“Түмэн” холбоһук анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар биэс хайысханан үлэлиир

 

Мария Лукина салайааччылаах Майатааҕы “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар 5 хайысханан үлэлээн “Суорҕан”, “Чүмэчи”, “Харысхал сиэккэ”, “Балык”, “Харысхал” аахсыйалары ыыталлар. Манна “Түмэн” холбоһук иһинэн Федора Наумова салайааччылаах иис сыаҕа ааспыт сыл олунньу ыйтан үлэлээбитэ. Иис сыаҕар Ариадна Филиппова, Антонина Петрова, Антонина Куприянова, Полина Осипова, Хорообуттан Маргарита Иванова күннэтэ ылсан үлэлээн дьону көҕүлүүллэр. Аһынан-таҥаһынан, харчынан көмөлөһөн   мэлдьи кыттар Ольга, Василий Захаровтар, Павел Жирков, Мария Сергеева, Николай Атласов  дьиэ кэргэттэриниин, Гульнара Аммосова, о.д.а. бааллар. Быйылгы сылтан Капиталина Семенова, Матрена Сыдыкбекова, Антонина Маркова, Любовь Новгородова, Марта Никанорова, Мария Попова бэйэлэрин баҕаларынан үлэлэрин быыстарыгар кэлэн иистэнэн бараллар.

Бу кэмҥэ 564 чүмэчи, 828 кв.м. харысхал сиэккэ баайылынна, собо балыктан хатарыллан 1429   бакыат, харысхал 650 устуука ыытыллыбыттара, быйыл 100 устуука харысхал оҥоһуллубут.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ирина Саввина салайааччылаах “Илии сылааһа” сыахха ааспыт сылга 235 кэмпилиэк, уопсайа 2175 таҥаһы тигэн туттардылар. Маны таһынан, эбии сакааһынан иистэнэллэр. Быйыл 59 суол таҥаһы тигэн ыыттылар. Дьон көмөлөспүт матырыйаалларынан анал байыаннай дьайыыга Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан барар уолаттары бэйэлэрин сакаастарынан таҥыннаран ыыттылар. “Вилена” маҕаһыын хаһаайката Елизавета Иванова элбэх араас суол көмөнү оҥорон кэллэ. Бу сылга киирээт иис сыаҕар 27 м. көстүүм таҥаһын биэрбитинэн 9 көстүүм тигиллибит. Флис таҥаһынан бэргэлэри, баккылары, футболкалары, кулукалары, о.д.а. тиктилэр.

2023 сылга ситиһиилэрин санаттахха, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылын чэрчитинэн Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр сыаллаах ыытыллыбыт Үлэ, Иис ыһыаҕын  куонкуруһугар Майатааҕы “Түмэн” иис сыаҕа 10-нуу кэмпилиэк таҥас тигиитигэр 1-кы миэстэни ылан 2 иис уонна 1 обрелок массыыналарынан наҕараадаламмыттара.

Майа сэлиэнньэтигэр уонна улууска 2023 сыл түмүгүнэн ыытыллыбыт бастыҥнары ааттыыр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ  “Түмэн” иис сыаҕа “Сыл бастыҥ волонтера”  итиэннэ Майаҕа  “Бастыҥ уопсастыбаннай түмсүү” анал ааттар кыайыылаахтарынан ааттанан бриллианнаах дипломунан наҕараадаламмыта.

Евдокия Семенова салайааччылаах бөлөх харысхал сиэккэ оҥоруутугар бу сылга киирэн баран 36  кв.м.,о.э. 3 сиэккэни баайдылар, 2 сиэккэ ааспыт сылтан саппаастаахтар, о.э. билигин алтыс сиэккэлэригэр үлэлии сылдьаллар. Манна түмсүүлэртэн баҕалаах дьон күн аайы кыптыыйдаах, таҥастаах, өйүөлээх кэлэн бэйэлэрин быыстарыгар көмөлөһөллөр. “Вилена” маҕаһыын кэлэктиибэ, Ольга, Василий Захаровтар дьиэ кэргэн, Иван Устинов, Николай Рожин, нолуогабай иниспиэксийэттэн кэлэн көмөлөстүлэр. Түөлбэлэри сүрүннүүр исписэлиис Жанна Тумусова  оҥорбут кыраапыгынан түөлбэлэр көхтөөхтүк кытталлар. Салгыы оскуола оҕолоро көмөлөһө кэлэллэрэ былааннанар.

Людмила Пивоварова салайааччылаах “Суорҕан” уонна “Чүмэчи” аахсыйаларга дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттан “Якутия с тобой” өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка 100 суорҕан, 150 чүмэчи оҥоһуллан туттарылынна. Салайааччыга  Яна Иванова, Людмила Барашкова, Александра Дашеева көмөлөһөллөр. Билигин да дьон аҕалар суорҕаннарын, салгыы оҥоһуллар чүмэчини улуус дьаһалтатыттан баралларыгар биэрэн ыытарга анаан мунньа сылдьаллар. Людмила Гаврильевна уопсастыбаннай үлэтигэр үрдүк эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан чүмэчи оҥоруутугар маастар кылааска сылдьан үөрэммит. Чүмэчини оҥорор олус үлэлээх, буруолаах, чааннаах диэн салайааччы бэлиэтиир, онон саҥа ньыманы туттар буолбут. Кини Майа эргин чүмэчи бүтэн Дьокуускайтан ылларбыт. Аахсыйаҕа “Вилена” маҕаһыын 1 дьааһык чүмэчинэн успуонсардаан ааны аһан биэрдэ диэн махтанар. Аахсыйаҕа ким харчынан, ким бааҥканан, Анна Павлова сэбиэдиссэйдээх  “Эко-Птица” маҕаһыын 60-тан тахса устуука хордуон дьааһыктарынан, бааҥкаларынан хааччыйан сүҥкэн көмөлөрүн оҥордулар. Быһаҕынан арыллыбыт бааҥкалары Дмитрий Титов, “Чолбон” ХЭТ  үлэһиттэрэ кылдьыыларын хаптатан, көннөрөн көмөлөстүлэр.

Ольга, Василий Захаровтар, Мария, Семен Дмитриевтар дьиэ кэргэттэрэ, Екатерина Романова сэбиэдиссэйдээх “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин кэлэктиибэ, Лидия Сивцева, Нина Никанорова, Семен Петров,  1983 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр, оройуоннааҕы норуодунай суут кэлэктиибэ, Таисия Десяткина бэрэссэдээтэллээх “Тумул” ТХПК, Анастасия Попова салайааччылаах  Доллу нэһилиэгин дьахталларын сэбиэтэ, Мэҥэ, Хорообут, Алтан нэһилиэктэрин олохтоохторо, Майатааҕы 3-с көлүөнэ оскуола түмсүүлэрэ, Раиса Атласова сэбиэдиссэйдээх Чүүйэтээҕи оҕо уһуйаана дьоһун көмөлөрүн оҥордулар.

Мария Лукина салайар “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук тэриллибитэ быйыл 30 сылын бэлиэтээри сылдьар. Манна 40-чэ араас хайысханан үлэлиир түмсүүлэр бааллар. Түмэннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Якутия с тобой” хамсааһын, “Илии сылааһа” сыах ыытар үлэлэригэр ыкса сибээстээхтик үлэлээн, бэйэ-бэйэлэригэр сүбэ-ама бэрсэн кэллилэр. Түмэннэр улуус дьаһалтатын баһылыга Дмитрий Тихоновка, Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроевка күүскэ өйөөн бары өттүнэн көмөлөһөллөрүгэр махталларын тиэрдэллэр.

Марелла Баишева.