Үйэтитии
Итинник ааттаах Дьокуускай куоракка бэҕэһээ, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, Емельян Ярославскай аатынан хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын Саха сиринээҕи холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин биир саалатыгар биир дойдулаахпыт, СӨ норуодунай артыыската, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, талааннаах ырыа айааччы, толорооччу Анастасия Варламова-Эдьиий Настаа төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах быыстапка үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Саха норуота бүттүүнэ уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр айымньылар ааптардарыгар Анастасия Варламоваҕа аналлаах быыстапка тэриллиитин төрүөтүнэн чугас дьүөгэтэ Зоя Тумусова Анастасия Николаевна аймахтарыттан киниэхэ тус бэйэтигэр тиксэриллибит кыһыл көмүстэн оҥоһуллубут бриллиант уонна атын да сыаналаах күндү таастардаах түөскэ иилинэр кольетын Саха сирин биир киэн туттар, аатырар түмэлигэр бэлэх быһыытынан ууммута буолла. Эдьиий Настаа үбүлүөйдээх сылыгар сөп түбэһиннэрэн уонна бу бэлиэ түгэни дьон-сэргэ киэҥ билиитигэр таһаарар сыаллаах тэрээһин биир дойдулаахпыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылаана Адамова-Алтан Кыыс Кыыс көҕүлээһининэн, түмэл үлэһиттэринэн өйөбүллэринэн ыытылынна.
‒ Анастасия Николаевнаны кытары өр сылларга ыкса доҕордоһон олоҕун тиһэх күннэригэр диэри алтыһан кэлбитим, ‒ диэн бэйэтин ахтыытын саҕалаата Зоя Егоровна. ‒ Улаханнык ыалдьан сыппыт олоҕун тиһэх сылыгар дьиэтигэр да, балыыһаҕа да күннэтэ кэриэтэ кэлэ-бара билсэ сылдьыбытым. Биир күн дьиэтигэр тиийбиппэр остуолу ыйда уонна эттэ: «Зоя, итинтэн талаҥҥын ыл». Көрбүтүм остуолга үс хобо турар. «Итинтэн талан ыл, мин бэлэхтиибин», ‒ диэтэ. Мин биир бастакыны ыллым уонна тыаһаттым уонна атыттартан талбакка ону ыллым. Өйдөөн көрбүтүм ‒ хобом Саха Далбар Хотуна моһуоннаах. Онон бу бэлэҕи 2006 сыллаахтан илдьэ сылдьабын. Эдьиий Настаа хобо Санкт-Петербург куоракка олорор саха киһитэ оҥорон бэлэхтээбитин кэпсээбитэ. Иллэрээ сыл Москваҕа дьиэбитигэр биир улахан айылҕалаах киһи ыалдьыттыы кэлэн баран кэпсэтэ олорон: «Эйиэхэ биир анал бэлэх оҥоһуллубут хобо баар, кини үлэлиэхтээх эбит», ‒ диэтэ. Итинник дьону кытары мэлдьи алтыһар буолан тута өйдөөбүтүм ‒ хобо хайдах үлэлиэхтээҕин. Ону истэн баран, оҥоһуллубут сиригэр Питерга сылдьан, эмиэ норуот эмчитэ Ньургустаана Пахомоваҕа тиийэн кинилиин Нева өрүһүнэн устан иһэн хобобун тыаһата-тыаһата бу тыас истибит дьону барыларын араҥаччылыы-арчылыы сырыттын диэн көрдөстүбүт. Дойдубар кэлэн баран Баайаҕаҕа барар буолбуппут. Онно хобобун хайаан да Мандар Ууска илдьэ баран кини алгыһын манна уктарыахтаах эбиппин диэн сана киирбитэ. Мандар Уус ытыһыгар ууран олорон олус үөрэн, долгуйан туран алгыһын иҥэрбитэ. Кэлин бэйэм Өлүөнэ очуостарыгар тахсан тыаһаттым, бэйэбин кытта мэлдьи илдьэ сылдьабын. Бу хобону тыаһатан чугас дьонум, дьүөгэлэрим ортотугар баҕа санаам туолла диир дьон хайыы үйэҕэ бааллар. Онон Настаа аптаах мала миигин кытта инникитин да өрүү аргыстаһа сылдьыаҕа. Бу хобону Эдьиий Настаа мэтириэтин уруһуйдаабыт худуоһунньук кыыска көрдөһөн үйэтиттим. Ити биир түгэнтэн кэпсээтим. Иккис ахтар түгэним ‒ биирдэ тиийбиппэр, ити 2006 сыллаахха эттэ: «Зоя, эн интэриниэти үөрэтэн баһылыан этэ». Мин ону оччолорго олох билбэт, истибэт, куттанар да этим. «Куйаар ситиминэн араас омук сиригэр мин ырыаларым ылланыа этилэр буоллаҕа». ‒ диэтэ. Оттон бүгүн, баһаалыста баар буолбат дуо, ханна да олор, Эмиэрикэҕэ да, Австралияҕа да буоллун, саха киһитэ кини ырыатын хантан баҕар булан истэр кыахтаах. Хайдах курдук кини барытын өтө көрөн билэр эбитий? Итинник түгэннэри элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Биирдэ Медкииҥҥэ палаататыгар киирбиппэр, атаҕа быһыллан сыттаҕына, биир кумааҕыны миэхэ уунна уонна: «Чем не завещание?» ‒ диэтэ. Онно тиһэх суруйбут «Биһик ырыатын» тылларын суруйбут этэ, ону миэхэ ыллаата. Билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, тута төлөпүөн холбоон уһулуом эбитэ буолуо. Тылларын ааҕан баран, көхсүм кытта дьырылаабыта. Саха Далбар Хотуттарыгар анаан суруйбут «Биһик ырыатын» хас биирдии ийэ сүрэҕин дьүрүскэнинэн оҕотугар анаан ыллаатын диэн айбыт этэ.
Зоя Егоровна Эдьиий Настааны кытары алтыһыытыттан үгүс умнуллубат интэриэһинэй түгэннэри кэпсээбитэ мустубут дьону олус долгутта, уйадытта. Чахчыта да, Анастасия Николаевна олус ыраас дууһалаах, күүстээх санаалаах, киэҥ толкуйдаах, ураты буочардаах айар-тутар ырыа айааччы, дьоҕурдаах салайааччы, истиҥ дьүөгэ, биир тылынан ‒ саха мааны Далбар Хотуна буоларын өссө төгүл чиҥэтэн биллибит-көрдүбүт, итэҕэйдибит.
Анастасия Варламова олохтон туораабытын кэннэ чугас аймахтара кинини олоҕун ыарахан күннэригэр улаханнык өйөөбүт, көмөлөспүтүн иһин махталларын биллэрэн Зоя Егоровнаҕа тус бэйэтигэр кыһыл көмүс кольетын бэлэхтээбиттэр. Ону Зоя Егоровна тоҕоостоох кэмҥэ, Эдьиий Настаа үбүлүөйдээх сылыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэлгэ кини аатын үйэтитэр экспонат быһыытынан бэлэхтээтэ. Ону ирдэбилгэ олоҕуран, туоһулуур түмэл уонна бэлэх уунааччы өртүлэриттэн докумуоҥҥа илии баттаһыы сиэрэ-туома ыытылынна.
Бу бэлиэ күн Эдьиий Настаа туһунан истиҥ-иһирэх ахтыыларын өр сылларга эн-мин дэһэн чугастык алтыспыт, өйөспүт доҕотторо ‒ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Федот Тумусов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ырыа айааччы Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй, биир дойдулааҕа, СӨ култууратын туйгуна Михаил Санников-Уол Сарсын, СӨ култууратын туйгуна Айталина Тарабукина, Емельян Ярославскай аатынан хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын Саха сиринээҕи холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин дириэктэрин наука боппуруостарыгар солбуйааччыта Айталина Решетникова оҥордулар.
Үөрүүлээх тэрээһини Анастасия Варламоваҕа анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун Кылаан бирииһин кыайыылааҕа, биир дойдулаахпыт Инна Донская-Дайаана «Ыһыах», Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй аатырбыт «Аҕам алааһа» ырыалары толорон киэргэттилэр. Мустубут дьон «Аҕам алааһын» байаан доҕуһуолунан бары туран эрэ ньиргиччи хуорунан ыллааннар, саха алааһын Иэйэхситигэр Эдьиий Настаа сырдык аатыгар сүгүрүйэллэрин, кини саха норуотугар суруйан хаалларбыт үйэлэргэ сүппэт ырыалара өлбөт үйэлээхтэрин туоһулаатылар.
Эдьиий Настаа: «Тыл ууһа уһаммыт уран этиилэрин, дорҕоонноро көтүтүмтүө, дьиэрэйимтиэ, күүстээх, абылаҥнаах буолаллар. Киһи барыта уран тыл ууһа буолбат, мэнээк бэриллибэт. Ырыа ‒ итэҕэл биир салаата эбит. Киһини турукка киллэрэр, кини туругун тупсарар, ис бараанын бэрээдэктиир, кутун-сүрүн эмтиир. Оннук күүстээх ‒ Ырыа», ‒ диэн суруйан хаалларбыт этиитин кытары сөпсөспөт буолуохха сатаммат. Саха омук баарын тухары кини ылбаҕай ырыалара ыллана, аата ааттана туруохтара.
Алена ДОКТОРОВА.