Улууска доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дэкээдэлэрэ саҕаланна

Улууска сэтинньи 26 күнүттэн саҕалаан ахсынньы 5 күнүгэр диэри доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дэкээдэлэрэ ыытыллар. Дэкээдэ Аллараа Бэстээххэ «Парус» успуорт уораҕайыгар улуустааҕы ыспартакыйааданан саҕаланна.

Барыта 114 кыттааччы 13 хамаанда тэринэн кэлбиттэр. Кинилэри СӨ Доруобуйаларанынан хааччахтаах дьон уопсастыбатын социальнай-культурнай үлэҕэ исписэлииһэ Николай Суздалов, улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун биир кэлим киинин начаалынньыга Иван Шестаков, улуустааҕы физическэй култуура уонна успуорт управлениетын начаалынньыга Алексей Попов, Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев уонна улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбалаларын бэрэссэдээтэлэ Тамара Пермякова эҕэрдэлээтилэр.

Спортсменнар успуорт 7 көрүҥэр: дуобакка, остуол тиэнниһигэр, хабылыкка, хаамыскаҕа, дартска, бочча, конрхол оонньууларга, эстэпиэтэҕэ күрэхтэстилэр. Кылаабынай судьуйанан Гаврил Попов үлэлээтэ.

Уопсай түмүгүккэ Майа сэлиэнньэтин хамаандата кыайыыны ситистэ (группорг Любовь Саввина), иккис миэстэни – Төҥүлү (группорг Клавдия Николаева), үһүс миэстэни – Нөөрүктээйи (группорг Анна Борисова) хамаандалара ыллылар.

«Сылтан сыл дьоммут кыттыылара күүһүрэн иһэр, ол биһигини олус үөрдэр. Быйыл күрэхтэһиигэ Арассыыйаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ күүскэ тарҕанан эрэр паралимпиада көрүҥҥэрин киллэрдибит – бочча, корнхол. Манна кыттааччылар олус көхтөөхтүк, интэриэстээхтик оонньоотулар. Дэкээдэ 10 күн устата барыахтаах. Нэһилиэктэр баһылыктарыгар, группордарбытыгар уонна тэрээһини ыытарга күүс-көмө буолар дьоҥҥо махталбыт муҥура суох!», – диэн  улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Тамара Пермякова иһитиннэрдэ.