Чыамайыкы нэһилиэгэр Түөлбэ сыла биллэриллибитэ. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» дьаарбаҥкаҕа сонун тэрээһин буолан ааста. Түөлбэлэринэн куонкуруска күһүҥҥү хартыынаны тилиннэрии диэн сорудах баара. Түөлбэлэр бэйэлэрэ хартыынаны талан хаартыскаҕа таҥнан-саптан, оҥостон түһэннэр олус үчүгэйдик, көхтөөхтүк кыттыбыттара. Барыта олус табыллан кими да инники миэстэҕэ таһаарбатылар, онон бары бэлиэтэннилэр.
Саргылана Романова