Мэҥэ Хаҥалас улууһугар сыллата Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ 2019 с. олохтообут судаарыстыба өттүттэн социальнай өйөбүллээх буолуу хантараагынан бэйэ дьыалатын арынан, сорохтор кэтэх хаһаайыстыба тэринэн, элбэх ыал көдьүүстээхтик туһанан кэллэ.
Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Екатерина Заровняева 2023 с. сэтинньигэ буолбут куонкуруска алын кылаас оҕолоругар эбии дьарык бөлөҕүн арыйан бэйэ дьарыктаах буоларга кыттарга холоммут итиэннэ, бэйэтэ соһуйуон иһин, 10-тан тахса киһи кыттыбытыттан 3 иһигэр хапсан, 500000 солкуобай суумалаах харчынан өйөбүлү ылбыт. Бу харчынан үөрэххэ туттуллар тэриллэрин ылбыт: ноутбук, принтер, “Айар” кинигэ кыһатыттан оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар оонньуулары, хабылык, хаамыска, о.д.а.
Екатерина Дмитриевна бастакы идэтэ туризм исписэлииһэ, салгыы Дьокуускайга ХИФУ педагогическай институутугар алын кылаас учууталын идэтигэр орто, онтон үрдүк үөрэҕэр үөрэммит. Алтан нэһилиэгэр коррекционнай оскуолаҕа идэтинэн үлэлии олорон дэкириэккэ баран тохтообут. Олох тэтиминэн киһи эргиччи сайдыахтаах диэн киэҥ сиргэ талаһар ыра санаатын толорон Майа ыала буолбуттар. Манна идэтинэн үлэ булбакка В.П.Ларионов аатынан оскуолаҕа күн аҥара доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору кытта үлэлэһэр. Сүрүн үөрэхтэрин кэннэ эбиэттэн киэһэ баҕалаах оҕолору эбии дьарыктыыр. Сүнньүнэн алын сүһүөх кылаас оҕолоро бөлөҕүнэн уонна төрөппүт баҕатынан 5-с кылаас оҕолоро сылдьан математикаҕа, нуучча тылыгар дьарыктаналлар. Күҥҥэ эбии дьарыкка 4-5 оҕо сылдьар. Төрөппүт баҕатынан биирдиилээн оҕолору кытта дьарыкка 5 оҕо сылдьар. Күнүс 14 чаастан киэһэ 18 чааска диэри уруок ааҕаллар, эбии дьарыктаналлар, оонньууллар, аһыыллар, бу барыта 400 солк. төлөбүрдээх.
Екатерина Дмитриевна:
— Оҕолору сайыннарар үлэ кэскиллээх. Бэйэбит боруобаларбытыгар, сыыһаларбытыгар үөрэнэн, бэйэбитигэр сөптөөх соҕус бырагыраамалары булан, хас биирдии оҕону кытта тапсан, өйдөһөн үлэлиибит. Бу В.П.Ларионов аатынан оскуола тэрилтэтигэр арендаҕа киирэн олоробут. Манна оҕолору үөрэх эрэ өттүнэн хааччыйар кыахтаахпыт. Дьиҥэр, хантараагынан холодильник, ыскаап ылбыппыт, ону туруорар сирбит суох. Ол иһин кэнэҕэскитин элбиир түгэммитигэр дьиэ-уот өттүнэн боппуруос турар. Кэҥиир түбэлтэбитигэр оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар эбии дьарыктар баар буолуо этилэр. Сүүрэн-көтөн оҕо тыынын таһаарыан наада, күнү быһа олорон үөрэнэр табыгаһа суох. Манна төһө кыалларынан хамсана сатыыбыт. Оскуолабыт тыыннаах муннуктаах, манна баар харамайдары, күөх үүнээйи үнүгэстэрин оҕолор киирэ-тахса көрөллөр. Дьиҥинэн, турар сирбит наһаа үчүгэй, ол гынан баран бэйэбит толору кыахпытынан үлэлиирбитигэр миэстэбит тиийбэт. Ол иһин сорох малбытын сатаан туһаммакка олоробут. Ноутбукка, принтергэ оҕолорго көрдөрөр, үөрэтэр матырыйаалларбын бэйэм бэчээттээн оҥоробун. Оҕолор оскуолаҕа үөрэхтэрин кэннэ тута манна кэлэллэр. Үгүстэр нууччалыы саҥараллар, сахалыы үчүгэйдик өйдөөбөттөр, биирдиилээн оҕо төрөөбүт тылынан толору саҥарар. Манна кэлбит оҕолору төлөпүөнтэн арааран, сахалыы саҥарда сатыыбыт. Илиилэринэн бэйэлэрэ тугу баҕаралларын оҥороллор, үчүгэй оҥоһуктарын дьиэлэригэр илдьэ бараллар. Арыый улахан оҕолор, 3-5 кылаас оҕолоро кэллэхтэринэ 3Д ручканан дьарыктанааччылар, бу аныгы көрүҥ, пластигы уулларан уруһуйдары оҥороллор. 3Д ручка электроуокка холбонор буолан кыра оҕолорго сэрэхтээх. Маны сэргэ, гиипсэнэн араас оҥоһуктары оҥорорго үөрэнэллэр, кыралар аквамозаика оҥороллор. Оҕолор остуол оонньууларын ордук кэрэхсииллэр, олоҥхо хаамыытынан оонньуулары олус сөбүлүүллэр. Билигин оҕону сайыннарарга барыта баар, ол олус үчүгэй, олорон сынньаналларыгар дьыбаан баар. Миэстэ тиийбэтинэн мээчиктэринэн кыайан оонньообоппут. Бастакы саҕалааһыҥҥа үчүгэй курдук эрээри эбии саҥаны толкуйдуохха наада. Ахсынньыга 2 нэдиэлэ билсиһэн үлэлээбиппит, тохсунньу ортотуттан үчүгэйдик ылсан үлэлиибит. Күн устата ортотунан 10 оҕо кэлэн барар. Социальнай хантараак диэн үчүгэй бырагыраама олоххо киирбит. Биһиги дьиэ кэргэн ийэ хапытаалын туһанан ипотеканан 2 хостоох саҥа кыбартыыра ылбыппыт. Мин сайыҥҥы кэмҥэ тохтоон хаалбакка, оҕолору бэйэм дьиэбэр салгыы дьарыктыыр баҕа санаалаахпын. Кэнэҕэскитин элбэх оҕолоох ыалларга “кыаллыбат, табыллыбат” диэн олорон хаалбакка, харса суох барытыгар киирсэн кыттан, боруобалаан иһэллэригэр сүбэлиэм этэ. Холобура, биирдэ аккаастыахтара, иккис сырыыгар табыллыаҥ.
Бастакыттан көтүппэккэ сылдьар оҕолортон биирдэстэрэ, 1 “б” кылаас үөрэнээччитэ Айсаана Николаева аквамозаиканан куобах оҥорон куурда уурда. Кини бу иннинэ пингвины оҥорбутум диэтэ. Кинини сэргэ, Майа оскуолаларыттан Маша Сидорова (4 кыл.), Настя Яковлева (1 кыл.), Нарыйаана Зыкова (3 кыл.), Георгий Тимофеев (2 кыл.), Юра Михайлов (4 кыл.), Айаан Григорьев (2 кыл.) кэрэхсээн көтүппэккэ сылдьалларын учуутал бэлиэтээтэ.
Екатерина, Петр Заровняевтар 3 оҕолоохтор. Ыал аҕата Петр Иванович сыбааркаһыт идэлээх, “Илин Эҥэр” маҕаһыыҥҥа оробуочайынан үлэлиир. Улаханнара Гоша В.П.Ларионов аатынан агрооскуола 3-с кылааһын үөрэнээччитэ, 3 саастаах Петя уонна 1,5 саастаах София “Чуораанчык” уһуйаан иитиллээччилэрэ.
Учуутал барытыгар дэгиттэр буолуохтаах диэн санаалаах эдэр исписэлиис үлэлиир кэлэктиибин олус сөбүлээбит, манна учуутал быһыытынан күннэтэ сайдарыгар кэллиэгэлэригэр махтанар.
Бэйэ дьарыктаах буолуунан оҕону эбии үөрэххэ уһуйар бастакы сүүрээни киллэрбит Екатерина Заровняеваҕа салгыы тахсыылаахтык үлэлииригэр, баар мэһэйдэри этэҥҥэ туораан, сайыннарар оҕотун ахсаана элбии турарыгар баҕарабын.
Марелла Баишева.