Сонун тэрээһин
Улууспутугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр урбаанньыт Иван Иванович Борисов тус көҕүлээһининэн Хотун Төҥүлүгэ балаҕан ыйын 10‒14 күннэригэр тимир уустарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэхтэһии буола турар.
Күрэхтэһии тэрийээччилэринэн «ПИК» ХЭУо, «Мэҥэ Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон, «Төҥүлү нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалталара, «Эйгэ» култуура киинэ буолаллар.
Тэрээһин бырагыраамата киэҥ. Бастакы күн тимиртэн кытардан, таптайан оҥоһук оҥоруутугар маастар-кылааһы тимир уустара Николай Михайлов, Егор Петров, Алексей Апросимов, Леонид Говоров ыыттылар. Иккис күн Төҥүлүгэ олохтоох тимир уусттара олохтоох таас рудатын оһоххо уһааран саха болгуо тимирин хостооһунун көрдөрдүлэр. Бүгүҥҥүттэн саҕалаан үс күн устата күрэхтэһээччилэр бэйэлэрин оҥоһуктарын уһаарыыга түһүннүлэр. Тимир уустар күөн көрсүһүүлэригэр Дьокуускай Мархатыттан, Сунтаар, Ньурба уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан барыта 20 киһи кыттар.