«Хаарбах дьиэ» бырагырааматынан дьон саҥа кыбартыыраҕа көһөллөрө элбээтэ. Сотору сайдар Майабыт олохтоохторо, Сэбиэскэй, Исаев аат. уулуссалар уопсай дьиэлэрин олохтоохторо саҥа кыбартыыра ылан үөрэ-көтө көһүөхтэрэ.
Дьон үксэ сахалыы сиэри-туому тутуһар буолан, эргэ кыбартыырабытын көһөрбүтүгэр «тугу гынабытый?» диэн ыйыталлара элбээтэ.
Онно сүбэ курдук эттэххэ маннык. Көмүс ньээкэ уйаҕытыттан көһөргүтүгэр, дьиэҕит иччитин хомоппот курдук хомунан, сааһыланан, алаадьылаан сыт таһааран көһөҕүт.
Урукку сылларга дьиэни көтүрүөхтэрин иннинэ ыраастатар туом оҥордоххо, ардыгар ыарахан хартыына буолара. Дьоннорун, оҕолорун хаартыскалара, оҕо таҥаһа барыта ыһылла сытар, миэбэллэр тоҕута-хайыта сынньыллан тураахтыыллар. Бары билэргит курдук, туох баар туттубут малларбыт, хаартыскаларбыт бэйэбит туспутунан атын эйгэҕэ кэпсии тураллар. Онтон сиэттэрэн, саҥа кыбартыыраҕар «батыһаллар». Үчүгэйдик хомунан, харбаан барар ыаллар эйгэлэрэ сырдык, ыраас буолар эбит. Онон олорбут дьиэҕитин хомоппот гына сиэри-туому тутуһар буолуҥ, доҕор буолбут ыккытын, куоскаҕытын эмиэ сир-халлаан икки ардыгар хаалларан кырыыска турумаҥ диэн сүбэлиибин.
Түсчүт Зиновий.