УЛУУСПУТУН ЧИЭСТЭЭХТИК КӨМҮСКЭЭТИЛЭР

Балаҕан ыйын 26‒27 күннэригэр Дьокуускайга Саха сирин дьахталларын VIII ыспартакыйаадалара ыытылынна. Бу чааска тыҥааһынаах күрэхтэһиилэр түмүктэрэ тахсан бастыҥнар ааттаннылар. Ыспартакыйаадаҕа өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан кэлэн уопсайа 23 хамаанданан 649 кыттааччы кытынна.

Хамаандалар успуорт тоҕус көрүҥэр күрэхтэстилэр, Балаһыанньаҕа олоҕуран, бастыҥ көрдөрүүлээх алта көрүҥ очукуолара  ааҕыллан, уопсай түмүк таһаарылынна.  ГТО, саахымат, дуобат, буулдьанан ытыы, сахалыы остуол оонньууларыгар, остуол тиэнниһигэр, чэпчэки атлетикаҕа саастарынан арахсан биирдии хамаандаттан үстүү киһи кытынна.  Хамаанда састаабыгар 18‒40, 40‒54, 55-тэн үөһээ саастаахтар киирэн  күрэхтэстилэр. Итини таһынан  аэробикаҕа уонна волейболга хамаанданан күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

Икки күннээх тоҕус көрүҥҥэ тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн 23 хамаандаттан биһиги улууспут хамаандата  эриэ-дэхси ситиһиилээхтик кыттан Дьокуускай куорат кэнниттэн иккис бириистээх миэстэни ылары  ситистэ. Үһүскэ Таатта улууһун хамаандата таҕыста. Уус Алдан төрдүс, Чурапчы бэһис, Бүлүү алтыс, Ньурба сэттис, Нам үһүс, Амма тохсус, Сунтаар онус миэстэлэннилэр.

Мэҥэ Хаҥалас хамаандата аҕыс көрүҥҥэ кыттан чэпчэки атлетикаҕа бастакы, сахалыы остуол оонньууларыгар иккис, ГТО-ҕа уонна волейболга үһүс, саахымакка төрдүс, остуол тиэнниһигэр бэһис, дуобакка алтыс, буулданан ытыыга уон бэһис миэстэлэри ылла. Итинтэн зачекка алта бастыҥ көрдөрүү түмүгүнэн 18 очукуо ааҕылынна.

Улууспут аатын өрөспүүбүлүкэ түһүлгэтигэр дорҕоонноохтук ааттаппыт спортсменнарбытын, кинилэр тириэньэрдэрин уонна хамаандабыт ситиһилээхтик кыттыытын тэрийсибит, күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьоммутугар барыларыгар истиҥ эҕэрдэ! Инникитин да кыайыылар-хотуулар тосхойо турдуннар!

Алена ДОКТОРОВА.