Тиэлигиттэн тэттик сонуннар

Тохсунньу бүтэһик күннэригэр утуу-субуу Степанида Борисова аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр тэрээһиннэр буоллулар.

Ленинград төгүрүктээһинтэн босхоломмута 80 сылыгар аналлаах “Ленинград блокадата” литературнай композиция ыытылынна. Үөрэнээччилэр 1 кылаастан 10 кылааска диэри бары блокада туһунан араас ааптардар суруйбут хоһооннорун аахтылар. Бу өйдөбүнньүк күҥҥэ анаан “Блокада туруйаларын” кумааҕынан хас биирдии кыттааччы оҥорон аҕалан өйдөбүнньүк миэстэтигэр ууран ол кэми санаатыбыт, хаһан да итинник түгэннэр буолбатыгар баҕабытын биллэрдибит. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!!!

Иккис күн  нэһилиэкпитигэр Сылы арыйыы үөрүүлээх чааһа буолла. Бу күн 1 Наахара нэһилиэгин аҕа баһылыга Исаков Иннокентий Кретович Бүтүн дойду үрдүнэн биллэриллибит Сыл бэлиэлэрин сэргэ нэһилиэкпитигэр Төрүччү сылын арыйда. Алгысчыт Кириллин Иннокентий уот оттон айах тутан амалыйда, 92 саастаах тыыл бэтэрээнэ, сэрии огдообото, герой-ийэ Екатерина Захарова кыыһынаан Екатериналыын, сиэнин Юлияны кытта уонна хос сиэннэринээн Дианалаах Нюрбиналыын сахалыы үҥкүүнү бэлэхтээтилэр, удьуор утумун салҕыылларын бэлиэтинэн буолла.

Быйылгы сыл нэһилиэкпитигэр “Төрүччүнү оҥоруу-аймаҕы түмүү” ыҥырыынан былааннаахтык Төрүччү сылын ыытарга сыал-сорук турда.

Бастакы ыалдьыттарбытынан Майаттан “Ийэ тыл” уопсастыбаннай түмсүүттэн Евдокия Саввична Решетникова уонна “Эркээйи” хаһыат эрэдээксийэтиттэн Дария Николаевна Михайлова буоллулар. Кинилэр төрүччү үөрэтии суолтатын, удьуор утумун туһунан кэпсээтилэр, төрүччүнү электроннай көрүҥүнэн программаҕа оҥорууну көрдөрөн сүбэ-ама бөҕөтүн биэрдилэр.

Үһүс күммүт тэрээһинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бөдөҥ бэлиитикэ деятелэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бастакы баһылыга, Хаҥалас уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо, Санкт-Петербург куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэстэбиитэлэ В.В.Скрябин төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах “Мин баһылыкпын” дьыалабай оонньуу улуустааҕы түһүмэҕэр сүүмэрдээһин түһүмэҕэ буолла. Манна Чыамайыкыттан Антон Захаров, Хочоттон Вася Иванов , Тиэлигиттэн Артур Петров уонна Вадим Лебедев 5 түһүмэхтээх күрэххэ илин-кэлин түһүстүлэр.

Уолаттар төрүччүлэрин кэпсээтилэр, боппуруостарга эппиэттээтилэр, хоһоон айан холоннулар, дуоспуруннаахтык саҥаран-иҥэрэн бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын көрдөрдүлэр. Түмүккэ Савва Николаевич Михайлов аатынан Чыамайыкы оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Антон Захаров кылаан кыайыылаах буолан биһиги Наахаратааҕы кустовой холбоһук аатыттан улууска кытта барар чиэһи сүктэ. Киниэхэ ситиһиилэри баҕара хааллыбыт. Ити курдук, Тиэлигигэ сыл сэргэх тэрээһиннэринэн саҕаланна.

Сардана Сергеева, нэһилиэк бибилэтиэкэрэ.