Саҥарарбытыгар тоҕо «ЫСЫАХ» буолуохтааҕый?

Ыһыах туһунан төһөлөөх элбэх киһи санаатын эттэ, суруйда буолла. Бу 7-8 ыйдаах томороон тымныылаах дойдубутугар былыр-былыргыттан биир саамай улахан суолталаах, ытыктанар, күүтүүлээх бырааһынньыкпыт буолар. Ама доҕор, күп-күөҕүнэн дуйдаммыт айылҕа маанылаах киэҥ түһүлгэтигэр аймахтар, оҕолор, ыччаттар, бииргэ үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан ааспыт дьон   көрсүһэн, билсиһэн, алгыс ылан ааһаллара күндү буоллаҕа. Аны ыһыахтар Арассыыйа регионнарын сэргэ омук сирдэригэр кытта ыытыллар буолбуттара чахчы да астык. Таиланд, Монголия, Кытай, о.д.а., оннооҕор Мексика курдук сиргэ барбыттарын, быйыл Казахстан Алматы куоратыгар 2000 кэриҥэ киһи кыттыылаах улахан ыһыах тэриллибитин туһунан  бэчээт нөҥүө билэбит.

Бээрэ, ханна да халыйан хаалбакка ЫҺЫАХ диэн тылга бэйэтигэр тохтоон ааһыахха. Өбүгэлэрбит хас да үйэни уҥуордатан, харыстаан, маанылаан илдьэ кэлбит өйдөбүллэрин, тылларын биһиги токурутан,  нууччалыы саҥардахпыт буолан тоҕо Ысыах диэхтээхпитий? Билиҥҥи киһи барыта 100 бырыһыан үөрэхтээх, «Һ» дорҕоону таһааран  сатаан саҥарбат, ити буукубаны аахпат киһи баар буолуон сатаммат. Уопсайынан, биһиэхэ сахаларга атын омук тылыгар “бэриммэт”, бөрөбүөттэммэт тыллар баар буолуохтаахтар. Холобура сэргэ, алаас, сир-дойду аата о.д.а.

Былырыын сайын, 2022 с. Туймаада ыһыаҕар Татарстан Республикатын баһылыга Рустам Нургалиевич Минниханов – Поздравляю Вас с национальным  праздником ЫҺЫАХ! – диэн чопчу эппитэ дьоҥҥо-сэргэҕэ чугастык, истиҥник иһиллибитэ. Онтон бэйэбит салайааччыларбыт бары ысыах, да ысыах… «Саха” НКИХ, «Тэтим» араадьыйа эдэр ыытааччылара, ол иһигэр Аскалон Сэмэнэп нууччалыы да биллэриилэри тиэрдэллэригэр ЫҺЫАХ диэн саҥаралларын биһирии, дуоһуйа истэбит. Быйылгы Туймаада ыһыаҕар куорат мэра Евгений Григорьев нууччалыы этэригэр эмиэ ЫҺЫАХ диэн бэрт минньигэстик этэн аһарда. Онон түмүкпэр, биһиги сахалар баары баарынан ЫҺЫАХ диэн саҥарыаҕыҥ, онтон нууччалыы суругар өйдөнөр, ысыах диэн барарыгар тиийэр.

 

Степан Андреев, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, СР суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, педагогическай үлэ ветерана.