Суруйааччы, бэйиэт Василий Скрябин‒Идэлги дойдутун дьонугар, суруйааччы доҕотторугар аата-суола умнуллубат

Быйылгы үөрэх дьылыгар Дьаҥхаады нэһилиэгэр устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр И.М.Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыылаах  саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Саха Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиата, Арассыыйа суруйааччыларын, суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, Саха АССР успуордун маастара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ВАСИЛИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ СКРЯБИН — ИДЭЛГИ төрөөбүтэ 80 сылын үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээн аастылар.

Бу дьоро күн ыҥырыылаах ыалдьыттарынан норуодунай суруйааччы Семен Андреевич Попов — Тумат, «Айар» кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Васильевич Егоров, «Таммахтар» литературнай холбоһук салайааччыта Наталия Гаврильевна Пахомова итиэннэ Василий Васильевич олоҕун аргыһа, С Р үөрэҕириитин туйгуна Нина Николаевна Скрябина, кыыһа Саргылаана Васильевна, күтүөтэ Николай Борисович Бадаевтар кыра уоллара Женялыын кыттыыны ыллылар.
Скрябиннар олорбут дьиэлэрин киппэ истиэнэтигэр Василий Васильевич Скрябин — Идэлгигэ аналлаах мыраамар тааска чочуллубут өйдөбүнньүк бэлиэни Нина Николаевнаны кытта оскуола дириэктэрэ Михаил Михайлович Макаров дохсун ытыс тыаһа доҕуһуоллаах арыйдылар. Манна Сэмэн Тумат, Август Егоров уо.д.а. ахтыы оҥордулар.
Оскуола киэҥ саалата толору оҕо-аймах саҥатынан айхаллыы көрүстэ. Идэлги араас сылларга суруйталаабыт ыстатыйаларын, кинигэлэрин быыстапката үгүс киһи болҕомтотун тарта.
Идэлги биир идэлээхтэрэ Диана Егоровна Тарабукина, Афанасий Васильевич Зыков учуутал, суруйааччы суруйан хаалларбыт айымньыларын кытта ситимнээн , олоҕун саха тыла барҕара сайдарын туһугар анаабыт үтүмэн үлэтин бары өртүнэн сырдаттылар.
Олохтоох дьаһалта аатыттан Татьяна Юрьевна Попова эҕэрдэ тылы эттэ. Кыраайы үөрэтэр куруһуок иитиллээччилэрэ Айыына Попова ( 5 кылаас),
Юра Егоров (10 кылаас) Идэлги олоҕун кэпсээниттэн саҕалаан айар үлэтин киэҥник хабан сырдаттылар.
Уолаттар бөлөхтөрүн толорууларыгар Идэлги хоһоонноро ааҕылыннылар,
«Оҕолорбут кэпсэтэллэр» кинигэтиттэн быһа тардан быстах
күлүүлээх түгэннэртэн оонньоон көрдөрдүлэр.

Бүгүн орто оскуола
Бэс чагдаҕа кылбайар,
Үөрэх, сырдык күн суола
Билии аанын арыйар.

Төхтүр, Төхтүр, Төхтүрүм
Төрүт төлкөм — мин үөрүүм,
Ахтар, саныыр оскуолам
Алгыс тыллаах мин дьылҕам.

Идэлги тылыгар, Тамерлан Иванов «Ахтар, саныыр оскуолам» ырыата ылланна. Төхтүр оскуолатын үөрэнээччилэрэ хомуска оонньоотулар. Айыллаан Игнатьев «Төрүт тылгын харыстаа», Арина Борисова «Саха сирэ» ырыалара дьон сүргэтин көтөхтүлэр.
Идэлги 80 сылынан Август Егоров «Айар» кинигэ кыһатыгар иккис тыыннанан тахсыбыт Боссоойко туһунан сэһэнэ
«Хааннаах сонор» аатынан тахсыбытын туһунан билиһиннэриитэ үгүс ааҕааччыга дьоһун бэлэх буоларын туоһулаата. Август Васильевич биирдиилээн үөрэнээччилэргэ ааҕыы тиэмэтигэр сыһыаннаах боппуруостар кыайыылаахтарыгар кинигэ бэлэх биэртэлээтэ инникитин сахалыы тахсар кинигэлэри ааҕалларыгар сүбэлээтэ.
Василий Скрябин үтүө дьон аатын үйэтитиигэ эмиэ үлэлээбитэ. Ол курдук умнулла быһыытыйбыт суруйааччы Дмитрий Таас туһунан кинигэтэ, айымньыларын хомуурунньуга кинигэ буолан тахсыбыта. Аны туран, үлэлии сылдьар оскуолатыгар И.М.Романов аатын иҥэриигэ туруулаһан, дьулуһан туран үгүс сыратын ууран үлэлээбитин түмүгэр, 1999 с. Романов
аата бу оскуолаҕа иҥэриллибитэ.
Учуутал быһыытынан үлэлиир сылларыттан дьиэтээҕи бибилэтиэкэтин тэринэн барбыта. Төхтүр оскуолатын Шаталов методикатынан үлэлиир учууталларын баай уопуттара оччотооҕу хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. Элбэх сэминээрдэр, аһаҕас уруоктар, санаа атастаһыылара уо.д.а. үлэлэр тигинэччи ыытыллаллара итилэргэ барытыгар кини инники күөҥҥэ буолара. Иван Сысолятин салайааччылаах»Таммахтар» литературнай холбоһук үлэтин өрөгөйдөөх кэмнэригэр айар үлэҕэ холонууларын саҕалаабыта. Кинигэлэрэ утуу субуу бэчээттэнэн барбыттара. Дуобакка, гиирэ анньыытыгар тус ситиһиилэрдээҕин таһынан үөрэнээччилэрин, Төхтүр үлэһит ыччатын түмэн дьарыктыырын туһунан ахтааччылар эмиэ бааллар.
Аҕаларын 80 сылынан оҕолор, сиэннэр ааттарыттан Нина Николаевна кыыстаах күтүөтүн кытта Төхтүр оскуолатын аатыгар барҕа махтал тылларын тиэрдэн тураннар сүүс тыһыынчаны уу харчынан туттардылар.
Бэйиэт, кыраайы үөрэтээччи, успуорду өрө тутааччы, тыыннаах саха тылын сүмэтин илдьэ сылдьыбыт итиэннэ дьоһун айымньылары суруйан хаалларбыт ааттыын идэтийбит суруйааччы Идэлги айымньылара хайа да кэмҥэ туспа ааҕааччылардаах буолуоҕа онтон кини үөрэнээччилэрэ учууталларын үтүө үлэтин салгыы тэнитиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээх тарҕастыбыт.

Августина Хабарова.