Майаҕа ахсынньы 12 күнүгэр Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруналыыстарын, Арассыыйа Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ Бочуоттаах Ытык кырдьаҕаһа, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарын, Майа, Моорук, Тараҕай, Мүрү нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылын түмүктүүр тэрээһининэн “Биир сайын Суолаҕа” муусукаалынай испэктээк көрдөрүлүннэ. Испэктээккэ бибилэтиэкэ уонна култуура үлэһиттэрэ оонньоотулар.
Бу киэһээҥҥи тэрээһини Аграфена Зыкова, Александр Кулешов ыыттылар.
Н.Н. Васильева аатынан норуодунай хуор толоруутугар И.М.Сосин тылларыгар, В.И.Жирков мелодиятыгар “Мэҥэлэр Өрөгөй ырыалара” ылланна.
Төхтүрдээҕи “Айар кут” театральнай-образцовай кэлэктиип оҕолоро Екатерина Вензель туруоруутунан Иннокентий Сосин айымньытынан “Кутаама кыыһа” туруорууну көрдөрдүлэр. Манна 10 оскуола оҕолоро артыыстартан итэҕэһэ суох иэйиилээхтик оонньоон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева:
‒ Бүгүн биһиэхэ ураты күн буолла. Бары ытыктыыр киһибит, суруйааччы, бэйиэт Иннокентий Михайлович Сосин ахсынньы 1 күнүгэр 95 сааһын туолбута. Ааспыт ахсынньыттан ол чэрчитинэн үлэ-хамнас саҕаламмыта. 2015 с. киин бибилэтиэкэҕэ кини аата иҥэриллибитэ. Бу сыл устата араас элбэх үлэ ыытылынна. Оҕоҕо да, улахан дьоҥҥо да анаан суруйар суруйааччы биллэр биир дойдулаахтарын ааттарын үйэтитэн С.И.Гоголев-Амынньыкы Уус, Роман Брызгалов-Абытай Арамаан тустарынан кинигэлэри таһаарбыта. Сайын «Суосун сарыаллаах Суолата» ыһыах ыспыппыт. Бу тэрээһини 2 сылга биирдэ ыытарга сүбэлэспиппит. Кини 100 сылын көрсө дьон ахтыытынан, библиографическай ыйынньыктаах, айымньылардаах кинигэ таһаарылларыгар үлэлэһиэхпит. Аата үйэлэртэн үйэлэргэ ааттана туруо, — диэн эттэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Геокултуура сайдыытын институтун мэтэдьииһэ, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Адамова баҕа санааларын үллэһиннэ:
— Бүгүҥҥү киэһэ учууталым үбүлүөйдээх сылын түмүктээһин курдук эрэ буолбакка 100 сылын көрсөр улахан түһүлгэни саҕалааһын курдук ылыныаҕыҥ. 95 сыллаах үбүлүөй киэҥ хабааннаахтык тэриллэн ыытылынна. Сайын ыытыллыбыт «Суосун сарыаллаах Суолата» ыһыах куонкурустарыгар оскуола оҕолоро суруйааччы айымньыларынан олус үчүгэй испэктээктэри көрдөрбүттэрэ. Онно дьүүллүүр сүбэҕэ олорон олус астыммытым. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрин күүһүнэн Сосин айымньыларынан, хоһооннорунан, ырыаларынан испэктээк, култуура үлэһиттэрин күүһүнэн дьүһүйүү туруоруллубут бырайыага Мэҥэ Хаҥаласка бастакынан киирдэ. Манан олус киэн туттабын. Сайыны быһа эмтээх оттору, отоннор сэбирдэхтэрин хомуйан чэй оҥорон ыалдьыттарга бэлэх ууннулар. Арассыыйа таһымыгар тахсарга нууччалыы тылбаас баар буолуохтаах. Онно суруйааччы айымньыларын тылбаастаан бибилэтиэкэҕэ тиксэрэргитигэр, тылбааска үчүгэйдик үлэлииргэ ыҥырабын.
И. М. Сосин улахан кыыһа, педагогическай наука хандьыдаата, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үтүөлээх учуутала, Амматааҕы академик Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй дириэктэрэ Дария Захарова, кыра кыыһа, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин информационнай киинин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Октябрина Сосина аҕаларын Иннокентий Михайлович Сосин аатынан бириэмийэ олохтообуттарын билиһиннэрдилэр:
— Аҕабыт эппитин курдук, киһи дьоло үс төрүттээх. Бастакыта, төрөппүттэриҥ үчүгэй дьон буоллахтарына оҕо сааһыҥ дьоллоох буолуо. Биһиги наһаа үчүгэй кэмҥэ төрөөн, үчүгэй оскуолаларга, үчүгэй учууталларга, төрөппүттэргэ иитиллэн дьоллоох оҕо саастаах этибит. Иккиһэ, бэйэҥ үтүө киһи буоллаххына олоҕуҥ ортото үөрүүлээх, үлэҥ-хамнаһыҥ табыллыа диэн. Биһиги үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, талбыт идэбитинэн үлэлээн бу баччааҥҥа диэри кэллибит. Оҕолорбутун кынаттаан көтүттүбүт, сиэннэрбитин көрсөбүт. Үсүһүнэн, оҕоҕун киһилии үчүгэйдик ииттэххинэ кырдьар сааһыҥ кыһалҕата суох, сынньалаҥ буолуо диэн эппитэ аҕабыт. Биһиги маннык олорон кэллибит. Бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр күнтэн күн саҥаны, сонуну айан таһааралларыгар олус махтанабыт. Бу сайын Суолаҕа мустубуппутугар аҕабыт 17 уостан түспэт ырыалара QR кодтаах киирбит М.К. Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын Анастасия Константинова салайааччылаах уруһуй кылааһын үөрэнээччилэрин уруһуйдарынан наһаа үчүгэй аккырыыкка нобуорун оҥорон бэлэхтээбиттэрэ. Бу сырыыга, дойдубут ото-маһа сыттаах чэй нобуорун кинигэлэрдээх оҥорон бэлэх уунан дьону-сэргэни олус үөртүлэр. Маннык тэрээһиннэр Мэҥэ Хаҥалаһы сэргэ Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа эмиэ ыытыллыбыттара. Ханнык баҕарар суруйааччы киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар кини айымньылара нууччалыы тылбаастаммыт буолуохтаахтар диэн Саргылана Саввична этиитигэр сөбүлэһэбит. Аҕабыт наһаа улахан архыыбы хаалларбыт эбит. “Муравей не вышел на работу” диэн кэпсээнин бэйэтин илиитинэн суруйбутун булан ылбытым. Элбэх айымньылара хайа да кэмҥэ сүппэккэ ыччакка салҕанан барарыгар, аҕабыт тэрээһиннэрин мэлдьи үрдүк таһымнаахтык ыытыллан кэлбиттэригэр махтанан оҕолорбут, сиэннэрбит буолан 5 сылга биирдэ бэриллэр бириэмийэни олохтоотубут.
“Оҕо суруйааччыта И.М. Сосин аатынан” бастакы бириэмийэни И.М. Сосин аатынан бибилэтиэкэ кэлэктиибигэр, итиэннэ персональнай бириэмийэлэри М.И. Брызгалова аатынан оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйигэр, “Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта” кинигэ ааптара Ольга Николаевна Дьяконоваҕа, Амматааҕы академик Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр учуутала Мария Дмитриевна Ноговицынаҕа, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Саввична Адамоваҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын салайааччыта Ольга Семенова:
— Киһи үөскээбит түөлбэтинэн сайдар, улаатар. Майаҕа олус үчүгэй оҕо, төрөппүт болҕомтотун тардар, айымньылаахтык үлэлиир баай устуоруйалаах оҕо бибилэтиэкэтэ баар. Кинигэ ааҕыыта, кинигэҕэ сыстаҕас буолуу бибилэтиэкэлэртэн улахан тутулуктаах. Нэһилиэнньэ култуурунай үлэтигэр, дьону мунньар сатабылыгар саамай үчүгэй сир буолар. Уус Алдантан төрүттээх буоларбынан, 1987 с. биһиги биир дойдулаахпыт Мэҥэ Хаҥаласка улахан кылаатын киллэрсибит Сергей Васильев-Борогонскай бастакы ааҕыыларыгар Иннокентий Михайловиһы көрөн турабын. Онно киэҥ, холку майгылаах, сырдык сэбэрэлээх, улахан уҥуохтаах, номоҕон дьүһүннээх киһи диэн көрбүтүм. Бу ааҕыыга элбэх суруйааччылар кэлбиттэриттэн Суорун Омоллоон, Леонид Попов баалларын өйдүүбүн. Онно түспүт хаартыскалар оскуолатааҕы альбомнарбар хараллан сылдьаллар. Суруйааччылардыын алтыһыыны тэрийэр Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр биһиги, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата, ис сүрэхпититтэн махтанабыт. И.М. Сосин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө аттыбар биһиги сахалыы тыллаах сурунаалларбыт уонна хаһыаппыт бас эрэдээктэрэ Сардаана Анатольевна Матвеевалыын, Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улууһун учууталларын, Дария, Октябрина Иннокентьевналааҕы кытта ыкса үлэлээн «Бэлэм буол» хаһыакка, ааспыт ыйга анал сурунаал таһаарбыппыт оҕо бибилэтиэкэтигэр аҕыйах ахсаанынан кэлэн сыталлар. Бу Мэҥэ Хаҥалас оҕолорун ортотугар Мэҥэ Хаҥалас, Манчаары Баһылай саҥа уобараһа хайдах буолуохтааҕый диэн ыйытыкка син биир маҥан аты мэҥэстибит дьоруотук айаннатан иһэр саха уолун уруһуйдаан таһаарбыттара. Онон бу сурунаалларбытын уонна “Чуораанчык аптаах дойдута” диэн коллекционнай кинигэбитин Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр уонна Сосин кыргыттарыгар Дария Захароваҕа, Октябрина Сосинаҕа, учуутал Мария Ноговицынаҕа, саха тыла сайдарыгар тирэх буолар Саргылана Адамоваҕа туттарабыт, — диэтэ итиэннэ бүгүҥҥү дьоро күҥҥэ оҕолорун илдьэ кэлбит төрөппүттэргэ махтанна. Уус Алдан улууһуттан РФ Ыччат бэлиитикэтин бочуоттаах үлэһитэ, философскай наука хандьыдаата Иван Данилович Копырин: “Биһиги улуус дьоно-сэргэтэ Иннокентий Сосины олус ытыктыыллар. Эһиги бибилэтиэкэҕит Иннокентий Сосин аатынан, биһиги бибилэтиэкэбит Сергей Васильев аатын сүгэллэр, бибилэтиэкэлэрбит доҕордуу сыһыаннаахтар, бииргэ үлэлииллэр. Улуускут “Эркээйи” хаһыатыгар Сергей Васильев-Борогонскай «Мэҥэлэр хайа үрдүгэр» кынаттаах тыллара ыҥыраллар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьонун билэбин, олус сөбүлүүбүн, — диэн туран бибилэтиэкэ кэлэктиибигэр Эҕэрдэ суругу туттарда.
Бибилэтиэкэ ыыппыт тэрээһиннэрэ улахан экрааҥҥа көрдөрүлүннүлэр.
Моорук нэһилиэгиттэн куорсун анньынан мэҥэ халлааҥҥа кыырайа көппүт биир дойдулаахпыт төрөөбүт-үөскээбит дойдута, ырыаҕа хоһуйуллубут Суола үрэх кэрэ көстүүтэ Киэсэ Суосун эдэр сүрэҕин умсугута таарыйбыта. Айылҕа кэрэ көстүүтүн, үлэһит дьонун уруйдаан элбэхтик суруйара, хоһоонноругар хоһуйара. Кини төрөөбүт дойдутугар таптала ыччакка холобур буола туруоҕа. Бэйиэт хас биирдии ырыатыгар, хоһоонугар Суола үрэх уутун сүүрүгэ, хатыҥ чараҥ суугунуур тыаһа, күөх халлааҥҥа күөрэгэй дьурулуура иһиллэргэ дылы.
Дьэ, уонна Иннокентий Сосин айымньыларынан, уостан түспэт ырыаларынан “Биир сайын Суолаҕа” муусукаалынай испэктээк көрдөрүлүннэ. Холкуос күүрээннээх үлэтин-хамнаһын көрдөрөр, биригэдьиир Марыына туһунан испэктээккэ бибилэтиэкэ уонна култуура үлэһиттэрэ оонньоотулар. Бииртэн биир барыга дьоҕурдаах үлэһиттэр көрөөччү сэҥээриитин, тапталын ыллылар. Сценарийы Надежда Сидорова суруйбут, испэктээги Галина Эверстова туруорбут. Оруолларга оонньоотулар: Бааска – Игорь Игнатьев, Сэмэн – Егор Петров, Куола – Виталий Никифоров, Маайыс – Любовь Илларионова, Кэтириис – Изабелла Яковлева, Сүөкүччэ – Варвара Иванова, Даарыйа – Надежда Сидорова, Өлөксөй – Валерий Эверстов, Маайыс – Вера Ефимова, Аанчык – Марианна Ефимова, Татыйаас – Наталья Басова, Варя – Валентина Лыткина, Сибиэтэ – Светлана Федорова, кулууп Катята – Екатерина Дмитриева, Алеша – Николай Васильев, Марина – Аграфена Зыкова, Уйбаанчык – Александр Кулешов, Марыына – Марианна Никанорова. Ырыалары Сардаана Осипова бэлэмнээбит, байааҥҥа Даниил Алексеев доҕуһуоллаата, фонограмманы Дмитрий Санников оҥорбут, звукооператор Дмитрий Эверстов, худуоһунньук-оформитель Валерий Эверстов, уоту-күөһү Илья Бурнашев, көстүүмнэри Вера Быганова бэлэмнээбиттэр. Ыытааччы Аграфена Зыкова Альбина Григорьеваҕа, күүс-көмө буолар тыйаатыр, култуура үлэһиттэригэр Галина Эверстоваҕа, Сардаана Осиповаҕа, Дмитрий Санниковка, Екатерина Ефремоваҕа, Даниил Алексеевка, Игорь Игнатьевка, Егор Петровка, Александр Кулешовка, Виталий Никифоровка, Николай Васильевка И.М.Сосин айымньылардаах чэй бэлэхтэри туттарда.
Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылын түмүктүүр тэрээһинтэн дьон-сэргэ астынан, үөрэн-көтөн тарҕаста.
Марелла Баишева.