Улахан учуутал, биллиилээх оскуола дириэктэрэ уонна кыраайы үөрэтээччи Михаил Капитонов төрөөбүтэ 90 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, ССРС, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Нөөрүктээйи, Бүтэйдээх нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Михаил Егорович Капитонов төрөөбүтэ 90 сыла туолла.

Кини  Мэҥэ Хаҥалас Нөөрүктээйитигэр 1933 с. Күн сирин көрбүтэ. Мооро начаалынай оскуолатын кэннэ 1954 с Майа орто оскуолатын бүтэрбитэ.  Улууспут биллиилээх дьонун Ф.Г.Охлопковы, С.Д.Егоровы, В.А.Ивановы, М.Д.Оконешниковы, И.И.Стрекаловскайы, Д.Д.Яковлевы, В.П.Сидоровы, П.К.Старостины кытары бииргэ үөрэммитэ. Бу кылаас олус тахсыылааҕын, түмсүүлээҕин элбэх киһи билэр. Олохторун тиһэҕэр диэри «Артыаллар» диэн ааттанан доҕордоспуттара. Миша Капитонов  актыбыыс, баянист, спортсмен үөрэнээччи этэ. 160 см үрдүгү көтөн өрөспүүбүлүкэ призера буолбута.

Эдэр спортсмен уол оскуола кэнниттэн Омскайга физкультурнай үөрэххэ туттарсан баран тута Бүтэйдээххэ физкултуура учууталынан үлэлээбитэ. Эдэр эрчимнээх уол салгыы Майаҕа хомсомуол райкомугар үлэлээн баран үрдээн Аллайыахаҕа хомсомуолу салайбыта. 1959 с. Бүтэйдээххэ үлэлии сылдьан билсибит Өлөчөйгө учууталлыыр нуучча кыыһын  Тамара Александровна Кутинаны кэргэн ылан ыал буолбуттара. Эдэр дьон орто оскуола буолбут Бүтэйдээх оскуолатыгар ананан кэлэн  олохсуйан, иккис дойдулара буолбута.

Михаил Егорович 1959-1968 сс. история уонна обществоведение учууталынан үлэлээбитэ. Кыраайы үөрэтэр куруһуогу үлэлэтэн, экспонат хомуйан, 1967 с. Мэҥэ Боҕуруоскай таҥаратын дьиэтигэр кыраайы үөрэтэр мусуойу астарбыта. Бу мусуой 2018 с. М.Е.Капитонов аатын сүгэр.

Михаил Егорович 1969-1988 сс.  Бүтэйдээх орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Оскуолабытыгар саамай уһуннук, таһаарыылаахтык дириэктэрдээбит улаханнык убаастыыр киһибит.   Физмат сайдыыта, кэбиниэтинэн үөрэтии,  материальнай база сайдыыта, мэтэдьиичэскэй үлэ, көрдөрүүлээх үлэ барыта кини сатабыллаах салайыытын кытары сибээстээхтэр. Оскуола оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьыбыта, тутуу бөҕө ыытыллыбыта. Педагогическай кадрдара  улууска билиҥҥэ диэри биллэллэр. Эр дьон учуутал, үлэһит элбэҕэ, иллээҕэ, таһаарыылааҕа.

Кэлин физматы, усупорду таһынан Капитонов дириэктэрдээх Бүтэйдээх оскуолата оҕону үлэҕэ, байыаннай дьыалаҕа иитинэн биллибитэ. Ити хайысхалар билигин инники күөҥҥэ ирдэнэн эрэллэр. Дириэктэрбит өссө 2 сыл Аллараа Бэстээххэ дириэктэрдээбитэ. Онно да сылдьан оскуолатын кытары ситимин быспатаҕа. Уопсастыбаннай үлэнэн түмэлин салайбыта, таҥара дьиэтигэр өрөмүөн ыыттарбыта, нэһилиэк, оскуола устуоруйатын суруйсубута. Бүтэйдээххэ үлэтин  оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүн номоххо киирэрдии ыытыһан, 1993 с. 60 сааһыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта. Бүтэйдээхтэр 20-с үйэҕэ 100 чулуу киһибитигэр киирбит, нэһилиэкпит Бочуоттаах олохтооҕо. Күн бүгүн кыраайы үөрэтэр түмэлбит кини аатын сүгэр, туттубут, олорбут дьиэтэ түмэл ситимигэр туһалыы турар.

Михаил Егорович сынньалаҥҥа олорон кыраайы үөрэтиитин салгыы сайыннаран, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи буолбута. Төрөөбүт Нөөрүктээйитин устуоруйатын үөрэтэн, суруйан үйэтиппитэ. Саха сиригэр баар Нөөрүктээйилэри сибээстэһиннэрэн, үстэ көрсүбүттэрэ. Павловскайга сайылык туттан Аграфена Семеновналыын кырдьар сааһыгар дьоллоохтук олорбута, Нөөрүктээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Көмүс уҥуоҕа төрөөбүт сиригэр көтөҕүллүбүтэ. Павловскайдар махталлаах киһилэрин ахсынньыга ахтарга бэлэмнэнэллэрэ биһигини үөрдэр.

Михаил Егорович  өрөспүүбүлүкэ, оскуолабыт педагогическай энциклопедиятыгар киирбитин таһынан үөрэнээччитин Е.С.Шишигин «Краеведы Якутии» энциклопедиятыгар биир бастакынан киирбитэ. Ити  кинини кыраайы үөрэтээччи, мусуойу тэрийээччи быһыытынан  улаханнык сыаналааһын буолар. Улууһа кинини сыаналаан  улуус Бочуоттаах гражданина оҥорбута. Михаил Егорович улуус устуоруйата суруллубут бары кинигэлэригэр кыттыыны ылбыта. Олорбут Майатын сырдатыспыта. Саамай кэлин улуус устуоруйатын суруйан хаалларбыта кини таһымын, талаанын  көрдөрөр. Михаил Егорович улахан суруксут киһи этэ. 15 бэртээхэй кинигэни таһаарбыта туһаҕа тураллар. Улахан олоҕун кэпсиир «Олоҕум аргыстара» диэн  кинигэлээх.

Михаил Егорович удьуорун утума салҕанар. Тапталлаах кэргэнэ Тамара Александровнаттан икки кыыстаах. Тамара Александровна Саха сирин, Бүтэйдээҕи иккис дойду оҥостубута. Саха АССР үтүөлээх учуутала, учебниктар ааптардара этэ. Улахан кыыс Надежда Михайловна Попова СӨ үтүөлээх учуутала, педагогическай наука хандьыдаата. Бүтэйдээххэ иитэр үлэни тэрийээччинэн, Майаҕа РОНО начаалынньыгынан, үөрэх министиэристибэтигэр үлэлээбитэ, бэпэчиитэл сэбиэтин салайбыта, бэрэсидьиэннэрбит М.Е.Николаев, В.А.Штыров сүбэһиттэрэ этэ. Надяттан сиэннэрэ Тома Канадаҕа научнай үлэһит. Уол сиэннэрэ Михаил быраас, өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис балыыһаҕа МРТ сэбиэдиссэйэ. Кэргэнинээн, эмиэ быраас Татьяналыын Настенька диэн хос сиэни эһээлэригэр бэлэхтээбиттэрэ. Михаил Егоровичтаах кыралара Валентина Михайловна улууспутугар мировой  судьуйа. Күтүөт Владимир Архипович ИДьМ бэтэрээнэ. Сиэн Катя быраас буолла.

Сарсын, өйүүн Бүтэйдээхтэр биллиилээх дириэктэрбитин ахтан-санаан ааһыахпыт. Оскуолаҕа кылаас чаастара, мусуой олимпиадата, ахтыы чааһа буолуоҕа. Түмэлгэ быыстапканан кэпсиэхпит, өрөмүөн кэннэ мусуойун арыйыахпыт. Дьиэтигэр, мемориальнай дуоскатыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруохпут.

 

Нэһилиэк пресс-киинэ, “Сэндиэлэ” кыраайы үөрэтээччилэр, “Утум” педагогическай үлэ бэтэрээннэрин түмсүүлэрэ.