Тэрчи сүдү айымньыны толорбутун сөхтүбүт-махтайдыбыт

Майаҕа сэтинньи 21 күнүгэр Итэҕэл балаҕаныгар “Сырдык Айыы сыдьаайа” түмсүү салайааччыта Анна Климентова, арчыһыт Лидия Андреева-Ил Иитэ тэрийиилэринэн Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн дьоро күн буолла. Манна 2023 с. Ил Дархан Олоҥхоҕо стипендиата, “Гражданскай килбиэн”, “Манчаары дойдута – мин дойдум” бэлиэлэр хаһаайыннара, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, 3-с Мэлдьэхси нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, олоҥхону толорооччу, алгысчыт Петр Максимович Тихонов-Тэрчи ыалдьыттаата.

Бу күн Ходоро нэһилиэгиттэн Марфа Данилова-Хатыҥ Ай аатынан култуура киинин дириэктэрэ Саргылана Иннокентьевна Атласова, исписэлииһэ Галина Васильевна Константинова, “Айыллыат” түмсүү чилиэннэрэ Заредина Алексеевна Сосина, Анастасия Васильевна Адамова,  Василий Прокопьевич Петров, В.П.Ларионов аатынан Майа орто агрооскуолаттан саха тылын учуутала Ольга Петровна Старостина салайааччылаах 8 “б”, 9 “б” кылаастар оҕолоро, “Сырдык Айыы сыдьаайа” түмсүү дьоно, олоҥхону сэргээччилэр кэллилэр.

Тигинэччи оттуллубут көмүлүөк балаҕан иһигэр сылааһынан илгийдэ. Петр Тихонов-Тэрчи аал уотун арыылаах алаадьынан айах тутан алгыс көтөхтө. Бу кэннэ оҕолорго анаан Сергей Васильев-Борогонскай “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхотун турукка киирэн олорон хас биирдии дьоруойун оруолугар киирэн, көрөн-истэн, туттан-хаптан, этэн-тыынан туойан барда. Бу бэйэтэ – тыйаатыр буолла.

Олоҥхо үйэлэри уҥуордаан кэлбит саха норуотун сүдү баайа, 2009 с. ЮНЕСКО киһи-аймах духуобунай баайынан билиммит улуу айымньыта буолар. Олоҥхоҕо Орто дойду олоҕо, сырдык, хараҥа күүстэр охсуһуулара уобарастаан, хоһуйан ойууланар, түмүгэр сырдык күүстэр кыайаллар.

Петр Тихонов аҕата Максим Петрович Тихонов 2-с Моорук нэһилиэгэр төрөөбүт, кини баара буоллар билигин 95 сааһа буолуо этэ, сахалыы ырыаны-тойугу сэргиир, үчүгэй тойуксутунан дьон биһирэбилин ылбыт киһи эбит. Петр 12 саастааҕар аҕата Сергей Васильев “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхотун Гаврил Колесов толорбут грампластинкатын (1961 с. Москваҕа тахсыбыта) уонна “Серенада” диэн радиола атыылаһан аҕалан анал долбуур оҥорон уурбут. Дьэ, онтон ыла Петр олоҥхону, тойугу сэргээн истэр буолбут. Ол кэмтэн 60 сыл ааспыт. Ону эргитэн бу олоҥхону быспакка толорор.

Бу киэһэ Евдокия Петровна Семенова салайааччылаах “Айыллыат” түмсүү чилиэннэрэ Василий Осипович Каратаев “Модун Эр Соҕотох” олоҥхотун толордулар.

Олоҥхо дьоро киэһэтигэр мустубут дьон сүдү айымньыттан сөҕөн-махтайан, күүс-уох ылан ыҥырыылаах ыалдьыкка махтанан тарҕастылар.

 

Марелла Баишева.