Сэтинньи 6 күнүгэр бары үөрэх кыһаларыгар иккис чиэппэр саҕаламмыт күнэ.
Павловскай орто оскуолатыгар бүгүҥҥү “Дьоһунааҕы кэпсэтии” кылаас чааһа “Сомоҕолоһуу күнүгэр” ананна. Биһиги оскуолабытыгар “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата анаан оҥорор кылаас чааһын сценарийдарын, видеороликтарын ордук алын кылаас учууталлара сөбүлээн тутталлар. Төрөөбүт төрүт тылбытынан ыытыллар кылаас чаастара кыра кылаас оҕолоругар быдан өйдөнүмтүө буолалларын учууталлар бэлиэтииллэр. 2 “б” кылаас салайааччыта Лариса Львовна “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” кылаас чааһыгар оҕолор үлэлииллэригэр анаан, анал тэтэрээттэри оҥорор. Бу тэтэрээт айар үлэлээх, эбии матырыйааллаах уонна бэлиэтэнэр илиистэрдээх.
2 “б” кылаас үөрэнээччилэрин бүгүҥҥү кылаас чааһыттан сырдаттахха, учууталлара Лариса Львовна биһиги дойдубутугар – Арассыыйаҕа, үгүс элбэх араас омук эйэлээхтик олорорун туһунан кэпсээбитин оҕолор сэргии иһиттилэр. Араас омук бэйэлэрин тылларынан саҥаралларын, култуураларын үөрэтэллэрин, төрүт тирэхтэрин умнубаттарын туһунан оҕолор кылаас чааһыттан билэн бардылар.
Лариса Львовна кылаас чааһыгар эрдэттэн бэлэмнэнэн, араас омук куукуларын мунньан, быыстапка тэрийдэ. Оҕолор башкир, нуучча, саха, чукча, удмур норуоттар национальнай таҥастаах куукулаларынан үөрэ-көтө оонньоотулар.
В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ