Майа сэлиэнньэтигэр ыраахтан-чугастан, оҕотуттан-кырдьаҕаһыгар тиийэ ыраас салгыҥҥа сылдьар, дьаарбайар «Таала Күөл» саҥа хаар паарка үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Унньуктаах уһун кыһын кэннэ сандал сааспыт саймаархай салгынын ахтыбыт оҕо-аймах, дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, норуот күүлэйэ тэрилиннэ. Тэрээһини саха сиэринэн аал уоту оттон, буруо таһааран улуус Ытык сүбэтин салайааччыта Зиновий Игнатьев алҕаан саҕалаата.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов:
— Оҕолорбут тустарыгар диэн Майабыт эр дьоно түмсэн, тымныыны аахсыбакка дьаныардаахтык үлэлээн, биир харчыта суох, норуот күүһүнэн тутуллубут паарка буолла, — диэн олохтоохторго махтанна.
«Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев:
— «Таала күөл» диэн былыргы аатын сөргүттүбүт, былыр бу күөл олус өлгөм көмүс хатырыктааҕынан биллэр эбит диэн кэпсээтэ. Оҕолор төлөпүөҥҥэ олорбокко, сааскы сибиэһэй салгыҥҥа көҥүл тыынан, оонньоон-көрүлээн, оҕо саас кэрэ кэмнэрин атаардыннар, — диэн ыҥырда.
Хаар пааркаҕа «Дьоллоох оҕо саас» диэн дьиэ кэргэн икки ардыгар ыыттыллыбыт аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи хаартан оҥоһук куонкуруһуттан 17 тупсаҕай оҥоһук тахсыбыт. Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх элбэх төгүллээх кыайыылааҕа, талааннаах скульптор Архип Скрябин оҥорбут сүүрэн иһэр үөр сылгы хаар эркинэ сынньанар сир хатыламмат кэрэ көстүүтэ буолбут.
Үөһэттэн сырылаан түһэргэ сыыр, хаҥкылыыр каток, хорчуопка, бананынан хатааһылааһын, оҕо уһуйааннарын үлэһиттэрин остуоруйа дьоруойдара бырааһынньыгы ситэрэн-хоторон биэрдэ.
Эдэр ыччат сөбүлээн истэр ырыаһыттара Арчылаан Субудай уола-Китджа, Вадим Борисов, Егор Мучин-Куобах тэтимнээх ырыалара тэрээһини киэргэттэ.
«Таала күөл» паарканы көрөр-истэр киһинэн Петр Петухов ааттанна. Чөл олох сыла Майаҕа өрө көтөҕүллүүлээхтик арылынна.
Елизавета Неустроева.