Саха сиригэр «Дойдуну көмүскээччи сылын» биллэрбитин сэргии иһиттим

Дьабыыл нэһилиэгин олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх ийэ, эбээ Валентина Стручкова: «Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар Саха сиригэр «Дойдуну көмүскээччи сылын» биллэрбитин сэргии иһиттим. Өрөспүүбүлүкэбитигэр, улууспутугар, нэһилиэктэрбитигэр манна туһаайыллан элбэх хайысхалаах үлэ ыытыллыа. Төрөөбүт дойдубут салгыы сайдарын туһугар хас биирдиибит көхтөөхтүк кыттабыт уонна кыттыахпыт.

Ийэ дойдубут туhугар байыаннай дьайыыга хас биирдии аймахтан, нэһилиэктэн сылдьар эдэркээн ыччаттарбыт тустарыгар биһиги бары долгуйабыт. Байыаннай дьайыы байыастарын ийэлэрэ, аҕалара, кэргэттэрэ, оҕолоро эмиэ Дойдуну көмүскээччи аатыгар тэҥнээхтэр.

Дьайыы түмүктэнэригэр, ыччат дьоммут эйэлээх, дьоллоох олоххо төннөн кэлэн үөрэнэллэригэр, үлэлииллэригэр эрэллээхпит», — диэн Ил Дархан бүгүҥҥү этиитин кэнниттэн санаатын үллэһиннэ.

 

Марелла Баишева.