Майаҕа ахсынньы 6 күнүгэр Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр “Мэҥэ сиригэр олоҥхо дуорайар” Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Олоҥхо ыйын түмүктүүр улахан тэрээһин “Аан дойду эпостара олоҥхо дойдутугар” диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ-бэстибээл чэрчитинэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Манна Аль-Фараби аатынан Казахскай национальнай университет профессора, филологическай наука доктора Булдыбай Аварбай Сагиулы, Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ, норуодунай артыыс, муусукаан, “Улгэр” ырыа уонна үҥкүү ансаамбылын уус уран салайааччы Кучен Ай Чарых Сайын, Башкортостантан Загир Исмагилов аатынан ускуустуба институтун 3-с кууруһун устудьуона, “Мирас” ырыа уонна үҥкүү оркестрын артыыһа, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара, 2022 с. сэһэнньиттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарын Гран при хаһаайына Узянбаев Мирас Нурович, Алтай Өрөспүүбүлүкэтин БУ РА “Республиканский центр народного творчества” старшай научнай сотруднига, филологическай наука кандидата Наева Алевтина Ивановна, Кыргыстантан филологическай наука кандидата, наука национальнай академиятын Ч.Айтматов аатынан тыл уонна литэрэтиирэ институтун научнай сотруднига Исаева Асель Кинешбековна ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар.
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, алгысчыт Петр Максимович Тихонов-Тэрчи аал уотун оттон алаадьынан айах тутта итиэннэ тойук туойан тэрээһин кыттыылаахтарын арчылаата. “Кыталыына” үҥкүү ансаамбыла сиэр-туом үҥкүүтүн толордулар.
Тыйыс тымныылаах Сахабыт сирин кыһынын тоҥмокко туоруур түүлээх истээх мааны саҕынньахтарын толору кэмпилиэгин СӨ норуотун маастара Надежда Сергеева салайааччылаах «Уран Майа” иис түмсүүтүн кыттыылаахтара таҥнан-симэнэн долгулдьуһа хааман көрүөхтэн кэрэ көстүүнү бэлэхтээтилэр. Дьэ, кырдьык даҕаны, биһиги уустарбыт-иистэрбит мындыр өйдөрө, уран толкуйдара, сатабыллаах илиилэрэ оһуор-дьарҕаа ойуулаан оҥорон-чочуйан кэбиспиттэрэ уратытын!
Биир дойдулаахтарбыт, олоҥхобутун аар саарга аатырдыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан олоҥхоһуттара, Ил Дархан гранын анал стипендиаттара Томтортон Петр Тихонов-Тэрчи, Лоомтукаттан Виталий Никифоров, Майаттан Станислав Иванов, Ульяна Ефремова, Аллараа Бэстээхтэн Аксинья Степанова, Айталина Васильева, Төхтүртэн Айталина Верховцева, Мусьяна Аммосова, Табаҕаттан Парасковья Лебедева үрдүк сыанаттан көлүөнэнэн олоҥхону толорбуттара көрүөхтэн кэрэ, истиэхтэн эриэккэс буолла.
Аан дойду барҕа баайа буолбут Олоҥхобутун үйэтитиигэ, тарҕатыыга, үүнэр көлүөнэ ыччакка иҥэриигэ туруулаһан үлэлиир салайааччыларбыт: улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччы Анна Исакова, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Февронья Шишигина, өрөспүүбүлүкэтээҕи геокултуурунай сайдыы институтун сүрүннүүр исписэлииһэ Саргылана Адамова, саха төрүт үгэстэрин сиэрин-туомун, ырыатын-тойугун чинчийээччи Варвара Обоюкова, “Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ” норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Евдокия Иванова сыанаҕа тахсан Олоҥхо ыйа түмүктэнэр тэрээһинэ үүммүтүнэн эҕэрдэ тыл эттилэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччы Анна Исакова:
- Быйыл Олоҥхо дьиэтэ тэриллибитэ 10 сыла буолар. Онон Олоҥхо дэкээдэтэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны киэҥ далааһыннаахтык уонна дириҥ ис хоһоонноох сэтинньи 1 күнүттэн саҕаланан, дэкээдэ эрэ буолбакка, ый устата ыытылынна. Манна күннэтэ кэриэтэ уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ араас күрэхтэр, быыстапкалар, дьиэ кэргэнинэн олоҥхолооһун, төгүрүк остуоллар, араас кэпсэтиилэр, о.д.а. улахан тэрээһиннэр ыытылыннылар. Күн бэҕэһээ Дьокуускай куоракка икки күннээх “Аан дойду эпостара олоҥхо дойдутугар” диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-практическай пуорум тэриллэн ыытылынна. Манна олоҥхобутун хайдах салгыы сайыннарабыт, үйэтитэбит диэн олус үчүгэй кэскиллээх кэпсэтиилэр буоллулар. 20-тэн тахса улуустан олоҥхо тула айымньылаахтык үлэлиир дьоммут-сэргэбит мустан санааларын эттилэр. Манна ыалдьыттарбыт тэрээһиммит суолтатын олус үрдэттилэр, байыттылар, — диэтэ итиэннэ ыалдьыттарга туһаайан нууччалыы тылынан бүгүҥҥү тэрээһини сырдатта, бу кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылбыттарыгар махталын биллэрдэ итиэннэ сайын ыһыахха кэлэллэригэр ыҥырда.
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо ассоциациятын салайааччы Февронья Шишигина:
- Мэҥэ Хаҥалас куруутун төрүт култуураҕа, тылга сыһыаҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолар улуус. Ону бүгүҥҥэ диэри салгыы сылдьаргытыттан астынабын уонна салҕанан барарыгар эрэнэбин. 2011 с. бастаан Олоҥхо ыһыаҕын Наахараҕа ыһан турабыт. Онтон ыла сыллата үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, атын улуустар эмиэ ыытар буолан эрэллэр. Олоҥхо ыйын өрөспүүбүлүкэҕэ эһиги бастакынан ыыттыгыт. Бу 14 чыыһылаҕа Чурапчыга олоҥхо педагогикатыгар кэмпириэнсийэ буолуоҕа. Ол түмүктүүр тэрээһиҥҥэ үөрэх үлэһиттэрэ тиийэн Мэҥэ Хаҥаласка олоҥхо педагогиката хайдах үлэлии турарын билиһиннэриэххитин наада. Бу күннэргэ Таатта улууһа бэйэтин дорҕоонноохтук ааттата сылдьар. Кинилэр култуурунай образовательнай кластер үлэлэппиттэрэ 10-ча сыл буолла. Хас нэһилиэк аайы олоҥхоһут оҕолор, улахан дьон бөлөхтөрө баар буолла, салайааччылар, тимир уустара, мас уустара, о.д.а. бөлөҕүнэн олоҥхолуур буоллулар. Олоҥхону, төрүт үгэстэри өрө тутууну киллэрэннэр, Таатталар билигин нэһилиэнньэни кытта үлэлэрин күүскэ ыыта олороллор. Олоҥхону, төрүт үгэстэри кытта үлэ – бу идеология үлэтэ. Билигин олоҥхобут, төрүт үгэстэрбит тула мунньустан дьоммутун биир сүрүҥҥэ киллэрэ сылдьабыт, өйбүтүн-санаабытын түмэбит, ыччаттарбытын, оҕолорбутун иитэр ньыма оҥоһуннубут. Саха тыла мөлтөөбүтүн билэбит. Онно үйэлэри уҥуордаан кэлбит олоҥхобутун тирэх оҥостоммут, үгэстэрбитин көрдөрөр ыһыахтарбытын тэрийэн, төрүт култуурабытын сүтэрбэт ньыма, албас оҥостоммут үлэлиэх тустаахпыт. Өксөкүлээх сүрдээх улахан култууралар кэлэннэр барытын ыйыстыахтара, барытын сабардыахтара диэн этэн турар, онно биһиэхэ тылбытын, култуурабытын быыһыыр суолбут олоҥхобут буоларын өйдүөх тустаахпыт. Онон бу үлэни тэнитэр суолу тобулан үлэлиэҕиҥ, — диэн ыҥырда. Кини улуус олохтоохторугар олоҥхону үйэтитиигэ үлэлэрин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, култуура миниистирэ Афанасий Ноев улахан махталларын тиэрдэллэрин эттэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр геокултуурунай сайдыы институтун сүрүннүүр исписэлииһэ Саргылана Адамова:
- Өрөспүүбүлүкэҕэ күн бүгүн барыта 11 олоҥхо ситимигэр 11 дьиэ киирэн үлэлии сылдьар. Олортон биирдэстэринэн Мэҥэ Хаҥаластан Аллараа Бэстээх Олоҥхо дьиэтэ 2019 с. үлэлээн-хамсаан кэллэ, норуоттар икки ардыларынааҕы элбэх научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, симпозиумнарга кыттаннар бырайыак суруйан граҥҥа кыайыылаах тахсыбыттара. Кинилэр куруутун инники сылдьан барыларыгар маяк буолан сандаардыннар диэн алгыспын аныыбын.
Саха төрүт үгэстэрин сиэрин-туомун, ырыатын-тойугун чинчийээччи Варвара Обоюкова:
- Учууталым Гаврил Гаврильевич Колесов биир дойдулаахтарын бу Олоҥхо ыйа үрдүк таһымнаахтык түмүктэнэн эрэринэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин. Ленинград куоракка П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото 9 пластинканан тахсыбыта быйыл 55 сылын туолар. Ону сэргэ, бу 9 пластинкаҕа тыыннаах куолаһын устубут Любимов 85 сааһын туолла. Олоҥхобут Аан дойду барҕа баайа буолуоҕуттан 17 Олоҥхо ыһыаҕын ыстыбыт. Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас олоҥхотун дьиэтэ эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы улахан научнай-практическай пуоруму уонна бэстибээли тэрийэн ыыппыта. Бу олоҥхо ыһыахтарын биир үтүө түмүгүн курдук көрөммүт, кинилэртэн холобур ыламмыт өссө үрдүк таһымҥа тахсарга кыһаллыахтаахпыт. Биһиги саха ырыатын-тойугун аар саарга аатырдыбыт уонна үйэтин тухары саха ырыатын-тойугун өрө туппут Гаврил Колесовпыт үтүө аатын үбүлүөйтэн үбүлүөйгэ эрэ буолбакка, хаһан баҕарар өрө тута сылдьар улахан соруктаахпыт. Олоҥхо дьиэтин үлэтэ, кини хайдах таһымнааҕа хайдах үлэһиттэрдээҕиттэн көстөр, өрөспүүбүлүкэ бары олоҥхонон дьарыктанар дьонун үтүө үгэһин ким да өссө хатылыы илик. Бу олоҥхо дьиэтэ Манньыаттаах киэҥ нэлэмэн сиригэр сайын аайы ыытар түөлбэ олоҥхотун, оһуохайын уратыларын тута сылдьар уонна билиҥҥи турукка бар дьоҥҥо, атын улуустарга холобур буолар. Ааҕан сиппэт элбэх ситиһиилэрдээх Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ олоҥхону толорооччулары, сэргээччилэри өссө да иитэ, үөрэтэ турдун диэн Евдокия Николаевнаҕа махталбын биллэрэбин. Бүгүн бу сыанаҕа олоҥхону толорор кэскиллээх эдэр ыччат элбэҕиттэн уонна муусука коллеһыгар үөрэппит оҕом Парасковья Лебедева баарыттан үөрдүм, долгуйдум, — диэтэ.
“Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ” норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Евдокия Иванова:
- Олоҥхону чинчийээччилэрбит, уһуйааччыларбыт, тарҕатааччыларбыт, толорооччуларбыт, истээччилэрбит, дьэ, Олоҥхобут ыйа түмүктэнэр күнэ үүммүтүнэн барыгытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бары өрө көтөҕүллэн туран түмсүүлээхтик ылсан үлэлэһэргитигэр, икки өттүбүтүгэр кынат буолан туран өрө таһаара тураргытыгар махталбын тиэрдэбин. Бу күннэргэ Дьокуускайга 2 күннээх “Аан дойду эпостара олоҥхо дойдутугар” үлэбит түмүктэнэр күнэ үүннэ. Биһиги улууска Олоҥхо дьиэтэ 2019 сылтан үлэлээбитин тухары уопутун мунньан, алтыһар дьоммутун – учуонайдарбытын, фольклористарбытын, бэйэлэрин эпостарын толорор дьоммутун ыҥыран аҕаламмыт бу пуоруммутугар кытыннараммыт таһыммытын өссө үрдэтэн биэрдибит. Эрэгийиэннэр икки ардыларыгар диэн тэрийбиппит аан дойду таһымнаах буолан тахсыбытыттан өссө үөрэбит. Ол аата биһиги саҥа үрдэлгэ, саҥа сайдыыга таҕыстыбыт. Бары саҥаны Мэҥэлэр эһиги саҕалыыгыт, онон кырдьык даҕаны, Мэҥэлэр — хайа үрдүгэр эбиккит диэн биһигини үөртүлэр. Бу биһиги дьоммут-сэргэбит, улууспут салалтата, култуура сайдыытыгар үлэлиир дьоммут көмө буоланнар араас хайысханан үлэлиибит.Пуорумҥа 22 улуустан араас былаһааккаларынан 300-тэн тахса киһи кытынна. Бэстибээл ыыттыбыт. Манна олоҥхону толоруу, норуот үнүстүрүмүөннэригэр оонньуур күрэхтэр ыытылыннылар. Ону таһынан медитация диэн саҥа сүүрээни киллэрэн, норуот маастара Руслан Габышев бэйэтэ оҥорбут үнүстүрүмүөннэригэр оонньоон, хомус мусуойун исписэлииһэ, Мэҥэттэн төрүттээх Туйаара Жиркова, М.Н.Жирков аатынан муусука училищетын уһуйааччыта Варвара Степанова буолан медитация оҥороннор дьон дуоһуйан барда.
- Тюрк омуктарбытын бэйэбит тула түмэ туруохпут. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр фольклор оскуолатын тэрийии диэн киириэҕэ. Бу резолюцияҕа барыта киирэн олоххо киириэ. Бу күннэри ыытыыга өрөспүүбүлүкэбит бары тэрилтэлэрэ, бары салайааччыларбыт көмөлөстүлэр, — диэн махталын тиэртэ.
Евдокия Николаевна ыалдьыттары ыҥыран олохтоохторго билиһиннэрдэ.
Хардатын ыалдьыттар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин эттилэр. Казах ыалдьыта Булдыбай Аварбай Сагиулы:
- Василий Илларионов, Гаврил Колесов курдук улуу дьон олорбут ытык сирдэригэр кэлэн бэстибээлгэ кытта турарбытынан астынабын. Гаврил Колесовка домра бэлэхтээбитим, дьиэбэр 5 пластинката баар. Эһиги тылгытын 60 % өйдүүбүн. Эпос – норуот дууһата, духуобунай баайа буолар, маны норуоттан хайдах да кыайан былдьаан ылбаккын. Саха норуота баарын тухары олоҥхо баар буолуоҕун, олоҥхо баарын тухары саха норуота баар буолуоҕун көрөн итэҕэйдим. Олоҥхону араас эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон толорор, бу аата дьиҥнээх фольклор буолар. Саха норуотугар дьолу-соргуну баҕарабын, — диэтэ.
Кыргыстантан кэлбит ыалдьыппыт Исаева Асель Кинешбековна “Эпостарбыт олус баайдар, киэҥ ис хоһоонноохтор. Кыыс Дэбилийэ олоҥхону үөрэтэн баран норуот туһунан билиэххин баҕардаххына кини көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит эпоһын билиэхтээххин диэн анаалыс оҥостубутум. Саха олоҥхотун салгыы үөрэтэргэ интэриэс үөскээтэ. Манна тыыннаах толорууну истэн олус кэрэхсээтим, элбэҕи өйдөөтүм”, — диэн махталын тиэртэ.
Алтайтан сылдьар ыалдьыт Наева Алевтина Ивановна: “Алтай бырабыыталыстыбатын аатыттан Саха сирин олохтоохторугар итии төлөннөөх эҕэрдэ! Арассыыйа бырабыыталыстыбата национальнай өрөспүүбүлүкэлэр бэлиитикэлэрин өйөөн ааспыт сылы култуурунай нэһилиэстибэ сылынан биллэриллибитэ үтүө түмүктэри аҕалла. Мин эһиги култуураҕытын үрдүктүк тутан сайыннара сылдьаргытын көрөн олус үөрдүм”, — диэн туран бэйэтин тылынан алгыс көтөхтө итиэннэ култуура киинин дириэктэригэр Екатерина Ефремоваҕа өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.
Башкортостантан сылдьар ыалдьыт Узянбаев Мирас Нурович икки өттүттэн бырабыыталыстыбаларбытыгар, Ил Дархаҥҥа төрүт култуурабытын тута сылдьарбытыгар махталын тиэртэ итиэннэ курай үнүстүрүмүөнүгэр башкир омук маршын толорон, Хакасияттан сылдьар ыалдьыт Кучен Ай Чарых Сайын хабарҕа ырыатынан эҕэрдэлээтилэр.
Олоҥхо ыйын түмүктүүр кэнсиэр ураты истиҥ тыынынан барда. Майатааҕы “Мичил” уһуйаан иитиллээччилэрэ Алина Холмогорова, Айна Кириллина, Айсена Константинова Олесь Максимов “Үрүҥ дьоруо аттаах Быырай Бухатыыр” олоҥхотун (сал.Евдокия Петровна Иванова), “Кэрэли” эбии үөрэхтээһин уһуйуллааччылара, В.П.Ларионов аатынан орто оскуола 7 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон (сал. Анастасия Слепцова), ини-бии Дархан уонна Айдын Жирковтар, Догдоҥо нэһилиэгин оскуолатыттан “Ноорой сиэннэрэ” бөлөх ( салайааччылар Валентина Кривошапкина, Ульяна Ефремова) “Күн Эрэли”олоҥхоттон быһа тардыыны доллоһута толоруулара истибити эрэ сэргэхситтэ, дуоһута сэҥээртэ. В.П.Ларионов аатынан орто оскуола 7 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ “Чугдаар” хомус бөлөҕө, Бүтэйдээх нэһилиэгин чабырҕахсыттарын “Дьүөгэлиилэр” бөлөх (сал.Анастасия Матвеева кыттаннар көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин иитиллээччилэрин “Тэтим” дорҕоон бөлөҕүн (сал. Капиталина Семенова, Наталья Андреева) күпсүүргэ толоруутугар «Бухатыыр айана”, “Сайар Саха” улуус фольклорун бөлөҕүн сэргэ ыалдьыттарбыт кыттыылаах хомуур бөлөх сахалыы үнүстүрүмүөннэринэн сахалыы матыыптары толоруулара киэҥ сэҥээриини ылла, тэрээһин суолтатын үрдэттэ. Дьоро киэһэни Наталья Пахомова үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыытта.
Олоҥхо дуорайар туонатыгар, устар ууну сомоҕолуур уран тыл түһүлгэтигэр айар талаан эгэлгэтэ алмаас таастыы күлүмүрдээтэ. Үүнэр көлүөнэ ыччаппыт хас эмэ үйэни уҥуордаан кэлбит олоҥхону уостан уоска түһэрэн үөрэтэ, тарҕата сылдьалларын тухары саха норуота өлбөт-сүппэт аналлааҕын ыраахтан кэлбит ыалдьыттарбыт бэлиэтээтилэр. Олоҥхо дьоро киэһэтиттэн көрөөччүлэр астынан, махтанан тарҕастылар.
Марелла Баишева.