Улууспут эр дьонун түмсүүтэ тэрилиннэ

Алтынньы 25 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинигэр улууспут эр дьонун түмсүүтүн бастакы тэрээһинигэр бары нэһилиэктэртэн эр бэртэр муһуннулар.

Көрсүһүү аһаҕас санаа атастаһыыта, түмсүү үлэтин инники былааныгар этиилэри киллэрии мунньах быһыытынан барда. Биллэн турар, уол оҕону иитии боппуруоһугар үгүс киһи тохтоото. Ол курдук, уолаттары муҥха, куйуур, булт, сүөһүнү астааһын, илиинэн үлэ сатабылларыгар, чөл олоххо уһуйуу, оҕону иитиигэ үөрэх эйгэтигэр эр дьон оруолун туһунан санааларын эттилэр. Ону тэҥэ смартфон, интернет үйэтигэр оҕону кытта элбэхтик алтыһыы, спордунан дьарыктыыр наадатын бэлиэтээтилэр. Мунньах түмүктүүр чааһыгар түмсүү бэрэссэдээтэлинэн улууспут баһылыгын Дмитрий Иванович Тихоновы, солбуйааччытынан Майа сэлиэнньэтин баһылыгын Алексей Иннокентьевич Неустроевы таллылар.

Мунньахха нэһилиэк баһылыктара, аҕам саастаах, үлэ араас эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммут, уопсастыбанньыктарбыт кытыннылар итиэннэ оскуола үөрэнээччиллэрэ кэлэн истибиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Улуус эр дьонун түмсүүтэ тэриллэн, былааннаах уонна биир ситимнээх үлэ ыытыллан, кэнчээри ыччаппыт хорсун-хоодуот, үлэттэн чаҕыйбат, инники күөҥҥэ сылдьар, дойдубут туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, туруулаһан үлэлиир-хамсыыр дьон буола улаатан тахсалларыгар төһүү буоларыгар эрэнэбит.

 

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата