Тапталынан арчыланар, үлэнэн үлүһүйэр Петровтар дьиэ кэргэн

Кэлбит сыл кэргэннии Кэскилээнэ уонна Олег Петровтарга элбэх бэлиэ түгэннэринэн уратыланна. Кинилэр иккиэн Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар үлэлииллэр. Ыал ийэтэ Кэскилээнэ дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһитинэн, медиа киин салайааччытынан, ыал аҕата Олег идэтинэн омук тылын учуутала, дириэктэри информационнай эйгэҕэ солбуйааччынан үлэлиир.

— Бэйэҕит тускутунан кылгастык кэпсээҥ, хайдах билсэн ыал буолбуккутуй?

— Мин, Кэскилээнэ, Дьокуускай куорат Михайловтар диэн ыалын улахан оҕото буолабын. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Балтылаахпын уонна кэтэһиилээх кырачаан бырааттаахпыт. Балтым Аня биир сыл балыс, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕирии управлениетыгар иитии салаатын сүрүн исписэлииһэ. Быраатым Вася 19 сыл балыс, Дьокуускай куорат 38-с оскуолатыгар 8-с кылааска үөрэнэр.

Кэргэммин Олегы кытта социальнай ситим нөҥүө билсибиппит. Ол кэмҥэ «ВКонтакте» диэн ситим саҥа сайдан эрэр кэмэ этэ. Эдэр ыччат бары онон үлүһүйэн сылдьара. Икки ый  кэриҥэ кэпсэппиппит. Ол кэмҥэ Олег төрдүс кууруһу бүтэрэн Америкаҕа үлэлии, күүлэйдии диэн бырагырааманан сылдьар кэмэ этэ. Миэхэ атын дойду олоҕун, култууратын кэпсиирэ. Мин Саха сирин сонунун, сахалыы тылынан кэпсэтэрим. Оннук кэпсэтиибит улам тапталга кубулуйан, дойдутугар кэлбитин кэннэ көрсүбүппүт, уруккаттан билсэр дьон курдук буолан, онтон ыла бииргэ буолбуппут. Олег Петровтар ыал улахан оҕото, олус эппиэтинэстээх, сымнаҕас майгылаах, аһыныгас сүрэхтээх. Кини үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ ыал буолан Майаҕа көһөн олохсуйбуппут. Үөрэммит оскуолатыгар омук тылын учууталынан үлэтин саҕалаабыта.

— Дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит диэн киэҥ эйгэлээх үлэ буоллаҕа?

— Оннук. Ыал улахан оҕото буоларым быһыытынан, үөрэтэрбин-такайарбын оҕо эрдэхпиттэн олус сөбүлүүр этим. Учуутал буолан оскуолалаах элбэхтэ оонньуурбут. Ол эрээри мин бастакы идэм программист. Үөрэҕирии эйгэтигэр Мэҥэ Хаҥаласка кэлиэхпиттэн, эбии үөрэхтээһин киинигэр үлэлии киириэхпиттэн саҕаламмыта. «Дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит» диэн дуоһунас биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 2022 сыллаахха балаҕан ыйыгар киирбитэ. Сүбэһит иитии эйгэтин тэрийээччи уонна дойду үрдүнэн буола турар бырайыактары сырдатааччы, үлэҕэ киллэрээччи буолар.

— Иккис төгүлүн ыыттыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Иитии саҥа философията» оҕо бириэмийэтин туттарыыга Кэскилээнэ Николаевна «Сүбэһити кытта сэһэргэһии» анал аат кыайыылааҕын үрдүк аатын ылбытыҥ. Ол туһунан ааҕааччыларга сырдатыаҥ дуо?

Куонкурус буоларын муниципальнай кураторбыттан Марианна Монастыреваттан истибитим. Марианна Дмитриевна үөрэҕирии эйгэтигэр оҕону иитии хайысхатын сайыннарыыга тус кылааттарын киллэрбит оскуолалар сүбэһиттэригэр аналлаах куонкурус буолар диэбитэ. Куонкурус балаһыанньатын үөрэнээччилэрбин кытта ырытан баран кыттарга санаммыппыт. Бу оҕо бириэмийэтэ буоларын быһыытынан куонкуруска оҕолор бэйэлэрэ кыттааччы туһунан эссе суруйан ыытыахтаахтар эбит. Ол бириэмэҕэ от ыйа буолан каникул үгэннээн турара, ону ол диэбэккэ, оҕолорум биир санаанан наһаа истиҥ-иһирэх тыллардаах эссе суруйан ыыппыттара. Ону тэҥэ хас биирдии кыттааччы куонкурус ирдэбилинэн бэйэтин туһунан «объективка» толорон ыытыахтааҕа.

Онно үлэбэр туох инструмены туһанарбын, оскуолаҕа туох саҥа киирбитин суруйбутум. Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо кыһатын тэрийиитинэн 2023 сыл тохсунньу ыйыттан «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» ыытыллар буолбута. Төрөөбүт тылынан кылаас чаастара тахсар буолбуттара. Биһиги оскуолабыт кылааһын салайааччылара ону олус сэргээн, сөбүлээн, ол компонены үлэлэригэр туһанан барбыттара. Олохтоох компонент сүрүн  сыалынан үөрэнээччи дойдуга, бэйэтин төрөөбүт сиригэр-уотугар, норуотугар, кини ураты устуоруйатыгар, баай айылҕатыгар ытыктабылы күүһүрдүү буолар.

Номинацияҕа киирбиккин истэн төһө үөрбүккүнүй? Эрдэ эппиттэрэ дуо? Төһө бэлэмнээх, киирсиилээх күрэх этэй?

— Финалга киирбиппин сэтинньи бүтүүтүгэр билбитим. Истэн олус соһуйбутум уонна үөрбүтүм. Финалга киирбиттэр эбии матырыйаал, оскуолабыт күннээҕи олоҕуттан видеоролик устан ыыппыппыт. Кыайыылаахтары ааттааһын уонна наҕараадалааһын ахсынны 16 күнүгэр Москуба куоракка ВДНХ 57-с павильонугар буолбута. Арассыыйа бары муннугуттан педагогтар мустубуттара. Уопсайа 500 сүбэһит кыттыбыт этэ. Саха сириттэн дэлэгээт быһыытынан үс педагог ыҥырыллыбыппыт: өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт сүбэһитэ Евдокия Романова, «Айыы кыһата» гимназия сүбэһитэ Алина Герасимова уонна мин. Кыайыылаах буолбуппун эрдэ эппэтэхтэрэ, наҕараадалааһыҥҥа кэмбиэри арыйбыттарыгар биирдэ билбиппит. Видеоҕа устааччы кыыһым Алина Герасимова, кини полуфиналы ааһан, ыалдьытынан сылдьыбыта. Кыайбыппын истэн олус үөрэн, долгуйан, кыайыы биһиэхэ кэллэ диэн үөрүүтүттэн хараҕын уутун туттумматаҕа… Бу ситиһии барыбыт кыайыыта, өрөспүүбүлүкэ, улуус, оскуола үрдүк таһымнаахтык, сөп хайысханан үлэлии сылдьарбыт бэлиэтэ буолар.

Дьиэ кэргэн иллэҥ кэмҥитигэр тугунан дьарыктанаҕыт?

— Ыал буолбуппут быйыл 11 сыла, 3 оҕолоохпут. Аҕабыт Олег Сергеевич оскуола, нэһилиэк, улуус  тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Үҥкүүһүт, хоһоон ааҕааччы, араас сценкаларга, испэктээккэ оонньуур. 2018 сыллаахха Д.Ф.Ходулов аатынан норуот тыйаатырыгар драмкуруһуокка киириэҕиттэн биэс сыл иһигэр араас оруоллары оонньоон, киинэлэргэ да уһуллан, артыыс идэтигэр холонор. Сахалыы остуол оонньууларыгар – хабылыкка, хаамыскаҕа 2019 сылтан дьарыктанан, биһигини барыбытын сыһыаран, дьиэ кэргэнинэн дьарыктанар успуорт көрүҥэ буолла. Уһанарын олус сөбүлүүр. Бастакы улахан тутуута – беседкабыт. Оҕолоругар оонньуур дьиэ, сыыр оҥорбута. Дойдутун ис дууһатыттан таптыыр, олорор нэһилиэкпит, улууспут сайдарыгар олус кыһаллар, олоххо көхтөөх сыһыаннаах.

Улахаммыт Эрхан 4 кылаас үөрэнээччитэ. Сандаара 1 кылаас, муннубут  бүөтэ Айхаана 4 саастаах «Кэнчээри» уһуйаан орто бөлөх иитиллээччитэ. Эрхаан уһуйааҥҥа сылдьан күпсүүрүнэн дьарыктанар этэ, үгэ, олоҥхо ааҕара. Аҕатын батыһан испэктээккэ Саха тыйаатыр сыанатыгар кытта оонньообута. Кыра эрдэҕиттэн ырыаҕа, үҥкүүгэ кыттан, сыанаҕа тахса үөрүйэх. Быйылгыттан хабылык, хаамыска остуол оонньуутугар дьарыктанан саҕалаата. Видео устарын, мультик оҥорорун ордорор. Сандаара 4 сааһыттан «Кыталык» үҥкүү ансаамбылыгар сылдьар, ийэ кыыһыныын сылдьар устуудьуйатыгар дьарыктанабыт.

Дьиэ кэргэнинэн бииргэ айылҕаҕа сылдьарбытын, сир астыырбытын, иллэҥ кэммитин бииргэ атаарарбытын сөбүлүүбүт. Иллэҥ кэммит арыт олох суох буолар, онон оҕолорбут куруук бииргэ бэйэбитин кытта күрэхтэһии буоллун, кэнсиэр буоллун батыһа сылдьаллар.

— Саамай улахан баҕа санааҕыт тугуй?

— Олохпутугар улахан баҕа санаабыт – чугас дьоммут, оҕолорбут куруук доруобай буоллуннар диэн. Доруобай, этэҥҥэ сырыттахха киһи кыайбатаҕа, сатаабатаҕа суох.

Дьэ, итинник кэрэ кэпсээннээх, сылаас холумтаннаах, сырдык ыралаах, төрөөбүт дойдуларыгар олус бэриниилээх ыал, Петровтар.

 

Елизавета Неустроева.