“Тумул” хаһаайыстыба кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэр

“Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар” диэн өбүгэлэрбит этэн хаалларбыт бэргэн этиилэринэн сирдэтэн тыа сирин үлэһит дьоно күн-дьыл хаамыытын аахсыбакка үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Саха өрөспүүбүлүкэтин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, РФ уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Таисия Васильевна Десяткина салайааччылаах “Тумул” ТХПК өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр биир бастыҥ үлэлээх бөдөҥ хаһаайыстыба буолар. Манан сибээстээн Таисия Васильевнаттан сайыҥҥы үлэни-хамнаһы сырдатарыгар көрдөстүм. Дириэктэр быйыл кэмигэр ардах түһэн от үүнүүтэ да, бааһыналар үүнүүлэрэ да үчүгэй диэн сыаналыыр, окко 3 звенону үлэлэппит. Уопуттаах салайааччы күһүҥҥү былдьаһыктаах күннэргэ төһө даҕаны иллэҥэ суох сырыттар: «От үлэтин звеноларын Дмитрий Десяткин, Альберт Громов, Юрий Лукин салайан үлэлэттилэр. Барыта 852 гектар сири өрүс арыыларынан, тыа алаастарынан сылдьан оттоотулар. Манна 863 туонна  былааннаахтарын куоһаран 996 туонна оту бэлэмнээннэр былааннарын 115 % толордулар. Юрий Лукин звенота Мэлдьэхси нэһилиэгин 230 гектардаах Баачы арыытыгар 200 туонна былааннааҕын 225 туонна оту оттоото. Бурдугу 562 гектар сиргэ, о.и. 104 гектарга сүөһү аһылыгар анаан ыспыппыт. 412 туонна сиилэс угулунна, 102 туонна зеленка бэлэмнэннэ. 458 гектар сиргэ бурдук ыһыллыбытыттан бүгүҥҥү күҥҥэ 125 гектар сир хомулунна. Комбаайыҥҥа Петр Оконешников, Николай Десяткин, суоппарынан Петр Эверстов үлэлээтилэр. 182 т эбиэһи, о.э. 1 гектартан 14,5 сэнтиниэр,  сэлиэһинэйи 42 гектар сири, о. э. 1 гектартан 9 сэнтиниэр хомуллан, барыта 220 туонна бурдугу хаһаанныбыт. Сылга 500 туонна үүтү туттарар былааннаахпытыттан 8 ый түмүгүнэн 362 туонна туттарылынна. Мантан хаалбыт кэмҥэ былааны толоруохпут. Бастыҥ ыанньыксыттарбытынан Родмира Громова, Евдокия Власова, Саргылана Свинобоева, Саргылана Елисеева,Татьяна Десяткина буолаллар. Кинилэр сайыҥҥы 4 ыйга 1300 киилэ үүтү ыырга эбэһээтэлистибэ тиэрдиллибитин толорон,  үүт былаанын 8 ый түмүгүнэн 110 % толордулар. 8 ый түмүгүнэн 1-биирдии  ынахтан 1841 кг үүт ыанылынна. Сыл түмүгүнэн 2000 киилэттэн тахса үүтү ыырга дьулуһаллар.

«Хомус” сайылыкка Зоя Верховцева сэбиэдиссэйдээх ньирэй көрөөччүлэр сайыҥҥы 4 ыйга ньирэйи улаатыннарыыга ылыммыт  эбэһээтэлистибэлэрэ туолан иһэр. Быйыл сайын “Дьаам”  сайылыкка Иван Семенов салайааччылаах биригээдэ үлэлээн 120 ыанар ынах турар титиигэ саҥардыллан оҥоһулунна, үүт тутар, ынах сиэмэлиир пууннар тутулуннулар. Биригээдэҕэ Семен Десяткин, Михаил Птицын, Григорий Птицын үлэлээтилэр. Пилораамаҕа Альберт Громов салайааччылаах биригээдэ тутууга анаан элбэх маһы бэлэмнээн киллэрдэ. Сайын 2 бурдук ыскылаатын өрөмүөннээн саҥалыы бетон кутуллан абырахтанна. Николай Эверстов биригээдэтин үлэһиттэриниин Нина Ивановалыын, Григорий Птицынныын уонна Илья Десяткинныын бурдугу кууллааһыҥҥа, көрүүтүгэр-харайыытыгар үлэлээтилэр. Эһиилги ыһыыга анаан 461 гектар бааһына сирэ паарданна. Манна мэхэньисээтэрдэр Николай Десяткин, Василий Свинобоев эппиэтинэһи  сүктүлэр. Семен Миронов, Степан Стручков күрүө тутуутугар ананан үлэлээтилэр. Кинилэргэ Үлэ министиэристибэтин иһинэн тэриллибит устудьуоннар тутар этэрээттэрин 4 байыастара көмөлөһөннөр 2,5 км усталаах бааһына күрүөлэннэ. Быйылгы дьылга барыта 52 племенной ынах сүөһү хаһаайыстыбаларга атыыланна. Ыанньык ынахтар кыһынын 4 хотонунан кыстыахтара” диэн сайыҥҥы үлэни-хамнаһы өрө тутан сырдатта.

Ити курдук кыстыкка киириигэ бэлэмнэнии үлэ тэтимнээхтик барар. Илгэлээх сайын үтүөтүн иҥэринэн, үрүҥ илгэни үрүлүтэн, бороону төлөһүтэн, өрөмүөн үлэтин кэмигэр ыытан, сир үлэтин үмүрүтэн Доллу нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ кэскиллээхтик дьаһаналлар.

Марелла Баишева.