Бүгүн, сэтинньи 7 күнүгэр, улууска Олоҥхо дэкээдэтэ арылынна. “Мэҥэ Хаҥалас улууһа” муниципальнай оройуон баһылыгын 1-кы солбуйааччы Василий Михайлов бу туһунан нэдиэлэтээҕи үлэ былаанын билсэр мунньахха иһитиннэрдэ. Манна управлениелар, тэрилтэлэр салайааччылара, улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ сахалыы таҥнан кэлэн бу күн суолтатын үрдэттилэр.
Олоҥхо 2009 с. Аан дойду барҕа баайынан билиниллибитэ. Бу күн суолтатын туһунан, бэлиэ күннэргэ сахалыы таҥныы култууратын хайдах киллэриэххэ сөбүн, итиэннэ ыччакка олоҥхону хайдах тиэрдэбит диэҥҥэ Василий Васильевич бэйэтин санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Биһиги Сахабыт сирэ олус элбэх сиртэн хостонор баайдаах: ньиэп, гаас, кыһыл көмүс, алмаас, о.д.а. Ол эрэн норуоппут былыргы устуоруйатын, олорон ааспыт олоҕун, култууратын илдьэ сылдьар сүдү баайбыт бу – олоҥхо буолар. Олоҥхо диэн аан дойду хайдах айыллыбытын, олох үөскээбитин, саха омук хайдах сайдыбытын, олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын, айылҕа модун күүһүн кэпсиир сүдү айымньы. Олоҥхо – норуот күндү кылаата, норуот муудараһын, этэр тылын эгэлгэтин муспут баай айымньыта, норуот тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала буолар. Олоҥхону чинчийбит, хомуйбут, тарҕаппыт дьонунан буолаллар Платон Алексеевич Ойуунускай, Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Василий Васильевич Илларионов, Иннокентий Васильевич Пухов уо.д.а. Сахабыт сирин ытык олоҥхоһуттарынан буолаллар Иннокентий Гурьевич Тимофеев-Теплоухов, Устин Гаврильевич Нохсоров, Иван Николаевич Винокуров-Табаахырап, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола, Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ, Мэҥэ Хаҥаластан Иннокентий Иванович Бурнашев-Тоҥ Суорун, Николай Алексеевич Абрамов-Кынат, Николай Иванович Степанов-Ноорой уо.д.а. Сахабыт эпоһа олоҥхо 2005 с. сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО быһаарыытынан киһи аймах тылынан уонна материальнайа суох култууратын барҕа баайа буолбута.
Сэтинньи 25 күнэ – Саха сиригэр олоҥхо күнүнэн биллэриллэн Олоҥхо дьиэлэрэ, Олоҥхо кииннэрэ, киинэ тыйаатырдара, ыһыахтар ыытыллаллар. 15-с үбүлүөйдээх олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүүгэ, быйыл Өймөкөөн улууһугар Томтор сэлиэнньэтигэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттара. 2009 сылтан өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо дэкээдэтэ ыытыллар. Ол чэрчитинэн улууспутугар сэтинньи ый бастакы нэдиэлэтээҕи былаанын ылынар мунньахпытын Олоҥхо дэкээдэтин биллэрэн саҕалаатыбыт. 2021 с. ХИФУ научнай үнүстүүтүгэр олоҥхону чинчийэр Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Манна 150-тан тахса араас судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн кыттыыны ылбыттара. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев уурааҕынан хас сыл ахсын 7 чулуу олоҥхоһукка, тимир ууһугар, оһуокайы таһаарааччыларга истипиэндьийэ олохтоммута. Мэҥэ Хаҥалас улууһун 2-с Баатара нэһилиэгиттэн төрүттээх РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа Гаврил Колесов “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону 1960 с. Ленинград куоракка грампластинкаҕа уһултарбыт, ол 1990 с. компакт диискэҕэ көһөрүллүбүтэ. Олоҥхобут бүгүҥҥү сүрүн тосхоло – саха оҕото төрөөбүт тылынан ыраастык саҥаран саха тылын билэрин ситиһии, ону төрүт үгэскэ олоҕуран иитиигэ-үөрэтиигэ, уһуйууга ылыахтаахпыт. Маны олоххо киллэриигэ улахан оруолу олоҥхо ылыан сөп. Олоҥхону истэр, ааҕар, өйүгэр тутар оҕо фантазията, өйүгэр оҥорон көрүүтэ, уол, кыыс уратыларын билиитэ сайдан, киниэхэ киһилии киһи буолан тахсыытыгар сиэр-майгы сыаннастара үөскүүллэр-сайдаллар. Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхо муудараһынан оҕону иитии инникитин өссө күүһүрүө, тэтимэ сайдыа дии саныыбын.
Г.Г.Колесов аатынан улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин фольклорга исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна, Саха сиригэр ыытыллыбыт олоҥхо түһүлгэлэрин элбэх төгүллээх кыайыылааҕа Анисия Степанова эһэтэ, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун биллиилээх олоҥхоһута Н.И.Степанов-Ноорой “Күн Эрили” олоҥхотуттан быһа тардыыны толордо. Бу күн мустубут дьон бары өссө төгүл саха буоларбытынан, олоҥхо курдук сүдү баайдаахпытынан киэн тутуннубут. Бу бараммат байҕал баайтан сомсон ылан, кэлэр көлүөнэ ыччат бэйэтигэр иҥэрэн ситим салҕана туруохтун.
Марелла Баишева.