Сомоҕолоһуу күнүгэр нэһилиэк дьоно сэргэх тэрээһиннэргэ түмсэллэр

Бүгүн 1-кы Баатара нэһилиэгэр икки бүк үөрүүлээх күн. Бүгүҥҥү тэрээһиммит бастакы  чааһынан «Өйдөбүнньүк уонна Бочуот» искибиэрэ үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Бу тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Дьоруой ийэлэрбит Елизавета Варламова, Анисия Захарова, Мария Осипова, Галина Неустроева оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн тэрээһиммитин киэргэттилэр. Искибиэр лиэнтэтин дьоруой ийэ Галина Неустроева, Ытык сүбэ салайааччыта Михаил Попов, олохтоох дьаһалта солбуйааччыта Римма Попова быһар чиэскэ тигистилэр. Ытык сүбэ бэрэссэдээтэлэ Михаил Попов эҕэрдэ тылын эттэ, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Римма Попова эҕэрдэ тыл этэн, Махтал суруктары, статуэткалары туттарда.

Күммүт иккис чааһа «Танцы народов Мира» тэрилтэлэр, уопастыбаннай түмсүүлэр икки ардыларыгар үҥкүү куонкуруһа ыытылынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Милентий Неустроев, Матрена Филиппова, Елена Санникова. Хамаандалар бары даҕаны бэлэмнэммиттэр, бииртэн биир үчүгэй нүөмэрдэр тахсан истилэр. Ол курдук дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан көхтөөх кыттыыны ылбыт «Дьүөгэ» аҕам саастаахтар үҥкүү бөлөҕөр (русский народный танец), «Алгыс» бэтэрээн түмсүүтэ (грузинский танец) сэртипикээттэр, дипломнар туттарылыннылар. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ хотугулуу үҥкүүнэн олохтоох дьаһалта уонна култуура тэрилтэтин хамаандата, иккис миэстэ «Чуораанчык» уһуйаан хамаандата испанскай үҥкүүнэн, бастакы миэстэ турецкай үҥкүүнэн Н.Д.Неустроев аатынан орто оскуола хамаандата таҕыста. «Аверс» маҕаһыынтан сэртипикээтинэн, дипломунан наҕараадаланнылар. Дьоро күммүтүгэр кыттыыны ылбыт общественнай түмсүүлэрбитигэр,  тэрилтэлэрбитигэр махтанабыт. Инникитин өссө да үлэлэһэ, түмсэ туруоҕуҥ.

Мария Готовцева. Бэдьимэ