Семен Назаров күннээҕи түбүктэрэ…

Бу күннэргэ хаһаайыстыбалаах дьон кыстыкка бэлэмнэнэн, үлэ үөһүгэр сылдьар кэмнэрэ.

…Сэмэн бу сарсыарда үөрүйэҕинэн 7.30 чааска тура биэрдэ. Төһө да бассаабар аралдьыйан хаалан, түүн биир чааска утуйар оронун буллар да, хотоҥҥо тахсар чааһын олох көтүппэт — ойон турбута эрэ баар.

 

Ураты кэпсэтии

— Былыт баттаатаҕына, төһө да нэһиилэ турдарбын, “чэ туох буолуой, күнүс эбиэттээн баран, сыта түһүөм” дии санаатахпына, чэпчэкитик туран, сарсыардааҥҥы үлэбэр — сүөһүлэрбэр тахсабын. Эбиэт кэннэ бассааппын көрө сытан, “баран” хаалбыт буолааччыбын. Чаас аҥаара нухарыйан ылабын да, сэргэхсийэ түһэбин, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр Семен Назаров.

Семен Назаров муус хостуурга бэлэм. Хаартыска С.Назаров дьиэтээҕи архыыбыттан ылылынна

«Бассаапкар бөлөҕүҥ элбэх дуо?” диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим “ээ, элбэх буоллаҕа: бииргэ үөрэммит кылааһынньыктарым, аймахтар, табаарыстар, “Эр хоһуун” диэн эр дьон бөлөҕө. Күннээҕинэн үгүс сонун кэлэр. Үспүөйдээн аахтаххына махтал».

…Ити курдук саҕаланна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Семен Назаровы кытта төлөпүөнүнэн … репортааһым. Соругум — сэһэргэһээччим быйылгы кыстыгы хайдах көрсөн эрэрин туһунан. Семен Назаровтыын Үлэ сылынан сибээстээн кэпсэтиэх буолан болдьоспуппут ыраатта эрээри, икки өттүттэн бириэмэ көстүбэккэ, уһатан-кэҥэтэн, аны уу суолунан айан тохтоон, бу төлөпүөнүнэн репортажтыырга сананным. Туһугар, кэрэхсэбиллээх көрүҥ эбит. Сэһэргэһээччим кэпсээнин олох киинэ курдук харахпар ойуулуу, көрө олордум. Күндү ааҕааччым, эн да оннук ылынарыҥ буолуо.

 

Этэҥҥэ туһаҕа барбыта

— Дьэ, онон, Семен Егорович, сарсыарда 7.30 чааска туран ынахтаргар тахсаҕын…

— Ньирэйдэри хотоҥҥо тураллар. Кинилэри таһаартаан, ийэлэрин эмтэрэбин. Онтон улахан сүөһүлэрбин аһатабын. 7 ынах, кинилэр былырыыҥҥы оҕолоро — 7 тыһаҕас уонна быйылгы алта ньирэй — барыта 20 сүөһүнү көрөн-истэн баран, дьэ, дьиэбэр холкутук киирэн чэйдиибин. Быйыл биир тиҥэһэм табыллыбата. Сэттэ ньирэй буолуоҕун, ол ынах оҕото балтараа ый курдук буолаат “бараахтаабыта”, ийэтин иһигэр сылдьан сүөһү быһыытынан табыллыбатах этэ. Аны ийэтэ сайын дьаамаҕа түһэн хаалбытын хостообуттара. Ол сылдьан муоһуттан ороорулар, төбөтүн уҥуоҕун эчэппиттэр этэ. Инньэ гынан, кэннэ тахса сылдьар буолан хаалбыта. Туох эрэ ньиэрбэтин таарыйбыттар быһыылаах. Онон идэһэҕэ тиийиэ суох диэн, атыылаабытым. Ол кэпсэтиим бэркэ табыллыбыта. Омуктар сайыны көрсөр бырааһынньыктаахтар эбит. Онно эт наада буолбутугар көрдөөбүттэр этэ. Ыалым күтүөтэ “ким эмэ эт атыылыыр дуо?” диэн ыйыппыт. Онон барахсаным этэҥҥэ туһаҕа бараахтаабыта.

 

Толору оттоох чарапчы

“Төһө отунан сыл тахсаҕын?” диэн сыыйа төлөпүөнүнэн репортааһым иккис чааһыгар “көһөбүн”. Сэһэргэһээччим тута маннык хоруйу биэрдэ:

— Былырыын оппун 25–30 кытай урулуонунан хаһааммытым. 2000 оҥорбутум эрээри, ол нэһиилэ кыстыкка тиийбитэ. Быйыл 2800 урулуону оҥорон, холкутук кыстыырга бэлэммин. Былырыын халлаан эмиэ олус сылаас буолан, сүөһүлэрим буолунай оту сиэбиттэрэ. Быйыл да күһүн уһаан, эмиэ оту дэлэйдик сииллэр да, элбэх оту хаһааммыт буолан, эрэллээхпин. Билигин 6х12 иэннээх чарапчы тобус-толору буолан турар. Ол аттынааҕы хасааһым аҥаара да бүтэ илик. Онон кыстыгы холкутук туоруом диэн эрэнэбин.

Интэриниэт халлаан аныгы нэдиэлэҕэ тымныйыа диэн көрдөрөр. Онон идэһэ кэмэ этэҥҥэ саҕаланар ини. Бу күннэргэ хаар хойуутук түһэн, таһырдьа турар сүөһүлэр көхсүлэрэ тоҥоро буолуо. Кырдьаҕас ынахтар эдэрдэри чарапчыттан хайа баҕарар үүрэн таһааран, “күннүүллэр”. Хотонум 15 эрэ ынах батар миэстэлээх. Онон биэһин быйылгы идэһэҕэ “саайыам”. Сотору кэминэн тоҥоро охсоро буоллар. Кэлиҥҥи үс сылга күһүн олус уһуур буолла. Ити иннинэ алтынньы баччатыгар идэһэ түмүктэнэр кэмэ этэ буоллаҕа. Былырыын оннооҕор сэтинньи саҥатыгар ардах түһэн соһуппута дии.

 

Эт уонна үүт — аймахтарынан

— Эккин, үүккүн ханна хайдах батараҕыный?

— Биһиги бииргэ төрөөбүттэр ахсыабыт. Онон куоратынан, Майанан халыҥ аймахха тарҕанар. Ким көмөлөспүт, ол эттэнэр. Бииргэ төрөөбүттэрим уолаттара от саҕана анаан уоппуска ыла-ыла кэлэн оттууллар. Онон ким төһө оттообутунан — кимиэхэ сүөһү аҥаара, кимиэхэ буута, иннэ барар. Ынахтарбын бэйэм ыыбын. Үүтү эмиэ аймахтарынан үллэстэбит.

 

Эрэллээх көмөлөһөөччү

— Аны массыына көлөҕүнэн үлэҕин кэпсэтиэх. Эйигин Майаҕа билбэт киһи суох дииллэр…

— Кырдьык, туох эмэ наада буолла да, миигин булаллар. “Самозанятайбын”, онон бэйэм туох үлэ көстөрүнэн дохуоттанабын. Дьон наадыйда да, миигин булар. Куруустаан, тиэйэн көмөлөһөбүн. Билиҥҥи тэтимнээх олоххо, ыллыҥ да көрдөһө охсон, араас үлэҕэ бэйэтинэн көмөлөһөр киһини булар уустук. Ыал көһүүтэ, Аллараа Бэстээхтэн тутуу матырыйаалын тиэйии, от-мас киллэриитэ — үлэ баһаам. Онон өрүү үлэлээхпин. Аллараа Бэстээххэ биирдэ баран кэлиим бырайыаһа — 5 тыһыынча солкуобай. Кырдьаҕастарга, соҕотох ийэлэргэ, кыра саастаах элбэх оҕолоох дьоҥҥо — сыана аҥаара. Онон дьон миэхэ сакаастыырын ордорор.

ГАЗ‑53 массыынам — эрэллээх көмөлөһөөччүм. Аны сотору кэминэн ый аҥаара курдук муус тиэйиитигэр сылдьыам дии. Муус хостоон атыылыыбын. Түөрт буолан үлэлиибит — күтүөтүм, табаарыһым, балтым уола уонна бэйэм. Биир массыына — 5 тыһыынча солкуобай, онно 4 кууб киирэр. Сакааһы эрдэттэн хомуйабын. Онон массыынам — миигин хамнастаах оҥорор эрэллээх доҕорум.

…Дьэ ити курдук, тыа сирин олохтооҕо кыстыкка киириитин, күннээҕи түбүгүн төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, сырдаттыбыт. Туһугар, кэтэхтэн кэрэхсэбиллээх репортаж буолла.

 

 

Елена Потоцкая,

«Саха сирэ».

 

Хаартыскалар – Семен Назаров дьиэтээҕи архыыбыттан.