Унньуктаах уһун кыһыннаах Саха сиригэр кыһынын дьиэни сылытан олоруу көннөрү ыал эрэ кыһалҕатын таһымыттан тахсан, нэһилиэнньэ кырата суох бырыһыанын хабар социальнай кыһалҕа буолар. Тыа сирин дьоно, ордук, сааһыран эрээччилэр, гаас оттук ситимигэр холбоммуттар үөрэллэр, араас кэккэ техническэй биричиинэлэринэн, бастатан туран, улуустар гаас ситимэ тардыллара уустуктардаах өртүлэригэр олорооччулар, гааска холбоммут нэһилиэктэргэ ымсыырарга эрэ тиийэллэр. Ол түмүгэр, кирпииччэ оһоххо хаалбыт уонна кииннэммит ититиини кыайа илик нэһилиэктэргэ нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы турара мэлдьэх буолбатах. Ыаллар оҕолорун атын нэһилиэктэргэ, улуустарга эбэтэр куоракка үөрэттэрэ киллэрэ көһүтэлииллэр.
Уһук, Чурапчы улууһунуун кыраныыссалаһар Дьабыыл нэһилиэгэр ити кыһалҕа боппуруоһа сытыытык турар. Төһө эмэ федеральнай тыраассалара аспаалламмытын, иһэр, туттар ууларын боппуруоһун быһаара сатыылларын, билиҥҥи түргэн сибээс баарын, дьон күн талбыта массыыналаахтарын, тыраахтардаахтарын үрдүнэн, оҕо, ыал ахсаана аҕыйааһына салҕана турар.
Ити кыһалҕаны саатар сымнатар суол быһыытынан олохтоох баһылык, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайсан баран салайбыт нэһилиэгэр иккистээн төннөн кэлэн, быыбарга талыллан баһылыктыы сылдьар Дмитрий Петров биирдиилээн ыал дьиэтин убаҕас гаас оттукка холбооһун суолун көрөр. Ол хайдах ситиһиллэрий?
‒ Биһиги нэһилиэкпитигэр, билиҥҥитэ, 500-тэн тахса киһи олорор. 160 ыалтан үс гыммыт биирэ ‒ 50-ча ыал социальнай эбийиэктэри кытта ДьУоКХ кииннэммит ититиитин систиэмэтигэр холбоммуттара. Ол эрээри, ыаллары барытын хочуолунайга холбуур кыаллыбат. Кыамтата кыайбат. Бөһүөлэкпит уһаты тарҕанан тутуллубут бөһүөлэк, онон, икки өртүлэрэ ыраахтар. Холбонорго да баҕалара аҕыйах. Нэһилиэнньэбит үксэ кырдьаҕас льон уонна элбэх оҕолоох ыаллар. Ол иһин, кыһалҕаттан, убаҕас гааһы боруобалыырга сананныбыт. Биһиги билэрбитинэн, Чурапчы улууһугар Чыаппараҕа уонна Лоомтукаҕа икки дьиэ маннык бэйэтэ бэйэтигэр үлэлиир ситимҥэ холбоммуттара.
Убаҕас гааска холбоон биэрэр биир тэрилтэ быһыытынан «Автономнай гаас ситимнэрэ» ХЭУо (дириэктэр Афанасий Лыткин) биллибитэ. Гаас биэрэр төрдүнэн «газгольдер» диэн убаҕас гаас кутуллар систиэринэтэ буолар. Балыктаахха «Хаххах» кэпэрэтиип комплекса холбонон биһирэнэн үлэлэтиллэ турар. Нуораҕаналар, чуолаан, баһылыктара Дмитрий Дмитриевиһынан сирэйдээн, кэпсэтии ыытаннар, быйыл бу сылааһы биэрэ бэйэтэ бэйэтигэр үлэлии турар систиэмэҕэ дьиэлэри холбооһун саҕаланна. Улахан массыына өссө хас да боллуону аҕалан, кыраанынан дьиэлээхтэр хаһан бэлэмнээбит дьаамаларыгар түһэрэллэр. Иһит анныгар бетон сыттык ууруллар. Систиэринэ таһа маҥан сылааһы тутар бүрүөһүннээх, ол аннынан иһити эргиччи электроуот көмөтүнэн гааһы тоҥорбот ситим эргитиллэр. Ол ситим дьиэҕэ киирэр турбалары эмиэ эргийэр. Систиэринэ 5 кубометрдаах. Анаан оҥоһуллубутунан, кыһыны быһа дьиэни сылааһынан хааччыйар кыахтаах.
‒ Алта дьиэни бүтэрдибит, барыта 20 ыал холбонуохтаах, ‒ диэн кэпсээтэ биригэдьиир Сергей Васильев. ‒ Биэс газгольдер эбии кэллэ, өссө 5 кэлиэҕэ. Күҥҥэ иккилии дьиэни ситэрэбит. Халлааммыт итиитэ ыгар уонна элэктириичистибэ элбэхтэ барара мэһэйдиир. Оҥорон баран, көрүүтэ-истиитэ, өрөмүөнэ бэйэбитигэр хаалар. Холобур, чыаппаралары кытары сибээстэһэ сылдьабыт. Убаҕас гаас оттук кыһыны туоратарын ааһан, өссө 40-30%-на ордор дииллэр. Дьиэ иһигэр «Риннай» хочуолу ыйыыбыт. Оттук гаас ититинэргэ эрэ туһаныллар. Атыҥҥа туһаныллыбат.
Газгольдер гааһыгар холбонор буолбут дьиэлээх пенсионер Егор Баишев дьиэтэ сөптөөх сылааһынан хааччылларыгар эрэллээх. Оскуолаҕа тырахтарыыстыыр. Кини этэринэн, дьиэ төһө үчүгэйдик хайыллыбытыттан гаас оттук уһуннук барара улахан тутулуктааҕын тутта сылдьар дьон кэпсииллэр. 8 да 8-таах дьиэлээх, үчүгэй эпсиэйдээх дьиэлээхтэр кэпсээбиттэринэн, бастаан 40 тыһыынча солкуобайга куттаран бараннар, эһиилигэр 12 эрэ тыһыынчаҕа куттарбыттар. Сылааһы үчүгэйдик тутар эркиннээх дьиэҕэ 5 кубометр гаас 2 да сыл кэриҥэ тиийиэн сөп эбит. Биллэн турар, манна санаа араастаһыыта баар. Боллуону холботуу, оһоҕун бэлэмнээһинниин, бары мантааһыныын, 550 тыһыынчаҕа тиийэр. Ититэр систиэмэлэрин холбонооччулар бэйэлэрэ тардыналлар, дьааматын хаһан бэлэмнииллэр. Сергей Константинович этэринэн, биир кутуута 45 тыһыынча кэриҥэ суумаҕа тахсар. Ол иһигэр, хочуол, турба барыта «күлүүстүү туттарылла» киирэ сылдьар.
Төһө да абыраллааҕын иһин, холбонуутун ыарырҕаппыттарын пенсионер, 40 сыл техник-осеменатордаабыт Афанасий Семенович Петров эмиэ этэр: «Систиэринэтэ уонна оһоҕо 400 тыһыынча курдук буолла. Систиэмэни бэйэбит тартыбыт, матырыйаалын бэйэбит ыллыбыт. Эбэн-сабан, 600 тыһыынча курдук суумалаах үлэ. Бу кырдьаҕас дьоҥҥо ыарахан диибин. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата, дьокутааттара маны өйдөөннөр, туох эмэ көмөнү көрөллөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын».
Дьабыыл нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Петров ититэр ситимҥэ холбонуу бу хайысхатыгар эмиэ болҕомто ууруллан, чэпчэтиилэр көрүллэллэрин туруорсар. Тоҕо диэтэххэ, биир үксүн маннык ититиниигэ маһы-оту кыайбат буолбут саастаах дьон холбонорго сөбүлэһэллэр. Тэнийэн бардаҕына, кыаммат араҥаларга анаан чэпчэтиилэр син биир ирдэнэллэрэ чуолкай.
Аркадий Иннокентьев