“Сайын сайын!” («Развивайся летом») бырайыак

Алтынньы 27 күнүгэр Павловскай оскуолатыгар алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Сайын сайын!” үгэс буолбут улуустааҕы куонкурус ыытылынна. Бу күрэх хаһыс да сылын, алын кылаас учуутала Дмитриева Александра Андреевна көҕүлээһининэн ыытыллар. Уопсайа аҕыс секция уонна “Харыстабыллаах суол” диэн куонкурус ыытылынна. Улууспут үөрэх кыһаларыттан уопсайа 120 оҕо кыттыыны ылла. Ол курдук, Павловскай, Аллараа Бэстээх, Майа, Төҥүлү, Хара, Бэдьимэ, Тумул, Дьабыл, Алтан, Ороссолуода, Хорообут, Наахара, Хаптаҕай уонна Мэлдьэхси оскуолаларын алын кылаас үөрэнээччилэрэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук, кыайыылаахтарга дипломнар уонна салайааччыларга махтал суруктар туттарылыннылар. Бу күрэх алын кылаас оҕотугар чинчийэр, айар үйэ аартыгын арыйарыгар көмө буолар.

Кыттааччылар санааларын үллэстэллэр:

Иванова Дарина, 2 кылаас үөрэнээччитэ: — Мин бырайыагым: “ Чудо ягода — брусника”. Бу үлэбэр отон туһатын туһунан кэпсээтим. Элбэх кинигэни, энциклопедияны ааҕан чинчийдим. Мин санаабар, бу маннык күрэххэ кыттар олус интэриэһинэй, туһалаах. Кыбыстыбакка саҥара үөрэнним. 

Старостин Эрсан, 2 кылаас үөрэнээччитэ: — Мин Майаттан бырайыакпын ааҕа кэллим. Бырайыагым аата: “Мой двор”.  Мин бу  бырайыакпын түргэнник суруйбутум. Уонна салҕыы улаатыннаран иһэр баҕа санаалаахпын.

Охлопков Арылхан, Майа 2с нүөмэрдээх оскуолатын 2 кылаас үерэнээччитэ: — Мин бырайыагым аата: “Доруобуйам бэйэм илиибэр”. Бу бырайыакпын бу сылтан суруйан саҕалаатым. Маннык улуус иһинэн араас-араас дэриэбинэлэринэн сылдьан, проект ааҕар олус интэриэһинэй дии санаатым.

Нестерева Сияна, 2 кылаас үөрэнээччитэ: —  Бырайыагым аата: “Микробтар”. Бу тиэмэни таларга учууталым сүбэлээбитэ. Бырайыакпын бу сайынтан суруйан саҕалаабытым.  Миэхэ төрөппүттэрим көмөлөспүттэрэ. Наһаа элбэҕи биллим-көрдүм. Микробтар тустарынан доҕотторбор, дьоммор кэпсээтим.

Оҕолор проект суруйан тэҥниир, ырытар, түмүктэри оҥорор үөрүйэхтэри иҥэринэллэр, толкуйдуур дьоҕурдара сайдар эбит, итиэннэ болҕомтолоох, тэрээһиннээх, дьаныардаах буоларга, бириэмэни аттаран туһанарга үөрэнэллэр эбит диэн түмүккэ кэллим.

Матросова Уля,

В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ