Саха саарына Аркадий Алексеев аатынан успуорт түһүлгэтигэр кус быһыйдар, ат бөҕөлөр күөн көрүстүлэр

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр успуорт дьоро күнэ үүннэ. “Манчаары” стадионугар дэгиттэр дьоҕурдаах саха саарына Аркадий Михайлович Алексеев үҥүүнү быраҕыыга уонна пятиборьеҕа муҥутуур көрдөрүүнү олохтообута 60 сылыгар аналлаах “Кус быһый – ат бөҕө” биэс көрүҥүнэн күөн күрэс ыытылынна. 

Төһө да күһүҥҥү хаҕыс салгыннаах сөрүүн күн турдар сэлиэнньэ олохтоохторо, ыалдьыттар аар-аарга аатырбыт саха ырыа айааччыта, ырыаһыта, успуорка сүүрүү, үҥүүнү быраҕыы, тустуу көрүҥнэригэр 29 төгүллээх өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, элбэх рекорду олохтообут Аркадий Алексеевы, Сахабыт сирин чулуу спортсменнарын киирсиилэрин илэ көрөөрү оҕотуттан аҕам саастаах дьонугар тиийэ кэлбиттэр.

Манна Сахабыт сирин аҕыс чулуу спортсменнара тоҕуорустулар: Таас Боотур диэн ааттаммыт,  Горнайтан онус төгүлүн кыттан 2024 сылга Дыгын Оонньууларын чөмпүйүөнэ, мас-рестлиҥҥа Аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, РФ успуордун маастара, 115 киилэлээх тааһы көтөҕөн 250 миэтэрэ ыраах илдьиигэ Дыгын Оонньууларын рекордсмена Дьулустан Ноговицын, Ньурбаттан национальнай многоборьеҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйүөнэ, 2023 сылга “Тоҕус Томтор” өрөспүүбүлүкэтээҕи многоборье турнирын кыайыылааҕа, хапсаҕайга, сахалыы ыстаныыга, национальнай многоборье көрүҥнэригэр СӨ успуордун маастара Владимир Федоров, Амматтан мас-рестлиҥҥа РФ успуордун маастара, 2022 сылга “Амма Боотура” многоборье көрүҥүн чөмпүйүөнэ, 2023 сылга уол оҕолорго Арассыыйа чөмпүйүөнэ Гарри Сдвижков, Чурапчыттан “Тоҕус Томтор” өрөспүүбүлүкэтээҕи многоборье турнирын икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Павел Друзьянов, Өлүөхүмэттэн мас-рестлиҥҥа успуорт маастарыгар хандьыдаат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, ыччаттарга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Аан дойдутааҕы бойобуой ускуустубаҕа Евразия оонньууларын чөмпүйүөнэ Вениамин Попов, Уус Алдантан пауэрлифтинг көрүҥэр өрөспүүбүлүкэ призера  Савва Копырин, Ньурбаттан 2022 сылга Ф.М.Дегтярев аатынан мас-рестлинг муҥутуур кыайыылааҕа Данил Моисеев, Мэҥэ Хаҥаластан хотугу многоборьеҕа РФ успуордун маастара, 2024 сылга Арассыыйа чөмпүйүөнэ,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ Егор Терентьев.

Күрэхтэһии дьүүллүүр сүбэтин кылаабынай уонна ыараханы өрө тардыыга сүрүн судьуйатынан успуорт национальнай көрүҥнэригэр СӨ успуордун Бочуоттаах маастара, Дыгын Оонньууларын сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай, хапсаҕайга сүрүн судьуйанан Саха Сирин хапсаҕайдаһан тустууга үтүөлээх тириэньэрэ, ССРС, Саха сирин  успуордун маастара, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Александр Куличкин, мас тардыһыыга сүрүн судьуйанан боксаҕа ССРС успуордун маастара, мас тардыһыыга Саха сирин успуордун маастара, Сахава Бочуоттаах маастара, СӨ Физическай Култуураҕа уонна успуорка туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Шарин, үҥүүнү быраҕыыга уонна 400 миэтэрэҕэ сүүрүү сүрүн судьуйатынан СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, чэпчэки атлетикаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах судьуйа Павел Васильев үлэлээтилэр. 

Билигин СӨ норуодунай артыыһа, ССРС физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, 60-с сылларга өрөспүүбүлүкэ чэпчэки атлетикаҕа чулуу спортмена, Москва куорат уонна Уһук Илин чөмпүйүөнэ, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Амма, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Майа сэлиэнньэтин, 1-кы Тыыллыма, Тойбохой нэһилиэктэрин, Дьокуускай куорат, СӨ Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Комсомолун бириэмийэтин лауреата, дэгиттэр талааннаах Аркадий Алексеев 87 саастаах.

Иван Белолюбскай Аркадий Алексеев успуорка сүрдээх улахан ситиһиилэри ситиспит спортсмен, дэгиттэр сайдыылаах киһи буоларын, кини бирииһигэр ыытыллыахтаах маннык күрэхтэһиини өр кэтэспитин, олохтообут рекордтара үксэ билиҥҥэ диэри куоһарыллыбакка тураллара сүрдээҕин сөхтөрөрүн эттэ.

Дьулустан Захаров Улуу убайыттан култуура үлэһитэҕин дуу, успуорт дуу диэн ыйыппытын бастакы миэстэҕэ успуорду ааттаабыт. 

Дьоро күн өрөгөй чааһыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов эҕэрдэлээтэ:

  • Бүгүн олус суолталаах, бары күүппүт-кэтэспит күөн-күрэспит саҕаланар күнэ үүннэ. 60 сыл анараа өттүгэр биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Аркадий Михайлович Алексеев биир улахан муҥутуур көрдөрүүнү ситиспитэ. Ол бүгүн куоһарыллыбакка турара биһигини элбэхтэ толкуйдатар. Бүгүн биһиги ыччаппытыгар бу көрдөрүүгэ олоҕуран улахан түһүлгэ тэрийбитэ  олус махталлаах. Чөл олох, бигэ турук – бу успуорду кытта сэргэстэһэн куруутун биир өйдөбүлгэ этиллэллэр. Төһөнөн биһиги успуорду сайыннарабыт, успуорду көҕүлүүбүт, оччонон омукпут чөл туруктаах буолуоҕа. Онон бу Аркадий Михайлович холобуругар тирэҕирэммит ыччаттарбытын таһааран иһиэхпит. Куруутун Сахабыт сирин, төрөөбүт дойдубутун, улууспутун ааттата сылдьар бастыҥ бөҕөстөр, быһыйдар  тахса турдуннар диэн алгыс тылбын тиэрдэбин. Бүгүҥҥү күрэскэ ким бэлэмнээх, ким түмсүүлээх ол кыайдын!

Биир дойдулаахпыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһааайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, А.Е.Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, “Хотугу Сулус” уордьан кавалера Матвей Мучин хайыһарга ССРС успуордун маастара, Аркадий Алексеевтыын бииргэ күрэхтэспит үөлээннээҕэ буолар. Кини «Эркээйигэ” анаан интервьютуттан:

Аркадий Михайлович өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр спортивнай тэрийээччи, тириэньэр буолар. Ол быһыытынан элбэх чаҕылхай чөмпүйүөннэри, рекордсменнары ииппитэ. Кини үөрэнээччилэрэ Николай Санников, Иван Горохов, Евгений Прима, Николай Невротов, о.д.а биһиги сахабыт сирин атах сүүрүүтүгэр уонна национальнай көрүҥнэргэ, уһуну ыстаныыга дьону сөхтөрөр ситиһиилэри көрдөрбүт дьон буолаллар. Тутааччы идэлээх Евгений Прима Орто Халымаҕа баран уһуннук олорбута, билигин Хатаска олорор буолуохтаах. Кини бэйэтин кэмигэр 70-с сылларга 100м 10,7 сөкүүндэнэн сүүрэн кэлбит киһи буолар. 

Успуорт араас көрүҥнэригэр уһун кэмҥэ чөмпүйүөннээбит буулаҕа бухатыырдар, кус быһыйдар, от охсуутугар тэҥнээхтэрин булбатах номоххо киирбит дьон, аатырбыт ырыаһыттар, композитордар, биллиилээх ырыа айааччылар, тыйаатыр, киинэ  режиссердара, оператордара, успуорду салайааччылар – ити этиллибит хаачыстыбалаах дьону биһиги Сулустар диэн ааттыыбыт. Онтон ити барыта биир киһиэхэ түмүллүбүт буоллаҕына, бу Улуу киһи буолар. Өскөтүн Саха сирин олохтоохторуттан итинник ыйытар буоллар, үгүстэрэ ити – Аркадий Михайлович Алексеев диэ этилэр диэн саарбахтаабакка этэбин. 

“Кыталык” норуодунай ансаамбыл “Оһуор”, “Кыталык” Аллараа Бэстээхтээҕи филиалын оҕолоро “Саха үҥкүүтэ” үҥкүүлэринэн эҕэрдэлээтилэр.

 

Дьоро күн мааны түһүлгэтин эстрадабыт чаҕылхай сулустара Сиэйэ Уола, Айса, көрөөччү кутун туппут ыытааччы Аскалон Семенов  итиэннэ 2024 сылга “Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ” ырыа күрэһин кыайыылааҕа Анатолий Гуляев көмүс куоластарынан киэргэттилэр. 

Дьулустан Ноговицын үҥүүнү быраҕыыга, мас тардыһыыга, ыараханы көтөҕүүгэ бастакы, 400 м сүүрүүгэ, хапсаҕайга иккис, Владимир Федоров хапсаҕайга бастакы, ыараханы көтөҕүүгэ иккис, үҥүүнэн быраҕыыга үһүс, 400 м сүүрүүгэ бэһис, мас тардыһыыга алтыс, Павел Друзьянов үҥүүнү быраҕыыга, мас тардыһыыга иккис, ыараханы көтөҕүүгэ, 400 м сүүрүүгэ үһүс, хапсаҕайга сэттис миэстэлэри ылбыттара.

Уопсай түмүккэ Гарри Сдвижков төрдүс, Вениамин Попов бэһис, Егор Терентьев алтыс, Данил Моисеев сэттис, Савва Копырин ахсыс буоллулар. Спортсмен уолаттар быһыылара-таһаалара, көрүҥнэрэ, быыппастар былчыҥнара – бу барыта чөл олох туоһута.

Биэс көрүҥтэн үһүгэр эрэллээхтик бастаан, икки көрүҥҥэ иккис миэстэлэри ылан кыһыл көмүс мэтээлинэн,  дипломунан итиэннэ 500000 солкуобайдаах уу харчынан сүрүн бирииһи Дьулустан Ноговицын тутта. Иккис миэстэ буолбут  Ньурба күүстээҕэ Владимир Федоров үрүҥ көмүс мэтээлинэн, дипломунан уонна 125000 солкуобайынан, үһүс миэстэҕэ тахсыбыт Чурапчы кэскиллээх спортсмена Павел Друзьянов боруонса мэтээлинэн, дипломунан уонна 75000 солкуобай харчынан наҕараадаланнылар.   

Марелла Баишева.