От ыйын 1-8 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Арыылаах сайылыгар Баайыһаптар уонна Көстөкүүнэбистэр ыччаттарын түмэр сыаллаах «Мин сайыным” түмсүү үлэлээтэ. Дьокуускайтан, Төҥүлүттэн, Нуораҕанаттан 2-13 саастаах 27 оҕо сылдьан олох мындырдарыгар, муусука эйгэтигэр, сахалыы остуол оонньууларыгар уһуйулуннулар, өбүгэлэрэ олоро сылдьыбыт, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр охтубут аймахтарын пааматынньыга турар Бэрэ алааһыгар похуоттаатылар.
Билигин дьон төрүччүтүн оҥоро сатыыр буоллулар. Оҕоҕо кыра сааһыттан аймахтарын билиһиннэрэр үтүө үгэс олохтонно.
Дьокуускай куораттан кыра сиэнин илдьэ тахсыбыт убайдара, абаҕалара, СӨ үтүөлээх бырааһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, ХИФУ мэдиссиинэ үнүстүтүүтүн Бочуоттаах профессора Виктор Игнатьев кылгастык санаатын үллэһиннэ: «Бииргэ төрөөбүттэр, Баишев Антон Романович оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кэлэн бу эдьиийдэрбит Клавдия Антоновна Петрова, Альбина Антоновна Находкина сайылыыр Арыылаах сайылыктарыгар кыра оҕолорбутун мунньан биир нэдиэлэлээх сынньалаҥ түмсүүтүн тэрийдибит. Маны көҕүлээччилэринэн муусука эйгэлээх Альбина Находкина уонна Анна Гаврильева-Туолаана буоллулар. Күннэтэ төрөппүттэр кэлэн оҕолорун билсэ, тэрийээччилэргэ көмөлөһө турдулар. Бу түмсүү тэриллибит сыалынан оҕолорбут бэйэ-бэйэлэрин билсиилэрэ буолла. Кинилэр бу үчүгэй күннэргэ бииргэ сөтүөлээн, ырыаҕа-тойукка үөрэнэн, дуоһуйа сынньанан, аймахтыы буолалларын билистилэр.”
Эдьиийдэрэ ырыа, муусука учууталынан үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ Клавдия Антоновна Петрова 2007 с. аймахтар бастакы түмсүүлэрин тэрийэн тэлгэһэтигэр ыһыах ыспыт. Онтон ыла үбүлүөйдээх сылларга түмсэр үтүө үгэс олохтоммут. Аҕалара, эһэлэрэ, хос эһэлэрэ Баишев Антон Романович-Аччыгый Бачылла Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Дьабыыл нэһилиэгэр «Үүнэр Күүс» холкуостан саҕалаан бөдөҥсүйбүт Киров холкуоска бэрэссэдээтэлинэн уопсайа 25 сыл үлэлээн бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыт салайааччы буолар. “Дьабыыл кырса күөх” диэн кынаттаах тылларынан билигин олохтоохтор киэн тутта барыга ситиһиилээхтик кытталлар. Кини сырдык аатын үйэтитэн нэһилиэк дьаһалтата “А.Р.Баишев аатынан уулусса” олохтообута. Антон Романович Баишев төрөөбүтэ 100 сылыгар оҕолоро, ыччаттара Дьабыыл Чараҥар ыһыахха кыттыбыттара, 105 сылын олохтоох култуура дьиэтигэр бэлиэтээбиттэрэ.
Аҕаларын бииргэ төрөөбүт балта Фекла Романовна 1939 с. Дьабыыл оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэн кэлэн, 1941 с. Дьабыылга 4-с кылаастары үөрэппит. 1949 с. диэри оскуолаҕа, оҕо дьиэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Итинник сэрии уонна сэрии кэннинээҕи ыар сылларга, барыта 9 сыл Дьабыыл оскуолатыгар алын кылаас учууталынан үлэлээбит. Доллу нэһилиэгин оскуолатыгар педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ Георгий Гаврильевич, Фекла Романовна Игнатьевтар сырдык ааттарын үйэтитэн Игнатьевскай ааҕыылары олохтоон 3 сылга биирдэ ыыталлар. Антон Баишев-Аччыгый Бачылла аатынан Дьабыыл нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатыгар бастыҥ көрдөрүүлээх үлэһиккэ Лауреат аатын иҥэрэн, Дьабыыл оскуолатыгар Фекла Романовна Игнатьева аатынан, Доллу, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрин оскуолаларыгар Игнатьевтар ааттарынан, Төҥүлүгэ эһэлэрин, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Петр Николаевич Находкин аатынан истипиэндьийэлэри олохтообуттара. Бу үөһээ ахтыллыбыт дьоннорун тустарынан архыып матырыйаалларын булан, онно олоҕуран уонна чугас аймахтарын, бииргэ алтыспыт дьоннорун ахтыыларынан: 2015 с. “Антон Романович Баишев Аччыгый Бачылла” туһунан 2 кинигэ, 2011 с. “Олох сырдык аартыгынан” СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа Бочуоттаах донора, тыа хаһаайыстыбатыгар өр сылларга салайар үлэҕэ үлэлээбит Төҥүлү нэһилиэгин олохтооҕо Анатолий Антонович Баишев, 2019 с. “Учуутал Игнатьевтар” педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ Георгий Гаврильевич, Фекла Романовна Игнатьевтар сырдык ааттарын үйэтитэн кинигэлэри таһаартарбыттара.
Дьабыыл Бэрэтиттэн төрүттээх, ыанньыксытынан үлэлээбит ийэлэрэ Анна Константиновна Баишева бииргэ төрөөбүт онуолар эбит, норуокка Көстөкүүнэбистэр диэн аатынан биллэллэр. 10 бииргэ төрөөбүттэртэн биэстэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыттарыттан үстэрэ сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэр. Аймахтар ыччаттарыгар билиһиннэрэн Баайыһаптар, Көстөкүүнэбистэр төрүччүлэрин оҥорбуттар. Оҕолор төрүччүттэн элбэх аймахтаахтарын билэн соһуйбуттар да, үөрбүттэр да.
Түмсүүнү көҕүлээбит РФ Уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Альбина Находкина санаатын хайдах олоххо киллэрбитин үллэһиннэ: “Бэйэлэрин кэмнэригэр Фекла Романовна, Георгий Гаврильевич Игнатьевтар, Клавдия Антоновна, Анатолий Антонович Баишевтар, күтүөт Николай Михайлович Харитонов аймах дьоннорун түмсүүлээх буоларга иитэн, тэрийэн кэлбиттэрэ. Хамсык ыарыы кэмигэр тэйсии буола сылдьан баран быйыл кыһын оҕолору ырыа лааҕыра курдук тэрийэн түмэр наада буолсу дуу диэн санаа киирбитэ. Ону оҕо уһуйааныгар үлэлиир балтыбар, «Музыка для всех” бырайыагынан үлэлиир Анна Анатольевна Баишева-Туолаанаҕа эппитим. Онуоха кини үөрүүнэн ылынан сайылыкпытыгар Арыылаахха олорор дьиэлэрбит тастарын кэҥэтэн «Удьуор утум түһүлгэтэ” диэн ааттаан бааза тэрийбиппит.
Билиҥҥи үйэ араас аралдьытар тэрээһиннэриттэн, интернет суоҕуттан, суотабай сибээстэн арахсан сылдьар, балааккаларга утуйар оҕолору бастаан утаа түмэргэ кыра ыарахаттардаах курдук этэ. Биир нэдиэлэ устатыгар оҕолору бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билиһиннэрэн, муусука алыбыгар угуйан, айылҕалыын алтыһыннаран, сайылык олоҕун билиһиннэрэн, кэлин төлөпүөннэригэр наадыйбат буоллулар. Ийэбитинэн өбүгэлэрбит өтөхтөрүгэр Бэрэҕэ квест оонньуулаах похуот оҥорбуппут. Улахан өттө сатыы, кыра өттүлэрин массыыналарынан тиэйэн илдьэн эмтээх бадарааннаах ууга сөтүөлэтэн, Аҕа дойду сэриитин толоонуттан эргиллибэтэх аймахтарын пааматынньыгын билиһиннэрэн, оҕолор элбэҕи билэн-көрөн кэлбиттэрэ. Арыылаах сайылыкка сайылыыр педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валентина Владимировна Цыпандина оҕолору ыҥыран ыалдьыттаппыта. Кини сайылыгар аҕабыт Антон Романович Баишев-Аччыгый Бачылла туттарбыт типовой олбуорун сырдаппытын оҕолор кэрэхсээн истибиттэрэ. Маны сэргэ тиэргэҥҥэ турар эргэ саха балаҕанын устуоруйатын туһунан историческай наука кандидата, доцент Капитолина Макситмовна Яковлева кэпсээбитэ. Аймахпыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Стручков Прокопий Никифорович-Борокуос Бэрэ алааһыттан төрүттээх дьону кытта Кыайыы 50 сылыгар бу алаастан барбыт уонна сэрии толоонуттан эргиллибэтэх биир дойдулаахтарыгар пааматынньык туруорбуттара. Манна 7 киһи аата суруллан турарыттан 3 таайдарбыт ааттара бааллар. Эдьиийдэрбит, балерина идэлээх Клавдия Алексеевна Иванова, муусука учуутала идэлээх Клавдия Антоновна Петрова, о.д.а. тустарынан Гаврил Константинович Стручков-Хаһааччык Хабырыыс уурбут докумуоннарын кыыһа Галина Гаврильевна Стручкова харайан сытыарар. Бу матырыйааллары куопуйалаан аҕалан сайылыкка быыстапка туруордубут. Түһүлгэҕэ ийэбитин кытта бииргэ төрөөбүттэргэ баннер оҥорон ыйаабыппыт. Туолааналыын ырыа дьарыктарын ыытан, бииргэ төрөөбүттэр, кинилэр оҕолоро бары саба түһэн уоппускаларын кэмигэр ас бэлэмнэһэн, дьуһуурунайдаан, иитээччи быһыытынан араас дьарыктары, оонньуулары тэрийэн ыытыһан көмөлөстүлэр. Киэһэтин холкутаан олорон элбэҕи ырытыһан, сүбэлэһэн, инники былааннарбытын оҥорсон бары астынныбыт. Инникитин кыраларга аҕыйах хонуктаан, онтон саастарынан көрөн арыый уһатан иһэргэ, ыччаттарга туспа тэрийэр баҕа санаалаахпыт.
Аҕабыт бииргэ төрөөбүт үһүөлэр этэ. Кыра балта Варвара Романовна Артемьева ДьПУ үөрэнэн дирижер-хоровик үөрэхтээх. Үөрэҕин бүтэрээт өрөспүүбүлүкэтээҕи муусука оскуолатын интэринээтигэр иитээччинэн үлэлээбит. Уоппускатын кэмигэр нэһилиэктэргэ тахсан муусукаҕа сыһыаннаах оҕолору сүүмэрдээн, үөрэххэ элбэх оҕону киллэрбит. Кини ССРС Култуураҕа Бочуоттаах үлэһитэ диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Кэлин Москваҕа көспүт, Татьяна Валентиновна Артемьева диэн соҕотох кыыстаах. Кыыс 6 сааһыттан муусука оскуолатыгар, онтон П.Чайковскай аатынан консерваторияҕа үөрэнэн, аспирантураны бүтэрэн үрдүк таһымнаах муусукаан буолбута. Дьокуускайга кэлэн араадьыйа хуоругар концертмейстерынан, муусука оскуолаларыгар үлэлээбитэ. Варвара Романовна артыыстыы сылдьан 1957 с. Москваҕа “Ньургун Боотур” опера бастакытын турарыгар хуорга ыллаабыта, кыыһа Сир Симэҕэ оруолугар кыттыбыта. Татьяна Валентиновна билигин музыкальнай колледжка концертмейстердыыр”.
Кылгастык билиһиннэрдэххэ, Альбина Антоновна, Николай Петрович Находкиннар 3 кыыс оҕолоохторо бары учууталлар. Улаханнара Анастасия Николаевна Баишева Төҥүлү оскуолатыгар саха тылын учуутала, 5 оҕолоохтор. Марфа Петровна Филатоваҕа фольклорга дьарыктаммыт, Англияҕа “Кыталыктары” кытта барсан тойугунан кэнсиэрдэрин аһан-сабан, үҥкүүлээн, хомуска оонньоон сылдьыбыт. Орто кыыстара Ия Николаевна Находкина Марха 1 №-дээх оскуолатыгар география учууталынан үлэлиир. Кыра кыыстара Анна Николаевна Степанова Амма Чапчылҕаныгар химия учуутала, “АНЛИ” ырыа бөлөҕөр ыллаабыта, билигин Аммаҕа ырыа ансаамбылын кыттыылааҕа. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кыргыттар үһүөн “Туллукчаан” үҥкүү ансаамбылыгар үҥкүүлээбиттэр. Ийэлэрин кытта лааҕырдарга эрдэттэн үлэлэспит буоланнар уопуттаахтар, онон улахан көмөлөөхтөрүн ийэлэрэ бэлиэтээн эттэ.
Айнаара Анатольевна Баишева иистэнэр дьоҕурдаах буолан бэйэтин баҕа санаатын олоххо киллэрэн, эдьиийин балаҕаныгар олорон оҕолорго сахалыы таҥастары тиктэ. Манна төрөппүттэр, эбээлэр көмөлөһөннөр иистэнэр сыах курдук үлэлээн, оҕолорго барыларыгар тигэн кэтэртилэр. Саҥастара Анна Егоровна Баишева хабылыкка улуус хамаандатын чилиэнэ. Кини быйыл өбүгэ оонньууларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр успуорт маастара буолбута. Анна Егоровна хабылыкка оҕолору дьарыктаан маастар кылаас ыыппыт. Бу түмүгүнэн тиһэх күҥҥэ 4 бөлөҕүнэн күрэхтэһии ыытылынна. Мантан оҕолор сүрдээҕин астыммыттар. Онон салгыы дьарыктанарга, дьиэ кэргэнинэн оонньуурга диэн Чүүйэҕэ олорор хабылык оҥорор маастартан 10 кэмпилиэк хабылык сакаастаан ылбыттар.
Уоппускатын кэмигэр мэдиссиинэ наукатын хандьыдаата, оҕо невролог бырааһа Галина Максимовна Пшенникова игирэ оҕолорун кытта сырытта. Кини уола Афоня саахымакка улахан дьону кытта араа-бараа бэркэ оонньообутун тэрийээччилэр бэлиэтээтилэр.
Дьокуускайга Айыы кыһатын оскуолатыгар 6-с кылааһы бүтэрбит Айыллаана Баишева, 5-с кылааһы бүтэрбит Айтал Тарабукин аймахтары кытта билсэн, сайылык олоҕун билэн, элбэххэ үөрэнэн астыммыттарын үллэһиннилэр.
От ыйын 8 күнүгэр сарсыардаттан күүстээх тыал, быстах-быстах самыыр түһэн электричэскэй уот баран хаалан Төҥүлүгэ тиийэн урбаанньыт Иван Иванович Борисов балаҕаныгар Баайыһаптар уонна Көстөкүүнэбистэр ыччаттарын түмэр «Мин сайыным” тэрээһин отчуоттуур кэнсиэрин көрдүбүт. Бу күн Аан дойдуга Дьиэ кэргэн күнүгэр сөп түбэспитэ мээнэҕэ буолбата. Ол курдук, кэнсиэри көрөөччүлэр бары дьиэ кэргэнинэн кэлбиттэрэ көрүөххэ олус кэрэхсэбиллээх. Оҕолор кылгас кэм иһигэр элбэх ырыаны үөрэппиттэр, хомуска, атын да үнүстүрүмүөннэргэ оонньуур буолбуттар. Этэргэ дылы, удьуор утума баар эбит. Манна көхтөөх оҕолорго анал ааттар: “Бастыҥ барабанщик” Дайыына Баишеваҕа, Алик Дмитриевка, Вася Петровка, Артем Ефимовка, Слава Смаглоҕа, “Бастыҥ ырыаһыт” Айтал Тарабукиҥҥа, Дайаана Баишеваҕа, Викториан Ивановка, Айаан Стручковка, Амелия Борисоваҕа, Михаил Гаврильевка, “Бастыҥ саахыматчыт” Афоня Пшенниковка, ”Бастыҥ блок-флейтист” Амелия Баишеваҕа, Аля Находкинаҕа, Денис Лыткиҥҥа, Ия Пшенниковаҕа, ”Бастыҥ активист” Айыллаана Баишеваҕа, Антон Баишевка, Полина Яковлеваҕа, Айаан Баишевка, Алик Степановка, Айтал Баишевка, Нарыйаана Плотниковаҕа, “Бастыҥ ложкарь” Егор Гаврильевка, Туйгун Баишевка, Сулустан Яковлевка итиэннэ саамай кыра кыттааччы Яся Ефимоваҕа туттарылыннылар.
Виктор Игнатьев тэрийээччилэргэ уонна бастыҥ саахымаччыкка Афоня Пшенниковка аймахтар бириистэрин туттартаата. Тэрээһин Аян уонна Антон Баишевтар оһуохай таһаарыыларынан түмүктэннэ.
Оҕолор сайыҥҥы кэмнэрин элбэххэ үөрэнэн туһалаахтык атаарбыттарыгар төрөппүттэр махталлара улахан.
Марелла Баишева.