Төхтүргэ «оттоон биэрэр мэхэньисээссийэ баара буоллар кырдьаҕастар сүөһүнү эһиэхтэрэ суоҕа этэ» диэн баҕа санаа этилиннэ

Дьанхаады нэһилиэгэр улуус баһылыгын отчуотугар 100 олохтоох кэлэн араас хабааннаах ыйытыылары биэрдилэр. Баһылык Василий Стручков иилээн-саҕалаан ыытта. Лия Санникова хаһан кулууп тутуута хамсыырын, нэһилиэнньэ кулууба суох олус эрэйдэммиттэрин быһыытынан боппуруос гына туруорда. Муусука оскуолатын дьиэтэ эмиэ олус эргэрбитин, усулуобуйа суоҕун ыйда. Хаарбах дьиэлэртэн хаһан көһөрүү буоларын чуолкайдаста. Нэһилиэккэ аптека суоҕун, инбэлииттэргэ босхо эмтэрэ сыл бүтэһигэр тоҕо тиийбэтин ыйыттылар. Элбэх боппуруос тыа хаһаайыстыбатыгар, электро уот лииньийэтин остоолболоро эргэрбиттэригэр киирдэ. Бэдьимэ-Төхтүр икки ардыгар суолу оҥоруу, улууспутугар бас билэр паром наадатын ыйдылар. Этиилэргэ спортсменнарбытыгар кыһыннары-сайыннары сбордары, лааҕырдардары тэрийиэххэ диэтилэр. Биэнсийэлээх Клара Чоросова үгүспүт сирдээхпит эрээри сайын оту оттууру кыайбаппыт, оттоон биэрэр механизация баара буоллар кырдьаҕастар сүөһүнү эһиэ суохтара этэ диэн баҕа санаатын эттэ. Олохтоохтор сылгы, сүөһү аҕыйыы турарын, тыа хаһаайыстыбатыгар ыччаты сыһыарыы оскуола саҕаттан үлэ барыан наадатын ыйдылар.

Елизавета Неустроева.