Алтынньы 8‒9 күннэригэр Төҥүлү нэһилиэгэр Аҕам саастаахтар куннэрин бэлиэтээн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин бэрт сэргэх күрэхтэһии ыытылынна.
Тэрээһини «Алаһа» бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Галина Егоровна Громова аста.
Курэхтэһиигэ биһиги киэн туттар чулуу дьоммут — тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ, үөрэх, доруобуйа харыстабылын туйгуннара, сопхуос чулуу үлэһиттэрэ. Биирдиилээн уонна түөлбэнэн арахсан успуорт 4 көрүҥэр күрэхтэстилэр.
Тыҥааһыннаах күрэхтэһиигэ кыайыылааҕынан «Эбэ» түөлбэ таҕыста. Түөлбэлэр олохтоохторо кырдьаҕастары араас эмтээх оттон, дөлүһүөнүнэн оҥоһуллубут чэйинэн, оҕуруот аһынан күндүлээтилэр. Тэрээһин «Эйгэ» култуура киинигэр тумуктэннэ. Күндү дьоммутугар анаан көрсүһүү, остуол тула олорон кэпсэтии,көрдөөх оонньуулар, биктэриинэлэр ыытылыннылар. Аҕа саастаах дьоммутун үбүлүөйдэринэн, дьиэ кэргэн сылынан эҕэрдэлээтилэр.
Максимова Дарина, VII кылаас,
Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас