Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр Майатааҕы “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук үбүлүөйдээх 30 сылынан сэлиэнньэ түмсүүлэрин дьоҕурдаах дьоннорун, сцена бэтэрээннэрин улахан кэнсиэрэ үрдүк таһымҥа ааста. Киирбит үп кинигэ тахсарыгар ыытыллар.
Кэнсиэр Евдокия Семенова салайааччылаах “Айыллыат” фольклор түмсүү кыттыылаахтарын толоруутгар Василий Осипович Каратаев “Модун Эр Соҕотох” олоҥхотуттан быһа тардыынан саҕаланна. «Алгыс” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ, «ОБТ” түмсүү “Кадриль”, “Кырдьыбат вальс”, Антонина Петрова «Ийэбэр» хоһоон, Үһүс көлүөнэ оскуола кыттыылаахтарын «Спасибо, молодость” үҥкүүлэринэн, Степан Копырин «Ыллаа, ыллаа гитарам», Валентина Аманатова “Арыылааҕым сыһыыта”, Татьяна Артемьева “Санта Лючия”, “Райпо бэтэрээннэрэ” түмсүү квартета “Ийэҕэ махтал”, “Оһуохай” түмсүү триота «Биригэдьиир Марыына», Спиридон Григорьев “Илбис курдук имнэнэн” ырыаларынан, Анатолий Чичахов хомуска сахалыы матыыптары дьүһүйэн, “Үөрүөххэ, күлүөххэ, олохпутун уһатыахха” сыаҥканан, о.д.а. бастыҥтан бастыҥ нүөмэрдэринэн көрөөччүлэр куттарын туттулар. «Кыталык” норуодунай үҥкүү ансаамбыла «Эр Бэрдэ», «Алаас оҕолоро» үҥкүүлэринэн кыттан көлүөнэлэри ситимнээн кэнсиэри киэргэттилэр.
Кэнсиэри Людмила Пивоварова, Галина Эверстова туруордулар, Анна Павлова, Степан Копырин салайан ыыттылар, Степан Осипов байааҥҥа доҕуһуоллаата. Ыытааччылар кэнсиэр кыттыылаахтарыгар итиэннэ көрөөччүлэригэр махтаннылар. Кинилэр “Өрүү маннык үтүө-мааны майгыгытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэнэ туруҥ, сайдам санааҕытынан кэнчээри ыччакка холобур буола сылдьыҥ, үлэҕитинэн-хамнаскытынан үйэлэргэ ааккыт ааттана турдун” диэн алгыстарын анаатылар.
“Түмэннэр” туохха барытыгар түмсүүлээхтэрин өссө төгүл көрдөрөннөр көрөөччүлэр үрдүк биһирэбиллэрин ыллылар. Аахсыйа кэнсиэр тэрээһинин ытык-мааны дьоммут фойеҕа Людмила Неустроева таһаарыытыгар Күн үҥкүүтэ оһуохайынан түмүктээтилэр.
Марелла Баишева.