Доллу нэһилиэгэр СӨ үтүөлээх артыыһа С.Н. Сивцев‒Доллу аатынан норуот айымньытын түмэлигэр Саха тыйаатырын устуоруйатын чинчийбит учуонай, театральнай кириитик, искусствоведение билимин хандьыдаата, киэн туттар биир дойдулаахпыт Максимов Дмитрий Кузьмич төрөөбүтэ 90 сылын көрсө сырдык аатын үйэтитэр тэрээһин буолан ааста.
Дмитрий Кузьмич Максимов 1933 с. ыам ыйын 12 күнүгэр Доллу нэһилиэгэр төрөөбүт. 1955‒1956 сс. Эдьигээн оройуонунааҕы култуура дьиэтин дириэктэринэн үлэтин саҕалаабыта. 1961 с. Александр Николаевич Островскай аатынан Ленинградтааҕы театральнай институт театроведческай факультетын бүтэрбитэ. 1961‒1966 сс. Саха АССР Култуура министиэристибэтигэр ыстаарсай иниспиэктэринэн, култуурунай-сырдатар училищеҕа үлэлээбитэ. 1966‒1970 сс. ‒ А.В.Луначарскай аатынан Москватааҕы институтун аспирана. 1970 с. искусствоведение хандьыдаатын диссертациятын «Эпопея жизни якутского народа. Драматургия Суорун Омоллона на сцене» тиэмэҕэ ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. 1970‒1986 сс. ‒ младшай научнай үлэһит. 1986 сылтан Тыл, литература уонна устуоруйа институтун научнай үлэһитинэн үлэлээбитэ.
Дмитрий Кузьмич Максимов ‒ тыйаатыр ускуустубатын үөрэппит биллиилээх чинчийээччи, үгүс кинигэ уонна 100-кэ ыстатыйалар ааптардара. Саха тыйаатырын устуоруйатын, тыйаатыр ускуустубатын биллиилээх дьонун Анемподист Иванович Софронов, Платон Алексеевич Ойуунускай, Дмитрий Кононович Сивцев‒Суорун Омоллоон, Дмитрий Федорович Ходулов, о.д.а. айымньылаах олохторун сырдаппыта. «Подвиг» балекка либретто суруйбута, биир аактаах «Субботы родного края», «Из клуба в гараж», «Санитары счастья» пьесалар ааптардара.
Сахабыт сирин ускуустубатын, култууратын эйгэтигэр, улуу дьоммут үлэлэрин олохторун сырдатан, үтүмэн чинчийэр үлэни ыыппыт киэн туттар биир дойдулаахпыт Дмитрий Кузьмич үтүө аата ааттана. «Олоҕун суола ‒ айымньылаах үлэтэ» “Төгүрүк остуол” тула ахтан-санаан аастыбыт. “Доллу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Николай Сивцев дьоро түгэни арыйда. Бэлиэ күн В.П.Ларионов аатынан «Дойду ситимэ» түмсүү толорооччу дириэктэрэ Гаврил Максимов, Арассыыйа, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Бочуоттаах гражданина, Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Тумул „ТХПК“ дириэктэрэ Таисия Десяткина, Дмитрий Кузьмич төрөппүт кыыһа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Наталья Голикова, “Алгыс” бэтэрээннэр тумсуулэрин бэрэссэдээтэлэ, Доллу нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Дмитрий Слепцов ахтыылары оҥордулар.
Евгения Птицына.