Ааҕааччы сэһэргиир
Бүгүн кэпсиир киһим үлэни өрө туппут, олоҕун барытын тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар анаабыт, сатабыллаах киэн туттар салайааччыбыт ‒ Анна Николаевна Иванова.
Кини 1926 с. аатырар «Бочуот Знага» уордьаннаах «Кыһыл трактор» холкуоска Күн сирин көрбүт. Майа 7 кылаастаах оскуолатын 1942 с. бүтэрэн, төрөөбүт холкуоһугар үлэлии тахсар. Оҕо эрдэҕиттэн холкуос араас үлэтигэр үлэлээн, үлэ хайдах барыахтааҕын, тугу гыннахха таһаарыылаах буолуоҕун билэ улааппыт. Үлэтигэр эппиэттнэстээҕин бэлиэтии көрөн, 1946 с. комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн талбыттар. Дьэ манна Анна кыыс салайар талаана арыллыбыт.
Анна Николаевна сири кытта үлэни күүскэ ыытан 960 га бааһына сирэ оҥоһуллубута, гектартан 10,5 центер бурдук хомуллан, сылга ортотунан биир фураж ынахтан 2052 кг үүт ыаммыта. Үлэлиир кэмигэр сиртэн өлгөм үүнүүнү (гектартан 100 буут бурдугу) ыланнар, өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрэ. Салайааччы Анна Иванова Москваҕа ЫБСЛКС сийиэһигэр дэлэгээтинэн талыллан кыттан кэлбитэ.
1951 с. райкомол иккис сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбитэ. 1953 с. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын холкуос бэрэссэдээтэллэрин бэлэмниир техникумугар үөрэххэ ыытаннар устудьуон буолбута. 1956 с. ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт холкуоһугар салайар үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1967‒1975 сс. Ленин аатынан сопхуос Чүүйэтээҕи отделениетыгар управляющайынан үлэлээбитэ. Ити үлэҕэ туох баар сатабылын, сыратын, кыһамньытын биэрэн туран үлэлээбитэ, ол түмүгэ таһаарыылаах буолан Чүүйэ отделениета оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ көрдөрүүлээх хаһаайыстыба буолбута.
VII пятилетка түмүгүнэн Ленин аатынан сопхуос социалистическай куоталаһыыга бастаан РСФСР, Саха АССР көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын ылары ситиспитэ, манна бастыҥ көрдөрүүлээх Чүүйэ отделениета кылаата эмиэ баар. Анна Иванова салайар кэмигэр отделениеҕа 240 миэстэлээх, толору мэхэньисээссийэлээх хотон, 40 миэстэлээх оҕо саадын дьиэтэ тутулланнар үлэҕэ киллэриллибиттэрэ.
«Оскуола‒производство‒үрдүк үөрэх» ыҥырыынан үлэлии кэлэр ыччаттарга болҕомтону ууран, үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэн, кинилэргэ настаабынньыктары сыһыаран, үөрэхтээх, үлэһит дьон буолан тахсалларыгар олус кыһаллара. Манна үлэлээбит ыччаттар үгүстэрэ үрдүк көрдөрүүлэнэн, «Пятилетка гвардееһа» буолан, бары үрдүк үөрэххэ киирэн, бары үтүө үлэһит дьон буолбуттара, өрөспүүбүлүкэҕэ араас улуустарга үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Анна Николаевна ыччаты үлэҕэ үөрэтиигэ, патриотическай иитиигэ кылаатын иһин «Ыччат настаабынньыга» бэлиэнэн, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Уһун, сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, «1941‒1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, Үлэ Кыьыл Знамятын уордьанынан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун икки грамотатынан бэлиэтэммитэ. Хас да төгүл нэһилиэк, оройуон дьокутаатынан, оройуоннааҕы, уобаластааҕы партийнай кэмпириэнсийэ дэлэгээтинэн талыллан кыттыбыта. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Бочуоттаах гражданина, «Мэҥэ Хаҥалас биллиилээх дьоно» кинигэҕэ аата-суола киллэриллибитэ.
Талааннаах тэрийээчи, сатабыллаах салайааччы, бэриниилээх үлэһит, амарах сыһыанынан дьонугар-сэргэтигэр улахан ытыктабылы ылбыт ытык киһибит аатын үйэтитэн, 2002 с. биир дойдулаахтара олорбут уулуссатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ. Соторутааҕыта Анна Николаевна туһунан «Эдэр сааһыттан бэриниилээх үлэ» кинигэ Күн сирин көрдө. Төрөппүт кыыһа Айталина Александровна Иванова, сиэнэ Александра Николаевна Прокопьева бэлэмнээтилэр.
Евдокия Исакова.
Чүүйэ