Үтүөлээх артыыс Яков Кычкин төрөөбүтэ 105 сылыгар

Ахсынньы 15 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Маттаттыгар биир дойдулаахпыт,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Яков Прокопьевич Кычкин төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах бэртээхэй түһүлгэ тэрилиннэ. Саала иһэ толору көрөөччүнэн туолла.  Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт “Мөҥүрүөн” түмсүүлэрин салайааччыта, театр үлэһитэ Данил Петрович Марков көҕүлээһининэн Яков Прокопьевич оҕолорун, аймахтарын,  үлэлээбит П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыстарын кытта истиҥ көрсүһүү буолла.

Бастаан чех омук биллиилээх суруйааччыта Карел Чапек “Ийэ” пьесатын кыралыын-улаханныын уу чуумпутук олорон сэргии көрдүбүт. Пьесаҕа дойду, киһи-аймах, уопсастыба туһугар төрөппүт 4 уолун, кэргэнин сүтэрбит  тулуурдаах ийэ  уобараһын Саха сирин норуодунай артыыската, сыана маастара Зоя Петровна Багынанова оонньоон көрөөччүнү уйадытта, биһирэбили ылла.  Бу уустук балаһыанньаҕа  ийэ быһыытынан тулуурун, оҕолоругар истиҥник сыһыаннаһар, кинилэр тустарыгар кыһаллар.   Илья Стручков аҕа оруолун психологиятын итэҕэтиилээхтик арыйда. Уолаттар оруолларын толорбут Айсен Лугинов, Алдан Готовцев, Илья Портнягин, Эдуард Захаров, Павел Ченянов характердара сыыйа уларыйыытын итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Оччотооҕу кэм кыынньар олоҕун харахха субу көстөн кэлэрдии көрөөччүгэ тиэртилэр. Пьесаны көрөөччү наһаа биһирээтэ.

Иккис чааһыгар Василий Апросимов – Тускун 2000 сыллаахха тахсыбыт  «Дьаакып Кыычыкынтан саҕалаан…” кинигэтин быйыл саҥардан бэчээттэнэн тахсыбытын Данил Петрович билиһиннэрдэ.  Кинигэни кыыһа  Любовь Яковлевна, күтүөтэ Руслан Юрьевич Шипковтар үбүлээһиннэринэн “Сайдам” кинигэ издательствота 400 экземплярдаах бэчээттээн таһаарда.  Яков Прокопьевич көрүдьүөстэрэ үйэтитиллэн, биһиги олохтоохтор үөрдүбүт. Я.П.Кычкин оонньообут “Ойуур» испэктээгиттэн быһа тардыыны Иннокентий Луковцев, Айсен Лугинов киһи сэргиэн эрэ курдук оонньоотулар. Саалаҕа сэргэхсийии буолла. М.С.Щепкин аатынан театральнай училище быйылгы выпускниктара, билигин тыйаатыр артыыстара тэтимнээх ырыанан-тойугунан киэргэттилэр.

Я.П.Кычкин төрөөбүтэ 105 сылынан бу сайын ыһыахха эмиэ саха театрын артыыстара тахсан, Яков Кычкин көрүдьүөстэрин кэпсээн, оонньообут оруолларын толорон, ахтыы оҥорон, дьону-сэргэни сэргэхсиппиттэрэ. Бу буолар үүнэр көлүөнэни биир дойдулаахпытынан киэн туттарга, патриот буоларга иитии. Суолталаах улэ хайаан да үтүө түмүктэрдээх буолуоҕа диэн эрэнэбит. Маннык үтүө дьыалаҕа көмөҕүт иһин саха тыйаатырын салалтатыгар, артыыстарыгар, Я.П.Кычкин аймахтарыгар олохтоохтор ааттарыттан улахан махталбытын биллэрэбит. Махтал, таптал, эрэл тылларын этэбит. Инникитин даҕаны айар үлэ5итигэр ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабыт.

Е.Д.Кычкин аатынан Матта орто оскуолатын үөрэх чааһыгар директоры солбуйааччы Мария Павлова