Тутуу ‒ экэниэмикэ индикатора диэн бигэ өйдөбүл олох чахчыларыттан үөскээбитэ. Тутуу барар буоллаҕына, улахан да, кыра да тутуулар буоллуннар, дьон-сэргэ дьиэ-уот туттар буоллаҕына, ол аата, экэниэмикэ иннин диэки баран иһэр, сайдыахтааҕынан сайдар. Ону ааһан, тутуу экэниэмикэ араас салааларын соһор, иннилэрин хоту сыҕарытар тутаах салаанан, локомотивынан, ааҕыллар.
Тутуу тэрилтэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, чуолаан, Майа сэлиэнньэтигэр баар базатыгар, араас көлүөнэ тутааччылар үлэлээн ааспыттара уонна үлэлииллэр. Үлэлэриттэн тохтоон бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор тутуу бэтэрээннэрэ билиҥҥи кэлэктиипкэ, салайааччыларга, исписэлиистэргэ сүбэ-ама буола сылдьаллар. Улуус олохтоохторо Саха АССР үтүөлээх тутааччыта, Ленин уонна Өктөөбүр өрөбөлүүссүйэтин уордьаннарын кавалера, Уус Алдан оройуонуттан төрүттээх Николай Докторов аатын киэн тутта ааттыыллар. Биллиилээх биир дойдулааҕа, саха биир уһулуччулаах салайааччыта, суруйааччы Сергей Васильев ‒ Борогонскай суруйан хаалларбытын курдук, Николай Петрович «мэҥэлэри хайа үрдүгэр» таһаарсыбыт салайааччынан буолар диибит.
Үс көлүөнэ тутааччы Докторовтартан билигин «Мегинострой» оҥорон таһаарар кэпэрэтиипкэ, эбэтэр, аатын сахатытан хаһыаппытыгар «Мэҥэ-Тутуу» диэн суруйар тэрилтэбитигэр, икки көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ Докторов аймахтан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Тэрилтэ бэтэрээнэ, биэнсийэҕэ да олордор, тэрилтэтигэр сыбаайалары кутар биригээдэ тэринэн көмөлөһө сылдьар Святослав Докторов ‒ Николай Докторов уола, Святослав Николаевич уола, кэпэрэтииби салайар Николай Докторов уонна Николай Докторов кыыһа Светлана Николаевна уола Владимир Афанасьев.
Быйыл Владимир Николаевичка «СӨ үтүөлээх тутааччыта» бочуоттаах аат иҥэриллибитин улуус тутуу эйгэтин үлэһиттэрэ үөрэ иһиттилэр. Кырдьыга да, оскуола сааһыттан саҕалаан олоҕун тутууга уонна эһэтэ салайбыт тэрилтэтигэр анаабыт киһиэхэ саамай сөптөөх наҕараада буолар. Өссө ити иннинэ, 2018 сыллаахха, «СӨ Бочуоттаах тутааччыта» ааты ылбыта. 46 саастаах тутааччыга, үтүө суобастаах үлэтин сыаналаан, эдэр сааһыгар үөрдэ-көтүтэ өрөспүүбүлүкэттэн бэриллибит ааттар. Кэлэктиибэ, тэрилтэтин салалтата ити ааттарга хадатаайыстыбалааннар.
‒ 1991 сыллаахха таайым Святослав Докторов биригээдэтигэр сайыҥҥы каникулум кэмигэр үлэлэһэн саҕалаабытым. Оччолорго Мэлдьэхсигэ таас оскуола тутулла турара, ‒ диэн Владимир атырдьах ыйын ортотугар кэпсээтэ. ‒ 1994 сыллаахха «Санта-Барбара» тутуллуутугар үлэлэһэ сылдьан аармыйаҕа барбытым (биллэр киинэҕэ баар дьиэни санатар сабарайдаах элбэх кыбартыыралаах дьиэ норуокка ааттаммыт аата) уонна сулууспалаан кэлээт, оччотооҕуга «Мегинострой» аахсыйалаах уопсастыбаҕа салгыы үлэлии киирбитим уонна билиҥҥэ диэри бу үлэлии сылдьабын.
Тааҥкалар тыастарын-уустарын тутуу тыаһынан-ууһунан солбуйтаран, диэмбэл уол үлэлии киирбит тэрилтэтин «Бочуот знага» уордьан кавалера, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина Рево Гермогенов салайар кэмэ этэ. 1997 сыллаахха олунньуга үлэ киниискэтигэр суруллар. Кинини тутуу үлэтигэр уһуйбут, сүбэ-ама буолбут убайдарыгар махтала таас дьиэлии бигэ. Власий Никаноров, Семен Федулов (эмиэ кинилиин тэҥҥэ «Гражданскай килбиэн» бэлиэни ылбыт үлэлии сылдьар бэтэрээннэрэ), Николай Климентов, үлэни сүрүннээччи Юрий Пономарев, билигин сүрүннүү сылдьар, соторутааҕыта «СӨ үтүөлээх тутааччыта» ааты ылбыт, Ил Дархан Айсен Николаев быйыл бэйэтэ көҕүлээн олохтообут «Үлэ киһитэ» бириэмийэтин биир бастакы лауреата Алексей Захаров, Владимир Дулов, Михаил Егоров, Гаврил Васильев, Гаврил Шарин уонна да атыттар ааттарын ытыктыы ааттыыр.
Владимир тутуспут эбийиэктэрин барыларын ааҕа ааттыырын балачча ыарырҕатта. Үөһээ ааттаммыт тутуулары сэргэ, Лоомтука оскуолатын, Бүтэйдээх оскуолатын, Манчаары аатынан успуорт комплексын, Майа таас дьиэлэрин (билигин икки таас дьиэни, биирэ 60 кыбартыыралаах, Майаҕа тутуһа сылдьар) уонна да атын дьиэни-уоту кэлэктиибин састаабыгар тутуһан кэллэ.
Тутуу курдук киһиэхэ бириэмэ биэрбэт үлэҕэ сылдьар дьон дуоһуйа сынньаналлара да ахсааннаах буоллаҕа. Сарсыарда аҕыс чаастан киэһэ сэттэ чааска диэри, үлэлэрэ элбэх буоллаҕына, хойукка диэри, наада буоллаҕына, хараҥаҕа уоттанан-күөстэнэн да үлэлиир үлэһиттэр. Сайыҥҥы куйааска, кыһыҥҥы тымныыга, ардах-хаар да анныгар. Тутуу хаамыыта тохтуо суохтаах. Бэйэлэрэ сыбаайа кутуутун былырыыҥҥыттан саҕалаабыттара. Базаҕа сылдьыбыкка, Владимир Афанасьев биригээдэтэ чэпчэки бетон блоктары оҥоро сылдьара. Тас эркин блоктарын 40 сантымыатыр усталаах, 20 сантымыатыр халыҥнаах гына куталлар. Аныгы сылааһы тутар матырыйааллар баар буоланнар, блоктар быдан чэпчээбиттэр эрээри, сэбиэскэй шлакоблоктарын бырахпаттар, син биир оҥороллор. Сынньалаҥ чааһыгар, «Мэҥэ-Тутуу» кэпэрэтиип үлэһиттэрэ ордук спортиҥ көрүҥүн сөбүлээн дьарыктаналларын кэпсээтэ. Бырааһынньыктарга, тутааччы күнүгэр хамаандаларга хайдан тэриэлкэлэри ытыыга күрэхтэһэллэр. Ааспыт Тутааччы күнүгэр Дьокуускайга «Бэргэн» ытар сиргэ тиийэн, спортиннаан сынньаммыттар. Саха киһитин сиэринэн, Владимир, кылгас иллэҥ кэмнэр күөрэйдэхтэринэ, саас-күһүн кустуурун сөбүлүүр. Мас да көтөрүн бултаһар эбит. Ол гынан, улахан булка сылдьа илигин этэр. Докторов аймах буолан, Тутааччы күнүгэр эҥин, бырааһынньык күннэргэ айылҕаҕа тахсаллар.
Дьиэ кэргэнин туһунан кылгастык аҕыннахха, Владимир Афанасьев кэргэнэ, Бүтэйдээхтэн төрүттээх Татьяна Евгеньевна салгынынан сылдьыы судаарыстыбаннай ааҕыныстыбатын (ГАВС) каассатыгар үлэлиирин эттэ. Үс кыыстаахтар. Улахан кыыстара Ньургустаана быйыл бэһис кууруһа, учуутал буолуохтаах. Орто кыыстара Нарыйаана уонна кыралара Дайаана оскуола үөрэнээччилэрэ.
Устуоруйата 1953 сылтан саҕаламмыт, Майаҕа сыбаайата түспүт тутуу тэрилтэтин кэлэктиибин састаабыгар Докторовтар ааттарын салгыы ааттата сылдьар үлэһиттэр тутуу утумун тутан сылдьаллар. Тэрилтэ архитектуратын пааматынньыга буолан, норуокка «ПМК» диэн аатынан биллэр таас хонтуораларыгар үлэлэрин сүрүннүүр дьонноро үлэлииллэр.