Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Матта орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара күһүҥҥү сылаас күнү баттаһа ытык сирдэри көрө-истэ, сатыы бохуокка баран кэллибит.
Күммүт-дьылбыт анаабыт курдук туран биэрэн олус үчүгэйдик сырыттыбыт. Тоҕус чаастан турунан икки чаас кэриҥэ хааман тиийдибит. Тиийбит сирбитигэр үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Мария Павлова Уһун Эбэ сирин-уотун устуоруйатын сиһилии сырдатта, билиһиннэрдэ. Эбиэттээн баран сибиэһэй салгыҥҥа оонньоотубут. Оҕолор хамаандаҕа арахсан бэйэ-бэйэлэрин кытары күрэстэстилэр. Ол курдук, бэлиэ сирдэр тустарынан репортаж уһуллулар, айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһук оҥордулар уонна хаартыскаҕа түстүлэр.
Былыргы тутуулар, саха киһитин урукку олоҕо үксүбүтүн интэриэһиргэттэ. 1921 сыллаахха аһыллыбыт бастакы оскуола аанын арыйан оччотооҕу кэм быыһын сэгэтэн көрүөҕүҥ. Бу тураллар: былыргы паарталар, хара кыраасканан кырааскаламмыт дуоска, учуутал остуола уонна дьиэ ортотугар оһох. Оскуола дьон-сэргэ кэлэн көрөн-истэн барарыгар анаан толору информациянан сырдатыллан мусуой курдук оҥоһуллубут.
Мэҥэ Хаҥалас улууһа саха национальнай дьоруойа Манчаары Баһылай төрөөн-үөскээн ааспыт сиринэн биллэр. Кэлэн иһэн Табалаах сиригэр сылдьан аастыбыт. Бу күн устуоруйаҕа хаалбыт олус интэриэһинэй чахчыны биллибит. Манчаары Баһылай Уус Алдаҥҥа ааһан иһэн Табалаах алааска хоммут. Сарсыарда: «Манчаары Баһылай, бу диэки кэлимэ!» ‒ диэн Халлаан Хачыйа хаһыыта иһиллибит уонна атын саалыттан ылан тириитин саралыы тардыбыт. Манчаары онтон куттанан тыыппакка аараттан төннүбүт диэн кэпсииллэр.
Чиргэл мас силистээх-мутуктаах, хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах, түөлбэлээх буолар… Алаас ааттаах, дойду сурахтаах. Төрөөбүт-үөскээбит сирин устуоруйатын билиэхтээх, төрүттэрин олорбут сирин уотун үөрэтиэхтээх.
Ярослав Григорьев, кэрэспэдьиэн, 9 кылаас үөрэнээччитэ
Влада Павлова, видеомонтажер, 10 кылаас үөрэнээччитэ
Мария Макарова, салайааччы, саха тылын уонна литературатын учуутала
Матта.