Тохсунньу 25 күнүгэр оройуон баһылыга Дмитрий Тихонов ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотун Табаҕаҕа туруорда.
Олохтоохтор отчуоту сааланы толору мустан мунньах көхтөөхтүк барда, ыйытыылар, этиилэр да оннук буоллулар. Бөһүөлэги ортотунан ааһар киин уулуссаҕа суол бэлиэлэрин туруоруу, оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн, урбаанньыттарга өйөбүл, көмө харчы, грант, бырайыас харчытын төнүннэрии тоҕо бытаардылларын, биэ ахсааныгар көрүллэр харчы төһө-хачча буолбутун, нэһилиэккэ социальнай эбийиэктэри тутуу хаһан саҕаланарын курдук боппуруостар хайдах быһаарыллыахтарын сөбүн сурастылар. Чыамайыкыга алмаас туруубкатын, тыа сиригэр оттуур дьоҥҥо сэлээркэҕэ көмө, Илин эҥэр улуустарга сырыыга-айаҥҥа ирбистэри атыылаһыы туһунан, Аллараа Бэстээххэ элбэх оҕолоохторго уһаайба хаһан бэриллэрин, гаас, уот ситимнэрэ хаһан киллэриллэрин ыйыталастылар.
Мунньахха бастатан туран, тыл этиилэргэ өр сылтан туруоруллубут балыыһа тутуутун уочарата хаһан кэлэрин, учаастак бырааһын үлэтигэр сыһыана буолла. Бу тыына суолталаах боппуруоһу суһаллык быһаарар уолдьаспытын санаттылар. Олохтоохтортон Павел Слепцов тыа сирин олохтооҕор биэнсийэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитигэр хамнас төлөбүрэ кэмчитин, бэтэринээр сулууспатын үлэһитин хамнаһа саатар 50000 солк. тиэрдиллэригэр санааларын эттэ. Тыа сиригэр олорор дьон кыһалҕалара элбэҕин, тыа хаһаайыстыбатыгар араас көмө баарын аҕынна. Петр Зыков биэнсийэлээх харчыта туохха да тиийбэтин, оту-маһы тиэйтэрэр өҥө сыаната ыараханын эттэ, олохтоох дьаһалтаҕа итинник өҥөнү оҥорорго тыраахтар наадатын ыйда.
Маргарита Белолюбская оройуоҥҥа үлэ-хамнас сөптөөхтүк ыытылларын, балыыһа тутуллуута, оҕолору куонкурустарга кытыннарыыга тырааныспар боппуруоһа сытыытык турарын, Февронья Порядина нэһилиэктэргэ стационардар сабыллаллара бөрүкүтэ суох бэлиитикэ буоларын бэлиэтээтилэр. Наталья Бурнашева оскуола туруга сыллата мөлтөөн иһэрин сырдатта, оскуола иһинэн үөрэтэр-производственнай комплекс тэриллиэн сөбүн туһунан этиини киллэрдэ. Баһылык Юрий Порядин бөһүөлэккэ саҥа кыбаарталга электроуот, гаас ситимэ тардыллыытыгар, Араҥас пиэрмэтигэр тиийэр суолу өрөмүөннүүргэ үбүнэн көмөлөһөллөрүгэр санааларын тиэртэ, бөһүөлэк иһинээҕи электролииньийэни саҥардыыны түргэтэри, Дмитрий Слепцов бөһүөлэк тулатыгар хаппыт маһы чааһынай дьон оттукка туһанарын аһаҕастык көҥүллүүрү, өртөөһүн боппуруоһа сөптөөхтүк быһаарылларын туруорустулар.
Марфа Птицына.