Төрөөбүт тылынан алтыһыы майгытын хайдах үөскэтэбитий?

Ийэ тыл

Майаҕа ыам ыйын 27-28 күннэригэр “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ “Ийэ тыл түмэр түһүлгэтэ” бырайыагы оҥорууга сэминээр ыытылынна.

Манна Дьокуускайтан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээттэн Саргылана Игнатьева, Тааттаттан лиссиэй дириэктэрэ Изабелла Сивцева, уйулҕа үөрэхтээҕэ Саргылана Миронова уонна Амма улууһуттан “Ийэ тыл” түмсүү кыттыылааҕа Фатима Орестова салайааччылардаах 8-10-с кылаас көхтөөх оҕолоро муһуннулар. Майаттан саха тылын учууталлара: И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэйтэн Тамара Слободчикова, В.П.Ларионов аатынан агротехнологическай хайысхалаах орто оскуолаттан Александра Гаврильева, Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуолаттан Наталья Пахомова салайааччылардаах 10-с кылаас оҕолоро кытыннылар.

Тэрээһини Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Ийэ тыл” түмсүү көҕүлээччитэ, саха тыла үөрэхтээх Евдокия Решетникова иилээн-саҕалаан ыытта. Кини оҕолорго туһаайан сэминээр суолтатын быһаарда.

  • Биһиги бу саха омукпут иннигэр улахан кыһалҕа үөскээн эһигини түмтүбүт. Төрөөбүт ийэ тылбыт сүтэр кутталга киирдэ. Наука этэринэн, ханнык баҕарар омук тыла сүтэр буоллаҕына 22 кэрдииһи ааһар эбит. Ол кэрдиистэн саамай бүтэһигэ – саҥа төрөөбүт оҕолор бэйэлэрин тылларынан саҥарбат буолуулара. Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Ийэ тыл” түмсүүтэ Гугл нөҥүө ыйытыы ыыппыппыт. Ол көрдөрөрүнэн, биһиги улууспутугар 3-гэр диэри саастаах 1617 оҕо баарыттан саҥарар буолбута 50 эрэ %-ны ылар. Дьиҥэр, оҕо 3 сааһыгар диэри саҥарыахтаах, тылланыахтаах. 5-гэр диэри саастаах оҕолор 27 %-ра сахалыы билэр, онтон атыттара булкуйан саҥараллар. Сахалыы билбэт оҕолор улааттахтарына сахалыы саҥарыахтара дуо, кинилэр ыал буоллахтарына оҕолоро сахалыы билиэхтэрэ дуо диэн ыйытыктар үөскүүллэр. Нэһилиэктэрбитин кэрийэ сылдьан көрдөхпүтүнэ, бэйэлэрин икки ардыларыгар оҕолор нууччалыы кэпсэтэллэр. Аан дойдуга күн аайы 40-нуу омук төрөөбүт тылын сүтэрэр эбит. Билигин тылларын сүтэрбит сорох омуктар саҥаттан букубаар оҥостон тылларын сөргүтүүгэ үлэлээн эрэллэр. Арассыыйаҕа бүрээттэр тылларын сүтэрэн баран билигин күүскэ ылсан үлэлээнннэр, икки сыллааҕыта буолбут биэрэпис көрдөрөрүнэн бүрээттии кэпсэтэр бүрээт ахсаана 2 төгүл элбээбит, онтон сахалыы саҥарар саха ахсаана аҕыйаабыт. Аны 8 сылынан буолуохтаах биэрэпискэ сахалыы саҥарар саха 2 төгүл элбиирин бу эһиги көлүөнэ ыччат, кыһаллар буоллаххытына, ситиһиэххитин сөп. Бүгүҥҥү түһүлгэттэн биһиги наадалаах бырайыактары оҥороммут, ону күннээҕи олохпутугар киллэрэн сайын устата үлэлэтэммит, аны кыһын оскуолаҕа саҥа бырайыактарбытынан үлэлээн бардахпытына, сыыйа биһиги тылбытын өрүһүйэр кыахтаахпыт. Онон  эһиги көлүөнэ ыччат ситими быспаккаҕыт, саха омугу тыла суох хаалларбаккаҕыт, сахалар үйэттэн үйэлэргэ баар буоларбыт туһугар тэринэн үлэлиэҕиҥ. Ийэ тылбытын сүтэрбэт туһугар сайын устата түмүллэн салгыы үлэлиирбит наада, барыта бэйэбититтэн тутулуктаах.

Төрөөбүт тылынан алтыһыы майгытын хайдах үөскэтэбитий диэн бүгүҥҥү күҥҥэ күүскэ турбут уустук ыйытыкка хамаандаларга арахсан санаа атастаһыыта буолла. Салайааччылар экспердэр буоллулар. Саха омук инники кэскилин быһаарар дьыалаҕа оҕолор бэйэлэрин толкуйдарынан, кыахтарынан бырайыак толкуйдаан кытталлара тэрилиннэ. Кыра саастаах оҕолору төлөпүөн дьайыытыттан хайдах көмүскүүргэ диэн ыйытыыга төрөппүттэргэ туһаайан оҕолорун кытта элбэхтик алтыһалларыгар баҕаралларын үллэһиннилэр, сахалыы иитиигэ күн сарсыҥҥыттан ханнык ньыманы киллэриэххэ сөбүй диэҥҥэ хас биирдиилэрэ хоруйдаан санааларын тиэртилэр.

Бастатан туран, кыраттан саҕалаан: сахалыы дорооболоһуохха, ыйанар суруктар сахалыы суруллан ыйаныахтарыгар, сахалыы киинэлэри элбэҕи оҥорорго, омук киинэтэ сахалыы субтитрдаах буолуоҕар, саха төрүт оонньууларын нөҥүө кыра оҕолору иитэргэ, учуутал биридимиэттэри сахалыы быһааран өйдөтөрүгэр, тэрилтэлэр ааттара, араас биллэриилэр сахалыы тылынан суруллалларыгар, уһуйааннарга сахалыы буукубалар, дифтоннар, оскуолаларга өс хоһоонноро, сыыс тыллар сахатытыллыбыттара баар буолалларыгар, комикстары уруһуйдуурга, сахалыы тэрээһиннэри элбэтэргэ, о.д.а. элбэх баҕа санааларын эттилэр.

Тэрээһин салайааччылара төрдүттэн сахалыы толкуйдуур оҕолор баалларыттан астыннылар. Бу оҕолор атыттарга холобур буолаллар. Тыл киһи майгытын оҥорор. Мэҥэ Хаҥалас улууһа омук дьоно кэлэллэригэр аан буолар. Онон бу улуустан саҕалаан бары бэйэ-бэйэбит бодобутун тардынан, тылбытыгар-өспүтүгэр болҕомто ууран, көрүнэн,  көрсүөхтээхпит. Бэйэбитигэр хайдах сыһыаннаһабыт даҕаны, кэлии дьон оннук сыһыаннаһыахтара. Төрөөбүт тылбытыгар болҕомто ууран,  бүгүҥҥүттэн саҕалаан сыыс тыла суох сахалыы саҥаны олохпутугар киллэрбитинэн барыахтаахпыт диэн түмүктээтилэр.

Үөрэнээччилэр илин эҥэрдээҕи түмсүүлэрин 2 күннээх сэминээрэ тэрээһиннээхтик ыытыллан түмүктэннэ. Манна ийэ тылы салгыы хайдах харыстыыбыт диэн ыйытыыга оҕолор бэйэлэрин баҕа санааларынан элбэх бырайыак оҥоһулунна. Оҕолор сайыҥҥы лааҕырга диэри кыалларынан ый устата бэйэлэрин улуустарыгар үлэлэрин ырытан, салгыы былааннарын торумнуохтара, бырайыактарын көмүскүөхтэрэ. Сэминээр кыттыылаахтара бэйэ-бэйэлэрин кытта оонньуу, ырыа-тойук нөҥүө билсэн, инникитин биир сүбэнэн төрөөбүт тылларын сүтэрбэт туһугар кыһаллалларыгар олук уурулунна.

Илин эҥэр лиидэр оҕолоро күһүн оскуолаларыгар тиийэн ийэ тыл түмсүүлэрин тэрийэн, үлэ ыытарга былааннанан тарҕастылар.

Өбүгэлэрбит иннигэр омук быһыытынан биһигинэн кэлэн тылбыт симэлийэн, сүтэн хаалбакка салгыы барарыгар, сайдарыгар үлэлиэхтээх ытык иэстээхпит. Саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!

 

Марелла Баишева.