ, махтанна. Кыттыбыт олоҥхоһуттарга барыларыгар анал аат, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар. Эһиил өссө кэҥээн элбэх киһини хабан олоҥхо алыптаах эйгэтигэр киллэрэн иһэрбитигэр баҕа санаатын тиэртэ.

Лена Потапова.