Төҥүлү оскуолатын үөрэнээччилэрэ сонуннарын үллэстэллэр

Биһиги Төҥүлү орто оскуолатын 2 «а» кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрдибит. Учууталбыт Баишева Айталина Дмитриевна иллээх-эйэлээх, билиилээх, амарах сүрэхтээх дьон буолан тахсарбытыгар олус кыһаллар. Оскуола бары үлэтигэр көхтөөхтүк кыттабыт, куруук бириистээх миэстэҕэ тиксэбит. Быйыл иккис сылбытын кылааспыт иһинэн дакылаат суруйан көмүскээтибит. Ол курдук, төрүччү, тустуу, хомяк, быраас, инкубатор, акула уо.д.а. кэрэхсэнэр дакылааттары иһиттибит, ыйытыктарга хоруйдаатыбыт, билиибитигэр билии эбиннибит. Бырайыакпытын эһиил эмиэ салгыыр былааннаахпыт. Сайыҥҥы каникулбутун туһалаахтык атааран бары тутуспутунан үһүс кылааска үктэниэхпит.

Мира Заровняева, Риана Степанова, Аделина Черкашина. Төҥүлү