Бүгүн биһиэхэ Тиэлигибит Эбэтигэр эбиэт иннинэ 10 айылҕа маанылаах көтөрдөрө туус маҥан кубалар түстүлэр. Соҕурууттан уһун айаннарыттан сынньана кэлэн түспүттэрэ сонун кэрэ көстүү буолла,быйыл элбэх буолан кэлбиттэрин кэрэхсээтибит,атын сылларга биир,икки буолан охсуллаллара. Аны күһүн элбээн, эбиллэн төннүөхтэрэ маанылаах көтөрдөрбүт.Кубалары көрө таарыйа кус-хаас арааһа түһэн күөл үрдэ араас көтөр саҥататынан туолбута этиэхтэн эриэккэс көстүү сүрэҕи үөртэ.Эбэҕэ кустааһын бобуллан араас көтөр түһэн,сынньанан,аһаан-сиэн ааһар буолбута кэрэхсэбиллээх.
Сандал саас, айылҕа уһуктуута саха киһитигэр күүс эбэр, сүрэҕи үөрдэр кэрэ кэм буоллаҕа.
Тулалыыр айылҕабыт бэлэҕин,кэрэ көстүүтүн кэлэр кэнчээрибитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһан үйэлэргэ үйэтитэллэригэр көҕүлүөҕүн
Лукина Татьяна, үрдүкү категориялаах иитээччи, СР Үөрэҕириитин туйгуна, 1-кы Наахара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо