Судаарыстыбаннай диэйэтэл Иннокентий Игнатьев төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт дэкээдэҕэ

Бүгүн чулуу биир дойдулаахпыт, бөдөҥ судаарыстыбыннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Москва, Дьоккускай, Алдан куораттар, Мэҥэ Хаҥалас, Хара нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, «Бочуот знага» уордьан үс төгүллээх кавалера, ССРС култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иннокентий Гаврилович Игнатьев төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтээтибит.

Хара орто оскуолатыгар дэкээдэ ыытылынна. Сэтинньи 5 күнүгэр дэкээдэ үөрүүлээх арыллыыта буолбута. Тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Хара тыа сирин түөлбэтин баһылыга Дария Назарова, нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Бурнашева, СӨ физическай култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитэ Афанасий Илларионов кытыннылар. Оскуола бибилэтиэкэрэ Октябрина Дмитриева Иннокентий Гаврилович олоҕуттан кылаас чаастарын ыытта. Итини таһынан уруһуй, өйтөн суруйуу, викторина куонкурстара буоллулар.

Сэтинни 20 күнүгэр оҕолорго аһаҕас хапсаҕай күрэхтэһии буолан ааста. Уопсайа 6 ыйааһыҥҥа, 52 оҕо кытынна.

Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, Хара Тэгэйээн сырыынан 3 километрга уһуну сүүрүү ыытылынна. Оскуолабыт үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ Иннокентий Гаврилович төрөөбүт алааһыгар тиийэн венок уурдулар. Оскуолабытыгар үөрүүлээх линейка буолла. Нэһилиэк баһылыга Дария Назарова Иннокентий Гавриловичтөрөөбүт дойдутугар Хараҕа кэлэ сылдьыбыт тугэннэриттэн видеону көрдөрдө. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга 1976 сыллаахха Монреальга ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына Александр Иванов: “Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторугар маннык улуу киһи мин туспар бэйэтин кэмигэр көмөлөспүтүттэн үөрэбин, махтанабын”, ‒ диэн эҕэрдэтин ыытта, Иннокентий Гавриловичка махтанна.

Оскуолабыт аатын сүгэр ытык киһибитин куруук өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Кэнчээри ыччаппыт үөрэххэ, успуорка үрдүк ситиһиилэринэн кини сырдык аатын ааттата туруохтара!

Лилия Киренская.