Тиэлигигэ Степанида Борисова аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр сэтинньи 25 күнүгэр “Мин олоҥхо дойдутун оҕотобун” диэн Олоҥхо күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ оҕолуун-улаханныын бары муһуннулар.
Олоҥхо күнүн хомус алыптаах эйгэтинэн доҕуһуоллаан “Айыллаан” фольклор бөлөҕө аста.
Кулууп иһинэн тэриллибит Олоҥхо түмсүүтэ Н.И.Степанов-Ноорой “Күн Эрили” олоҥхотуттан толорон ааҕан, ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр.
Ол кэнниттэн оскуола үөрэнээччилэригэр кылаастарынан олоҥхону куолаан толорууга куонкурус ыытылынна.
Барыта 10 олоҥхону иһиттибит. Кыра кылаастарга 1 кылаас кэлэктиибэ “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан, улаханнарга 6 кылаастар “Оҕо тулаайах” олоҥхону толороннор “Олоҥхону толорууга бастыҥ кылаас” аатын ыллылар.
Атын кыттыбыт кылаастарга анал ааттары ылбыттарын туоһулуур сибидиэтэлистибэлэр туттарылыннылар.
Олохтоох бибилэтиэкэ “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” диэн улууспут олоҥхотун кинигэлэрин быыстапкатын туруорда.
Сардана Сергеева,
нэһилиэк бибилэтиэкэрэ.