Атырдьах ыйын 12-13 күннэригэр Майаттан “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук салайааччыта Мария Лукина көҕүлээһининэн көхтөөх уопсастыбанньыктар уонна Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр волонтердар Уус Алдан Суоттутугар анал бырагырааманан хонуктаах күүлэйгэ баран элбэҕи көрөн-билэн, дуоһуйа сынньанан кэллилэр.
Дэлэгээссийэ салайааччыларынан “Эбээ холумтана” түмсүү салайааччыта Марфа Уваровская, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр иис сыаҕын салайааччыта Федора Наумова сырыттылар. Уус Алдан Суотту нэһилиэгин уонна Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин уопсастыбанньыктара доҕордуу сыһыаннаах сибээһи олохтоон бииргэ үлэлээн саҕалаабыттара. Суоттулар бу саас Майаҕа “Түмэннэр” уопсастыбаннай үлэлэрин билсэ, уопут атастаһа ыалдьыттаан барбыттара. Бу сырыыга кинилэр ыҥырыыларынан майалар айаннаатылар. Тур сыалынан буолар икки улуус нэһилиэктэрэ уопсастыбаннай үлэҕэ уопут атастаһыылара, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн үлэлээһиннэрэ.
Саха сиригэр билиҥҥитэ саҥа технологиянан тутуллубут толору оборудованиелаах соҕотох саҥа таас Суотту орто агротехнологическай хайысхалаах оскуолата тас өттө эргиччи сибэккинэн симэммитэ көрүөхтэн кэрэ. Манна нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Сергей Ксенофонтов, историк идэлээх оскуола мусуойун үлэһитэ Тамара Васильева, бибилэтиэкэр Раиса Черкашина, социальнай үлэһит Татьяна Тарасова, “Мичээр” култуура-сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Валентина Патрасова, бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Свинобоева, үлэ бэтэрээнэ Варвара Стрекаловская, көхтөөх уопсастыбанньык Гаврил Мигалкин, о.д.а. үөрэ-көтө көрүстүлэр. Олохтоохтор уопсастыбаннай үлэлэрин сырдаттылар. Салайар үлэлэргэ үлэлээбит сыана бэтэрээнэ Гаврил Гаврильевич ырыаларынан эҕэрдэлээтэ. Тамара Петровна оскуола үлэтиттэн сырдатан эбийиэк иһигэр экскурсия оҥордо. Бу кэннэ Федора Наумова олохтоох уопсастыбанньыктарга анал байыаннай дьайыыга кыттар уолаттарга тигиллэр таҥаска-сапка маастар кылаас ыытта. Манна кини эрдэттэн бэлэмнэммит выкройкалары элбээтиннэрэн тутталларыгар, байыаннай көстүүм көннөрү көстүүмү тигэртэн уратыларыгар сүбэ-ама биэрдэ. Олохтоохтор үтүө дьыалаҕа кыттыһар баҕаларын биллэрэн Федора Ивановнаҕа, Майаттан тиийбит ыалдьыттарыгар махтаннылар, нэмиэттэри устан илдьэ хааллылар.
Норуодунай суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон төрүттээбит 1987 сылтан үлэлиир “Дружба” мусуой-заповедник устуоруйатын мусуойу иилиир-саҕалыыр научнай үлэһит Лариса Степанова саха омук улуу нуучча норуотун кытта аан бастакы алтыһыыларыттан саҕалаан устуоруйаны, Суорун Омоллоон саха тыла үөрэхтээх Раиса Реасовна Кулаковскаялыын бииргэ үлэлээн мусуойу тэрийбиттэрин туһунан элбэҕи киэҥник сырдатта. Кинилэр олорон үлэлээбит дьиэлэригэр, Басов атыыһыт мусуой дьиэтигэр, тиэргэн иһигэр баар эбийиэктэргэ барыларыгар сырытыннаран сиһилии кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ.
“Мэҥэлэр – хайа үрдүгэр!” диэн мэҥэлэри кынаттаабыт уопсастыбаннай диэйэтэл Сергей Васильев-Борогонскай аатын 1987 сыллаахтан сүгэр 130 саастаах Хоноҕор нэһилиэгин оскуолатын, Сергей Степанович олорон ааспыт кыстыгын уонна сайылыгын үйэтиппиттэрин ыалдьыттарга оскуола бибилэтиэкэрэ Ирина Осипова сырдатта.
Уус Алдан улууһугар, Суотту нэһилиэгэр араас сылларга ыытыллыбыт куонкурустарга дьиэ кэргэнинэн ситиһиилээхтик кыттар уопсастыбанньык, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, улуус иискэ-ууска маастара, 2000 с. Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа 2-с миэстэлээх, кумааҕынан кырыйыыга “Кыталык” куруһуогу салайааччы, үлэ, успуорт бэтэрээнэ, алта оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх Далбар Хотун Евдокия Иванова тэлгэһэтигэр сырытыннардылар. Манна “Туох суоҕуй?” диэбит курдук. Кини тэлгэһэтин сибэкки, отонноох мас арааһа, дьиэтин иһин туойтан, кумааҕыттан, туттуллубут матырыйааллартан сиэдэрэй оҥоһуктар киэргэтэллэр, сахалыы таҥас кэмпилиэгэ, успуорка ситиһиилэринэн ылбыт сүүһүнэн мэтээллэрэ хараҕы сымната ыйаммыттар.
Агро оскуола “Кэскил” пиэрмэтин үлэтин-хамнаһын үлэҕэ үөрэтэр маастар Варвара Румянцева билиһиннэрдэ. Онтон кылгастык кэпсээтэххэ, оскуола иһинэн Алексей Константинов бэрэссэдээтэллээх “Кэскил” ТХПК үлэлиир. Агро оскуола 57 га оттуур сирдээх, аныгы оборудованиенан толору хааччыллыылаах Ала-Соболоох диэн сайылыктаах, оҕолор олороллоругар аныгылыы дьиэлэрдээх, остолобуойдаах, оонньуур былаһааккалаах. Пиэрмэтигэр 33 сүөһү кыстаабыт, о.э. 11 ынахтаах, 11 субаннаах, 11 ньирэйдээх, бэлэх кэлбит 1 тыйдаах, 8 кустаах. Күөллээх алааска ньирэйдэрин хаайан аһатар хааччах оҥостубуттар. Ону таһынан 2 га сиргэ хаппыыста, оҕуруот аһын арааһын, клубника үүннэрэллэр. Үүттэрин күннэтэ собуокка ыыталлар, күһүн эттэрин, арыыларын оскуолаҕа туттараллар.
Икки күннээх турга сылдьан кэлбит Майа сэлиэнньэтин уопсастыбанньыктара, волонтердара Суотту кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн босхо хонуктаах күүлэйдээһини тэрийэн кэрэ өйдөбүллэрдээх сынньалаҥы бэлэхтээбитигэр, аһыыр аһылыкка, бириистэрдээх оонньууларыгар тиийэ хааччыйан ыыппытыгар “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук салайааччытыгар Мария Лукинаҕа сүгүрүйэ махтаналлар. Маны сэргэ, бу барыыны өйөөн күүс-көмө буолбут Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын баһылыгар Алексей Неустроевка, «ТехКоммунСервис” МУП генеральнай дириэктэригэр Егор Трифоновка, оптуобус суоппара Николай Старостиҥҥа, урбаанньыт Анна Архиповаҕа итиэннэ ыалдьыттары бэйэ аһынан-үөлүнэн тото-хана күндүлээбит Суотту нэһилиэгин дьаһалтатыгар, баһылык солбуйааччы Сергей Ксенофонтовка, агро оскуола үлэһиттэригэр, барыахтан кэлиэхтэригэр диэри арыаллаан сылдьыбыт Тамара Васильеваҕа, “Дружба” мусуойга Суорун Омоллооннуун ыкса алтыспыт, 28-с сылын үлэлиир администратор Варвара Гоголеваҕа, Суорун Омоллооннуун бииргэ алтыспыт, 30-тан тахса сыл бу мусуойга үлэлээбит, 4 чаас устата уопсастыбанньыктарга киэҥ билиититтэн бэрсибит Лариса Степановаҕа, о.д.а. барҕа махталларын тиэрдэллэр.
Маны сэргэ, дэлэгээссийэни салайан илдьэ сылдьыбыт Майатааҕы В.П. Ларионов аатынан агротехнологическай хайысхалаах оскуола социальнай педагога Марфа Уваровскаяҕа, Анал дьайыы кыттыылаахтарын таҥыннарар иис сыаҕын салайааччы Федора Наумоваҕа, уопсастыбанньыктар Темир Сыдыкбековка, Афанасий Колосовка, Валерий Романовка бары өттүнэн күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолалларыгар истиҥник махтаналлар.
Марелла Баишева.