«Сайдар саргылаах саҥа Майаҕа ‒ олорор, үлэлиир олус үчүгэй!»

Муус устар 11 күнүгэр Мааны Майабыт быйыл төрүттэммитэ 122 сылын туолла.
Бу бэлиэ күнүнэн «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгын Алексей Неустроевы кытары үлэ-хамнас хаамыытын, инники соруктар тустарынан, атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэттибит. Ону ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.

– Алексей Иннокентьевич, эйигин «эрэдээксийэ оҕото» буолаҥҥын, бэрт кыра сааскыттан үчүгэйдик билэбин. Аҕаҕын – РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнин, кыраайы үөрэтээччини Иннокентий Иннокентьевич Неустроевы кытары өр сылларга эн-мин дэһэн бииргэ үлэлээбиппит. Майаҕа Сунтаартан хастааххар көһөн кэлбиккитий?
– Биһиги дьиэ кэргэн 1990 сыллаахха ийэм дойдутуттан Сунтаартан аҕам дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка биэс саастаахпар көһөн кэлбиппит. Алта сааспар Майаҕа бэлэмнэнии кылааска оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим.
– Бэйэҥ төрдүҥ-ууһуҥ туһунан ааҕааччыларбытыгар кылгастык билиһиннэр эрэ.
– Аҕам өртүттэн саҕалаатахха, Бааатараттан төрүттээхпин. Эбэм Анисия Константиновна Захарова – 10 оҕолоох Дьоруой-ийэ, норуот маастара, иистэнньэҥ, эһэм Иннокентий Михайлович Неустроев – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, олоҥхоһут, тойуксут этилэр. Кинилэр иккис уоллара – мин аҕам Иннокентий Иннокентьевич. Ийэм Людмила Иннокентьевна Сунтаар Аллаҥатыттан төрүттээх. Бииргэ төрөөбүт ахсыалар этэ. Онон икки өртүттэн халыҥ аймахпыт. Ийэм өр сылларга Майаҕа Сбербааҥҥа үлэлээбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Майаҕа олорор. Уопсастыбанньык, оһуокай түмсүүнү салайар.
– Туох идэлээххин, ханнык үөрэҕи бүтэрбиккиний?
– Юрист уонна муниципальнай судаарыстыбаннай сулууспа исписэлииһэ үөрэхтээхпин. 2008 с. Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын, 2017 с. Москваҕа РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай сулууспа академияларын бүтэрбитим.
– Майа – улууспут саамай бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пууна. Нэһилиэнньэтин ахсаана төһө буолла?
– Олорор аадырыстарынан регистрациялаах (бырапыыскалаах) дьон ахсаана – 8075, ол иһигэр 2347 оҕо, 4377 дьахтар, 3698 эр киһи. Итини таһынан атын сиргэ бырапыыскалаах Майаҕа олорор дьоммутун аахтахха, 10 тыһ. киһи курдук буолар. Улууспут нэһилиэнньэтэ 30 тыһ. тахса киһи буоллаҕына, итинтэн үс гыммыт биирэ Майаҕа олорор.
–Баһылыгынан талыллыбытыҥ балтараа сыл курдук буолла. Бу кылгас кэм иһигэр элбэх өрүттээх баһаам үлэ ыытыллыбытын олохтоохтор көрө-истэ сылдьабыт. Элбэхтэн биири холобур аҕаллахха, өр сыллар усталарыгар кыайтарбатах сыбаалкабыт оннун дьэ булбутун астына бэлиэтиибит. Ити улахан иэннээх үлэни тэрийиигэ кимнээх күүс-көмө буоллулар?
– Бастатан туран, Майа олохтоохторо олус көхтөөх, туруу үлэһит дьон буолаллар. Уопсай дьыала туһугар ханнык баҕарар саҕалааһыны, этиини тутатына хаба тардан өйүүллэрэ, күүс-көмө буолаллара, онуоха бэйэлэрин тус кылааттарын киллэрсэллэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Уонтан тахса эрэ үлэһиттээх дьаһалта үлэһиттэрэ аҥаардас бэйэбит күүспүтүнэн, кыахпытынан хайдах да ситиһиллибэт улахан кээмэйдээх үлэни-хамнаһы норуот күүһүнэн, улахан субуотунньуктарынан эрэ кыайабыт. Үлэбин саҥа саҕалыырбар ити сыбаалкабыт боппуруоһугар үп-харчы хантан булабыт диэн төбөбүн элбэхтик «сыспытым». Уонунан сыллар тухары үчүгэйдик оннун була илигэ. Биллэн турар, уонча тыһыынча киһи, ону сэргэ аҕыйаҕа суох тэрилтэ таһаарар бөҕө элбэх буоллаҕа. Бөхпүт сыбаалкабыт сириттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи суолга тиийэ анньан кэлбитэ. Кирдээх ууну таһар массыыналар иһирдьэ киирэр суоллара суох буолан тыраассаттан туран сүөкүүргэ күһэллэллэрэ. Киһи үөрэрэ баар – сыбаалкабытын бэрээдэктээһиҥҥэ биир дойдулаахтарбыт – улахан массыыналардаах убайдарбыт, бырааттарбыт бэйэлэрэ биһиэхэ этии киллэрэн төһүү күүс буолбуттара. Бары түмсэн, сүбэлэһэн баран үлэни аттаран, былааннаан үс хонуктаах улахан субуотунньук тэрийэн хамсааһын тахсыбыта. Манна барыта 14 улахан массыына, 4 тыраахтар тахсан үлэлээбитэ. Майа дьаһалтата Туустаахха кумах карьердаахпыт. Онтон баһаам элбэх массыына кумаҕы сыбаалкаҕа киирии суолугар, иһигэр таспыппыт. Бөхпүтүн иһирдьэ анньыбыппыт, сабан күрүөлээбиппит уонна киирии суолбутугар Новгородовтар чааһынай тэрилтэлэринэн таас куттарбыппыт. Онон тыраассаттан сыбаалкаҕа киирэр суолбут таас буолла. Бу иннинэ, эппитим курдук, ассенизационнай массыыналар кирдээх ууну түгэххэ киирэн сүөкүүллэригэр усулуобуйа суоҕа. «Мэҥэ-тутуу» кэпэрэтииптэн Сэбиэскэй Сойуус эрдэҕиттэн ПМК эрдэҕинэ аҕалыллыаҕыттан туһаныллыбакка Майа алааһыгар сытар таас билиитэлэри көҥүллэтэн эмиэ субуотунньугунан кырааннары, улахан массыыналары туһанан кирдээх ууну таһар тиэхиньикэҕэ суол оҥорон тэлгээбиппит. Ол түмүгэр суол-иис оҥоһулунна. Былырыыҥҥыттан саҕалаан «Экологические системы Якутии» тэрилтэ ыаллыы сытар Хара нэһилиэгин уонна Майа тэрилтэлэрин бөҕүн биһиги сыбаалкабытыгар таһыыга иккис массыынаны туруорбута. Түгэнинэн туһанан Прокопий Дьячковскайга, Егор Кычкиҥҥа, Николай Жирковка, Евгений Копыриҥҥа, Альберт Баишевка, Архип Скрябиҥҥэ, Аполлон Скрябиҥҥэ, Павел Марковка, Иван Лыткиҥҥа о.д.а. массыыналаах уолаттарбытыгар, туора турбакка, күүс-көмө буолбуттарыгар махталбыт улахан. Холобур буолар киһибитин Архип Скрябини ураты чорботон бэлиэтиэм этэ. Кини ханнык баҕарар үлэни кыайар-хотор, толлон турбат, соҕотоҕун да улахан үлэни толорор күүстээх санаалаах. Маннык үтүө үлэһит дьоннордоох буоламмыт, ханнык баҕарар уустук сыал-сорук кыайтарар.
– Дьаһалта хас үлэһиттээҕий?
– Дьаһалтаҕа 19 үлэһиттээхпит уонна 10 үлэһиттээх АХУМС диэн хаһаайыстыбаннай тэрилтэлээхпит. Биһиги үлэбитин уопсастыбаннай төрүккэ олоҕуран сүрүннэһэр, күүс-көмө буолар 15 дьокутааттаахпыт. 21 түөлбэлээхпит. Түөлбэлэр салайааччылара ыкса сибээһи тутуһан биһиэхэ «уҥа» илиибит буоланнар баар кыһалҕалары күннэтэ быһаарсалларыгар, тэҥҥэ үлэлэһэллэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Сэлиэнньэбит сайдыытыгар улахан үтүөлээх-өҥөлөөх биирдиилээн дьоммутун, дьиэ кэргэннэри, түөлбэлэри, тэрилтэлэри чиэстээн ааспыт сыл түмүгүнэн «Бастыҥ» бириэмийэни олохтообуппут. Бу бириэмийэ үтүө үгэскэ кубулуйан сыллата туттарыллыаҕа.
– Сүрүн үлэҕит таһынан дьаһалта үлэһиттэрэ кыһыннары-сайыннары үлэ чааһын кэннэ, өрөбүл да күннэргэ сэлиэнньэни тупсарыыга, ырааһырдыыга о.д.а. үлэлэргэ күргүөмүнэн тахсан субуотунньуктуугут. Онуоха эн мэлдьи үлэһиттэргин кытары тэҥҥэ сылдьаҕын. Биир күн тыраахтар, ардыгар грейдэр уруулугар олороҕун. Маннык тэрээһиннэр уопсай дьыалаҕа көдьүүстээхтэрин таһынан өссө туох үчүгэй өрүттээхтэрий?
– Дойду үрдүнэн салайыы систиэмэтэ баар. Саамай үрдүгэр – Бэрэсидьиэн. Оттон саамай норуокка чугас былааһынан муниципалитет, ол эбэтэр олохтоох дьаһалта буолар. Биһиэхэ дьон кыһалҕаларын быһаартара, этиилэрин киллэрэ, санааларын үллэстэ күннэтэ сылдьар. Онуоха дьаһалта үлэһиттэрэ кэлбит дьон бэйэтин ыйытыгар хайаан да эппиэти ылан баралларын ситиһиэхтээхпит. Дьоҥҥо чугас буолуохтаахпыт, уопсастыбаннаһы кытары бииргэ үлэлэһиэхтээхпит. Субуотунньуктары таарыйар буоллахха, манна олохтоох дьаһалта эрэ үлэһиттэрэ кыттар буолбатахпыт. Биһиги нэһилиэнньэбит, тэрилтэлэрбит, уопсастыбаннай түмсүүлэрбит мэлдьи көхтөөхтүк кыттыһаллар. Холобур, аҕа түмсүүтэ бөх хомуйуутугар, суол оҥоруутугар да буоллун, барытыгар тэҥҥэ үлэлэһэр.
Былырыын бүддьүөттэн 2 суол өрөмүөнэ былааҥҥа киирбит буоллаҕына, сыл түмүгэр 12 суол оҥоһулунна. Ити барыта олохтоохтор этиилэринэн, көмөлөрүнэн эмиэ субуотунньугунан ситиһилиннэ. Былырыын ити суолларга кумах кутуллубута, быйыл бэс ыйыттан саҕалаан, суол-иис куурдаҕына, тааһы таһыахпыт. Ону таһынан эмиэ атын суоллары оҥорууга былаан баар. Майа иһигэр баар суолбут уһуна – 50 км.
Ааспыт сылга сэлиэнньэбит иһигэр баар 8 аспаал суолу өрөмүөннүүргэ, саҥардыыга бырайыак уонна симиэтэ оҥорторбуппут. Быйыл өрөспүүбүлүтээҕи суол пуондатыттан Майинскай уулуссабытыгар аспаал суолу оҥорууга 10-ча мөл. солк. көрдөрдүбүт. Салгыы хаалбыт атын суолларбытын саҥардыыга, өрөмүөннээһиҥҥэ эмиэ бырагыраамаларга, бырайыактарга кыттыһарга ирдэниллэр докумуону бэлэмнээн олоробут.
– Сыллата Майа үүнэн-сайдан, кэҥээн, нэһилиэнньэтин ахсаана элбээн иһэр. Генеральнай былаана хаһан оҥоһуллубутай? Уларытыылар киирэллэр дуо?
– Кэнники генеральнай былаан «Сахапроект» тэрилтэнэн 2015 сыллаахха оҥоһуллубут. Ол кэннэ икки сыл үчүгэйдик ырытыллан, үөрэтиллэн баран 2017 сыллаахха дьокутааттарынан бигэргэтиллибит. Уонча сыл иһигэр сэлиэнньэ биллэ улаатта, кэҥээтэ. Мас Майаттан таас Майаҕа уларыйыы бара турар. Онон генеральнай былааны саҥардан биэриигэ «Ситим» ХЭТ бырайыактыыр тэрилтэни кытары дуогабардаһан этиилэри үөрэтэн үлэни ыытабыт.
– «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааматынан кэлин сылларга элбэх ыал саҥа таас дьиэҕэ көстө. Үгүс эргэ тутуулар көтүрүлүннүлэр. Бу бырагырааманан өссө төһө дьиэ хабыллыаҕай?
– Бу бырагыраама Саха сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ, дойду бүттүүнүгэр да күүскэ үлэлээн кэллэ. Нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга олус наадалаах, туһалаах бырайыак. 2023 сылга диэри бырагыраамаҕа киирбит өссө 17 дьиэ хаалла. Онно баар 119 кыбартыыраттан 300-кэ киһи саҥа дьиэҕэ быйыл, эһиил көһүөҕэ. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга диэри ылыныллыбыт бырагырааманы өссө биэс сылга салгыы уһатар туһунан этиитин бары үөрэ иһиттибит. Билигин онно сыһыаннаах Москваттан докумуон кэллэ да, хаалбыт хаарбах дьиэлэри бырагыраамаҕа киллэрэргэ докумуон үлэтин саҕалыахпыт. Билигин төһө дьиэ киирэрэ чуолкайын этэр кыаллыбат да, кыалларынан барыларын хабарга кыһаллыахпыт. Быйыл улууспутугар сэттэ этээстээх лииптээх бастакы дьиэ Майаҕа Байкалов аатынан уулуссаҕа үлэҕэ киллэриллиэҕэ. Исаев уонна Герой Попов аатынан түөлбэлэрбитигэр элбэх кыбартыыралаах таас дьиэлэр тутуллан сэлиэнньэбит тас көстүүтэ биллэ уларыйда, тубуста.
– “Куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии” федеральнай бырагырааманан аҕыйах сыллааҕыта Комсомольскай болуоссат саҥалыы «сирэйдэммитэ». Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө салгыы Кыайыы монуменын саҥардан тутуу ыытыллыахтаах. Бу бырайыагы сырдатыаҥ дуо? Быйыл туох үлэ барыаҕай?
– Бастаан Комсомольскай болуоссат «Майа сайына» бырайыагын кылгастык сырдатыым. Муниципальнай оройуоммут архитектураҕа управлениетын, өрөспүүбүлүкэбит Тутууга министиэристибэтин өртүлэриттэн «Куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии» бырагырааматыгар кыттарга үгүс туһалаах сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии бэриллибитэ. Ол түмүгэр кыайыылаах тахсан болуоссаппыт саҥардыллан, тупсарыллан оҥоһулларын ситистибит. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит, салалталарыгар, Бырабыыталыстыбаҕа истиҥник махтанабыт. Былырыын кытаанах сүүмэрдээһини ааһан быйыл икки бырайыакпытынан улахан бырагыраамаҕа кыттар кыахтанныбыт. Бу бырайыактары улууспут баһылыга Дмитрий Тихонов Майа сэлиэнньэтин баһылыгынан үлэлии сылдьан саҕалаабыта. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө улууспут биир ытык сирин – Кыайыы монуменын саҥардыыга «Кыайыы аартыга» диэн улахан бырайыак оҥоһуллубута. Манна федеральнай үбүлээһинтэн 50 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Икки сыллаах үлэ быйылгыттан саҕаланна. Эһиил балаҕан ыйыгар түмүктэниэхтээх. Билигин кумааҕы үлэтэ барар. Кэлэр сылга Кыайыы үбүлүөйдээх күнүн көрсө үлэ уопсай иэнин 65 – 70 бырыһыанын түмүктүүр соругу туруорабыт. Быйыл Майинскай уулуссаҕа аспаал тэлгэннэҕинэ монумеммытыгар «Кыайыы аартыгар» диэри барааттаан тиийиэхпит. Итини сэргэ «Аныгы куорат эйгэтин тэрийии» федеральнай куонкуруска кыайан 20 мөл. солк. көрдөрөн «Таптал көлүччэтин» искибиэрин эбии тупсаран, саҥардан оҥорууга бырайыакпытын олоххо киллэриэхтээхпит. Итиннэ Герой Попов аатынан уулуссаҕа тахсыы сыырын анныгар аһаҕас сир-уот бэлэмнээн дьон-сэргэ сынньанар, сэрээккэлиир усулуобуйатын тэрийиэхтээхпит. Манна хаалыктаах хаамыынан дьарыктанааччыларга, 8 сыыппара курдук, тохтобула суох эргийэн хаамар сирдээх, эдэр ийэлэр кэлээскэҕэ оҕолорун аҕалан күүлэйдэтэллэригэр, кыра оҕолор оонньуулларыгар былаһааккалар баар буолуохтара, ыччаттарбыт чэгиэн туруктаах, чөл олохтоох буолалларыгар воркаут, ол эбэтэр уулуссаҕа гимнастиканан, фитнеһинэн, успуорт көрүҥнэринэн дьарыктанарга анал турниктар, тренажердар о.д.а. тэриллэр туруоруллуохтара. Былааннаммыт үлэ барыта олоххо киирдэҕинэ, инникитин олохтоохтор биир сөбүлээн сылдьар, сынньанар болуоссаттарынан буолуоҕа. Дьоҥҥо-сэргэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийиигэ инникитин да былааммыт үгүс. Олохтоохтор баҕа санааларыгар олоҕуран биир сүбэнэн бырайыактары толкуйдуубут. Былааммытыттан аҕыйаҕы сэгэтэн билиһиннэрдэххэ, ырыынактарбыт турар Манчаары уулуссатыттан саҕалаан Комсомольскай болуоссакка тиийэ дьон сатыы хааман күүлэйдиир Москваҕа «Арбат» курдук итиэннэ Майинскай уулуссаҕа ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Арыы Тыабытын сөргүтэн уруккута «Сардаана» оҕо уһуйааныттан «Дьол түһүлгэтигэр» тиийэ «күөх зона» оҥорон элбэх маһы, газону олордон эмиэ уоттаах-күөстээх сынньанар сирдэри оҥоруохпутун баҕарабыт. Комсомольскай болуоссаты кытары биир ситимнээх, күрүөлээх-хаһаалаах буолуоҕа.
– Олус астык буолсу. Кэпсээбиккин бэл харахпар ойуулаан көрдүм. Быйыл «Таала Күөлэ» норуот пааркатын оҥорон сэлиэнньэ эрэ олохтоохторо буолбакка, атын улуустартан, Дьокуускайтан тиийэ кэлэн дьон-сэргэ кэлэн сиэдэрэй хаар оҥоһуктары көрдүлэр. Инникитин ити паарка оҥоһуллуо дуо?
– Бу бырайыак өр сылларга өйгө-санааҕа сылдьан баран быйыл кылгас кэм иһигэр олоххо киирдэ. Итиннэ сыыр үрдүгэр биир дойдулаахпыт Петр Петухов дьоҕус туристическай дьиэни тэрийбитэ. Онно оҕолор төрөөбүт күннэрин, улахан да дьон тэрилтэлэринэн, аймахтарын кытта кэлэн сынньанар чөл олох сирэ-уота буолбута. Арыгы иһэр, табах тардар көҥүллэммэт. Кини өссө былырыын Таала Күөлү оҥостобун дуо диэн ыйыта сылдыбыта. Уһук Илин гектарынан ити сири бэйэтин бас билиитигэр ылбыта. Норуот паарката диэн сөпкө эттиҥ. Бүддьүөттэн үбүлээһин олох көрүллүбэккэ эрэ аҥаардас дьон, норуот күүһүнэн оҕолор оонньуур былаһааккалара оҥоһулунна. Кистэл буолбатах, оҕо үксэ дьиэтигэр төлөпүөн, планшет тутан олорор, сибиэһэй салгыҥҥа тахсан оонньообот, хамсаммат. Манна тугу оҥоробут уонна хайдах киэргэтэбит диэн толкуйдаан баран хаар оҥоһуктарга тохтообуппут. Дьиэ кэргэнинэн хаар оҥоһуктарга өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус биллэрбиппит. Тиэмэтэ – аан дойду ойулуктарын (мультфильмнарын) дьоруойдара. Абыйтан тиийэ кэлэн кытыннылар. Пааркабыт биир сүрүн киэргэлинэн Архип Скрябин үөһэ сыыртан алааска 13 сылгылаах үөр сүүрэн киирэн иһэрин хаартан оҥорбута буолла. Кини аҥаардас туруору (штык) күрдьэҕинэн уонна аҕыйах тэрили туһанан, баара-суоҕа 4 хонук иһигэр, бэрт улахан кээмэйдээх үлэни – ускуустуба айымньытын оҥорон дьон-сэргэ сөҕүүтүн-махтайыытын, биһирэбилин, махталын ылла. Талааннаах маастар бу үлэтин «Россия-2» ханаалга «Доброе утро» бырагыраамаҕа көрдөрдүлэр, ону ааһан дойду Бэрэсидьиэнин Владимир Путин телеграм-ханаалын официальнай сирэйигэр тиийэ тахсыбыта. Таала Күөлгэ эһиил эмиэ тугу эмэ толкуйдаан оҥоруохпут.
– Билигин халлаан сылыйан оҕо аймах, ыччат сөбүлээн сынньанар, оонньуур сиринэн Сэбиэскэй уулуссаҕа баар хоккей куорта буолар. Бу куорду кэҥэтии, тупсарыы былааҥҥа баарын истэбит. Хоккей тус бэйэҕэр чугас көрүҥүнэн буолар. «Манчаары» хоккей кулуубун салайаҕын, тириэньэрдиигин. Соторутааҕыта Өлүөнэ остуолбаларыгар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII Оонньууларын уотун уматыыга урут Сэбиэскэй Сойуус, билигин Арассыыйа улахан успуордугар номоххо сылдьар аан дойдуга тиийэ биллэр «сулуһу», Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх чөмпүйүөнүн Вячеслав Фетисовы кытары көрсүбүтүҥ. Онно Майаҕа хоккей сабыылаах куортун тутуутун туһунан кэпсээбиккин сэҥээрбит диэн истибиппит. Ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Дьэ кырдьык, быйыл Өлүөнэ остуолбаларыгар Саха сирин устуоруйатыгар хаалар бу иннинэ хаһан да буола илик дьоһун тэрээһин буолан ааста. Ити бэлиэтээбитин курдук, Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар оонньоон Олимпийскай оонньуулар, аан дойду хас да төгүллээх чөмпүйүөннэрэ Саха сиригэр кэлэн ыалдьыттаан бардылар. Өлүөнэ очуостарын анныгар «Легенды России» уонна «Ветераны хоккея Якутии» хамаандалар күөн көрсүһүүлэрэ умнуллубат өйдөбүлү хаалларда. Саха сирин бэтэрээннэрин хамаандатыгар Майа олохтооҕо, «Манчаары» кулуубун бастакы нүөмэрдээх вратара Николай Барабанов оонньоото. Бу – улахан чиэс, бочуот. Ити – бастакытынан. Иккиһинэн, Майа эрэ буолбакка, улууспут олохтоохторун барыбыт улахан ыра санаабытынан хоккейы таһынан успуорт кыһыҥҥы атын көрүҥнэринэн эмиэ дьарыктанарга сабыылаах муус дыбарыаһы тутуута буолар. Билэргит курдук, Майаҕа хоккей куорта Дмитрий Тихонов баһылыгынан үлэлиир кэмигэр оҥоһуллубута. Биһиги Вячеслав Фетисовка хоккейбыт кулуубун, куортун туһунан итиэннэ дыбарыаспыт кумааҕыга бырайыагын көрдөрөн тыа сиригэр оҕо аймах, улахан дьон успуордунан дьарыктаналларыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ кыалларынан күүс-көмө буоларыгар көрдөстүбүт. Вячеслав Александрович хоккей Арассыыйаҕа инникитин, уруккутун курдук, бастакы нүөмэрдээх успуорт көрүҥэ буолуохтааҕын бэлиэтээн туран, биһиги баҕа санаабытын болҕомтолоохтук истэн кыалларынан өйүөх буолла.
– Улууспутугар биллэриллибит 2023 – 2025 сс. Тыа хаһаайыстыбатын сылларынан үлэҕэ-хамнаска ханнык сүрүн соруктар туралларый? Ааспыт сылга туох үлэ ыытылынна? Сүөһү иитиитинэн төһө хаһаайыстыба дьарыктанарый?
– Улууспутугар үс сыл устата Тыа хаһаайыстыбатын сыллара биллэриллэн бу салаа сайдыытын бары өртүнэн өйүүр, көҕүлүүр дьаһаллар ыытыллаллар. Улуус бүддьүөтүгэр тыа хаһаайыстыбатыгар араас хайысхаларынан үбүлээһин көрүллэр, баһылык грана сыллата үстүү бырайыакка ананар, ону сэргэ эмиэ араас бырайыактар олохтоннулар о.д.а. үлэлэр былаан быһыытынан ыытыллаллар. Атын нэһилиэктэри кытары тэҥнээтэххэ, сэлиэнньэбитигэр оттуур ходуһабыт да, мэччирэҥ сирбит да суох. Ол да буоллар, сүөһү, сылгы иитэр дьонноохпут. Тэрээһиннээх хаһаайыстыба тутар үс пиэрмэрдээхпит – Петр Пивоваров, Дмитрий Шипошин, Семен Петухов. 24 ыал кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 202 сүөһүнү, 10 ыал 18 сылгыны иитэллэр. Түргэнник ситэр салааҕа, оҕуруот аһын үүннэриигэ үгүс ыал ылсан бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатынан хааччыналлар. Былырыын биир ыал социальнай хантараагынан граҥҥа тиксэн кус-хаас, куурусса, коза ииттэ. Дьаһалта олохтоохторго көмөлөһөр сыаллаах 300 сымыыт киирэр инкубаторын атыыласпыппыт. Ону түргэнник ситэр салааҕа балайда уопуттаах Карповтар дьиэ кэргэни кытары дуогабардаһан кинилэргэ туруорбуппут. Ааспыт сайын 200-тэн тахса чоппуусканы таһааран байыаннай дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэннэригэр, элбэх оҕолоох ыалларга босхо түҥэппиппит. Быйыл ити үлэни салгыахпыт. Сүөһү иитэр дьоммутун өйүүр, көҕүлүүр сыалтан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин, улуустааҕы нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолууга управлениетын кытары үлэлэһэммит 10-тан тахса киһини Москва куоракка «Бэс чагда» санаторийга сынньаттыбыт. Салгыы уопсастыбынньыктарбытын, аҕам саастаах дьоммутун ыыттыбыт. Судаарыстыба өртүттэн айаҥҥа, путевкаҕа көрүллэр бары чэпчэтиилэри туһаннаран.
– Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо сыла биллэриллибиттэрэ. Бэйэ-бэйэлэрин кытары ыкса сибээстээх, ситэрсэн биэрэр биир уопсай өйдөбүллээх хайысхалар. Дьиэ кэргэн дьоло – оҕоҕо буоллаҕа. Дьиэ кэргэни, оҕо аймаҕы өйөөһүҥҥэ туох үлэ ыытылларый, былааҥҥа баарый?
– Дьиэ кэргэн, Оҕо уонна Майабытыгар биллэрбит Чөл олох сылларын дьүөрэлии тэҥҥэ тутан оҕо киһи, личность быһыытынан сайдыытыгар араас хайысхалаах үлэни-хамнаһы тэрийэн ыытабыт. Ити сибиэһэй салгыҥҥа сэрээккэлээһинтэн саҕалаан үөрэхтэригэр билиигэ тардыһан олимпиадаларга, кэмпириэнсийэлэргэ кыттыыларыгар, успуордунан дьарыктаныыларыгар тиийэ. Биир холобуру аҕаллахха, хоккейбыт куортугар элбэх оҕо кэлэн хаҥкылыыр. Олортон биир оҕону – В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Сияна Андрееваны таба көрөн кэпсэтэммит шорт-треккэ Дьокуускайга тириэньэргэ дьарыкка ыыппыппыт. Бэрт кылгас кэм иһигэр дьарыктанан кини бу саас СӨ успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр V ыспартакыйаадатыгар улууспут чиэһин көмүскээн үс дистанцияҕа үһүөннэригэр мэтээл аҕалан барыбытын үөртэ.
– Майаҕа биллэриллибит Чөл олох сылын чэрчитинэн үгүс тэрээһиннэр ыытылыннылар. Бу сыл сүрүн сыала-соруга туохханый?
– Чөл олох өйдөбүлэ олус киэҥ. Аҥаардас куһаҕан дьаллыктан туора туруу эрэ буолбатах. Чөл олох хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар чиҥник иҥиэхтээх. Чөл олохтоох норуот инникилээх, сарсыҥҥылаах буолар. Ыччаттарбыт чөл олохтоох эйгэҕэ улаатыахтаахтар, иитиллиэхтээхтэр. Итирэн охто сытар, харчы көрдүү турар дьону көрбөттөрүн, тулалара сырдык, ыраас буоларын туһугар бу сылы биллэрдибит. Атын улуустартан, Дьокуускайтан чөл олоҕу көҕүлүүр, өрө тутар дьону ыҥыран араас тиэмэлэри хабан элбэх мунньаҕы, кэмпириэнсийэни, сэминээри, көрсүһүүнү тэрийдибит. Кистэл буолбатах, элбэх нэһилиэнньэлээх сэлиэнньэҕэ биирдиилээн олохторун сатаан оҥосто, миэстэлэрин булуна илик куһаҕан дьаллыкка ылларбыт дьон баара биллэр. Кинилэри кытары дьаһалта, уопсастыбаннас тиһигин быспакка үлэлэһэр. Сүрүн сыалбыт-сорукпут – кэскилбит туһугар оҕолорбутун, ыччаттарбытын чөл олохтоох буолууга, ырааска, кэрэҕэ, үрдүккэ сирдээһин, сыһыарыы, көҕүлээһин.
– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуо?
– Кэргэммин Викторияны кытары оскуола бэлэмнэнии кылааһыгар киириэхпиттэн, ол аата алта саастаахпыттан билэбин. Паартаҕа бииргэ олорбуппут. Оскуоланы бүтэрэн баран, бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан, 18 саастаахпытыгар ыал буолбуппут. 19 сааспытыгар бастакы оҕобут, эһэтин аатын сүгэр Кеша Күн сирин көрбүтэ. Былырыын оскуоланы бүтэрбитэ, билигин Дьокуускайга полиция коллеһын устудьуона. Хоккейга бэйэбин кытта бииргэ сылдьан умсугуйан дьаныһан туран дьарыктанар. «Манчаары» хамаандаҕа улахан дьоҥҥо иккис вратарь буолар. Иккис уол Игорь В.П.Ларионов аатынан оскуолаҕа тохсус кылааска үөрэнэр, шорт-треккэ кыһыҥҥы ыспартакыйаадаҕа кытынна, хоккейга эмиэ дьарыктанар. Үһүс уол бэйэм ааппынан Алексей, эмиэ В.П.Ларионов аатынан оскуолаҕа алтыс кылааска үөрэнэр, биһигини кытары эмиэ барытыгар тэҥҥэ сылдьыһар, хоккейы эмиэ олус сэҥээрэр. Кыра уолбут 5 саастаах Аркадий – «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ. Кэргэним, ийэбит хоккей улахан фаната, ыалдьааччыта. Онон биһиги дьиэ кэргэн бары хоккейы сөбүлүүбүт. Эрэллээх тыылбар кэргэммэр миигин мэлдьи өйүүрүгэр, сүбэ-ама буоларыгар уонна оҕолорбор, ийэбэр, ийэ уонна аҕа кынныларбар улахан өйөбүллэригэр махталым муҥура суох.
– Уол оҕону иитиигэ сүрүн болҕомтоҕутун туохха уураҕытый?
– Оҕо иитиитигэр төрөппүт холобура улахан оруоллаах. Оҕолорбун кыра эрдэхтэриттэн бэйэбин кытта дьиэ ис-тас үлэтигэр, айылҕаҕа тэҥҥэ сырытыннаран кэллим, массыына өрөмүөнэ, хаар күрдьүүтэ буоллун. Уолаттар ийэлэригэр көмө дьон, таҥас өтүүктээһинэ, дьиэ, иһит сууйуута курдук үлэлэргэ эмиэ бары үөрүйэхтэр. Уопсайынан кыыс, уол үлэтэ диэн араарыы суох. Ити кинилэргэ инники олохторугар көмөлөөх буолара саарбаҕа суох.
– Алексей Иннокентьевич, Майабыт бэлиэ күнүнэн улууспут дьонугар-сэргэтигэр бэйэҥ баҕа санааҕын тиэрдиэҥ дуо?
– Мааны Майабыт төрөөбүт күнүнэн барыгытыгар истиҥ эҕэрдэ буолуохтун! Тапталлаах дойдубут сыллата чэчирии сайдарыгар олохтоохтор бэйэлэрин тиэргэннэрин, түөлбэлэрин тупсарыыттан саҕалаан уопсай дьыала туһугар күннэтэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэллэригэр, көмөлөһөллөрүгэр, өйүүллэригэр олохтоох дьаһалтабыт уонна тус бэйэм ааппыттан дириҥ махталбын тиэрдэбин. Түмсүүлээх, чөл олохтоох, доруобай буолуоҕуҥ!
– Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Аҕаҥ баара буоллар, оҕотунан төһөлөөх эрэ киэн туттуо этэ диэн мэлдьи саныыбын. Түбүктээх, эппиэттээх үлэҕэр инникитин да үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
– Махтанабын.

Алена Докторова.

default