Саха алааһын Иэйэхситэ ‒ Эдьиий Настаа

Бу дьыл ааспыт кулун тутар 23 күнүгэр саха мааны далбар хотуна, талааннаах ырыа айааччыта, ырыаһыта, учуутал, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыската, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, норуокка өйдөммүтүнэн “Саха алааһын иэйэхситэ” ытыктанар чулуу киһи Анастасия Николаевна Варламова быйыл төрөөбүтэ 75 сылын туолла.

Анастасия Варламова туох ханнык иннинэ бэйэтэ историк үөрэхтээҕэ. Ускуустуба эйгэтигэр киллэрбит кылаата туохха да тэҥнэммэт сүдү оруол. Ол курдук кини аан бастаан суруйбут ырыата “Бэдьимэ” диэн ааттаах. Кини норуокка айан-суруйан хаалларбыт ордук биллэр-көстөр ырыалара “Аҕам алааһа”, “От сыта”, “Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн”, “Оҕо сааһым”, “Ыһыах”, “Майя Алдан” о.д.а. ырыалара сакральнай ис хоһоонноохтор. Бу төрүөтэ туохханый? Анастасия Варламова туһунан ахтыылары көрдөххө кини саха сиэрин-туомун, үгэһин, итэҕэлин, философиятын дириҥник билэр уонна ону өйдүүр, анаарар, ырытар улахан филосфоскай өйдөөх-санаалаах киһи этэ диэн ахталлар, суруйаллар. Чахчыта да оннук. Ырыа мээнэ айыллыбат, кини эмиэ киһи курдук туспа айылгылаах. Ырыаһыт уопсайа 70 тахса ырыаны норуотугар утары бэлэх уунан көтүппүтэ. Анастасия Варламова олоҕун тиһэх күннэригэр диэри айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Кини суруйбут ырыаларын тиэмэ өттүнэн туспа көрүҥҥэ наардаан араарыахха сөп.

Ырыаһыт саха алааһын кэрэтин, айылҕа кэрэ көстүүтүн пейзажнай лиирикэҕэ ситимнээн көтүппүт ырыаларынан: “Аҕам алааһа”, “От сыта”, “Амсам эрэ дьэдьэҥҥиттэн”, “Кыталыктар үҥкүүлүүллэр”, “Сайын”, “Кустук”. Сайын үүннэ даҕаны саха киһитэ айылҕалыын үгүстүк алтыһар түгэннэрдээх. Ол курдук, аҕабыт ытык алааһыгар Лэбийэ күөл хартыыната, күөх чээлэй хонууга охсуллубут от сыта дыргыйара, кыырай халлаан иэниттэн кыталыктар үҥкүү үктүү кэлэлллэрэ, күөх сырдык халлааҥҥа кустук оһуор тиһиллэрэ, кыракый күөх солооһун симэх-оһуор сиэрэ ситэн сириэдийбит минньигэс дьэдьэн сытынан туолбута туохтааҕар да киһи сүрэҕин-дууһатын чэпчэтэр, үөрдэн кынаттыыр. Холобур норуокка улаханнык биллибит ырыата “Аҕам алааһа” суолтата дириҥ ураты философиялаах ырыа буолар. Саха алаастан силистээх-мутуктаах, кинини бэрт ытыгылыыр, кини кэрэ көстүүтүгэр сүгүрүйэр. Оттон аҕа оруола алааска өссө ордук чаҕылхай күүстээх уонна быдан чугаска дылы. Тоҕо диэтэр аҕа устар дьыбардаах кыһыны туораан, кыстыгы ааһан сайын буолла даҕаны сайылыгар айылҕалыын алтыһан оттуу тахсар үгэстээх. Бу сахалар ытык өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит национальнай саханы саха дэтэр дьарыкпыт. Хоһооҥҥо хоһуллан, ырыаҕа ылланардыы “умнубат өйдөбүл аҕабыт алааһа” диэн строка этиитэ төһөлөөх киһини дириҥ толкуйга иэҕэрий? Манна аҥаардас аҕа алааска сыһыанын эрэ туһунан буолбакка киһи төрөөбүт дойдутугар таптала уонна онон киэн туттуута арылхайдык көстөр. Саха алааһын бэрт үрдүктүк тутан хоһуйар. Анастасия Варламова биир оннука майгынныыр ырыатынан “От сыта” ырыатын ылан көрүөҕүн. Биһиги бары айылҕа оҕолоробут. Айылҕаттан аһаан-таҥнан, уутуйан үөскээн олоробут. Оттон киһи бэрт кыратыттан айылҕаҕа сыстан үөрэммит-улааппыт буоллаҕына ханнык баҕарар от-мас үлэтиттэн туора турбат, айылҕаны таптыы үөрэнэр.

Анастасия Варламова киһи ис туругун, саныыр санаатын таба тайар уонна ону музыка кэрэ абылаҥар тута дьүөрэлиир таптал лиирикэтин хоһуйааччы. Таптал – олох оҥкула, истиҥ иэйиитэ. Манна киһи эдэр сааһын нарын таптала, ааспыт кэрэ кэм ахтылҕана сытыытык көстөллөр. Оннук ырыаларынан: “Доҕорбор”, “Оҕо сааһым”, “Төрөөбүт күҥҥүнэн”, “Эдэр саас ахтылҕана”, “Сааскы санаа”, “Ахтыма доҕоруом эн миигин”, “Таптыыбын эйиигин”, “Одуулаама”.

Биллэн турар ырыа айааччы ыллыыр ырыатын норуокка үтүөнү, сырдыгы баҕаран туран тиэрдэн ыллыыр үгэстээх. Анастасия Варламова ырыатын өссө биир уратытынан киниэхэ гражданскай лиирикэтэ өссө ордук күүстээх. Кини бэйэтэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээҕэ, ордук “нууччалыы иитиилээҕэ” диэн ахталлар. Эдэр сылдьан комсомол үлэтигэр үлэлээбитинэн биллэр. Настаа комсомол олоҕун-дьаһаҕын, быһыытын-майгытын дириҥник билэрэ. Ол чэрчитинэн “Майя-Алдан” диэн бэйэтин тылларыгар уонна мелодиятыгар доҕордоһуу тиэмэтигэр анаан чаҕылхай ырыаны суруйбута. “Майя-Алдан Дружба Серпа и Молота” диэн киһи төрөөбүт дойдуга күүстээх таптала, ытыктабыла уонна киһи киһиэхэ ытыктабыла бэрт сытыытык, чаҕылхайдык көрдөрүллүбүт норуот гимна.

Анастасия Варламова ырыаларыгар сэрии тиэмэтэ эмиэ биир ураты миэстэни ылар. Норуокка оннук айан суруйан хаалларбыт аатырбыт ырыаларынан “Сэрии тулаайаҕа”, “Туос тууйастар”. Холобур “Туос тууйастар” ырыаҕа Амма, Таатта, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Бороҕон сириттэн дьиҥнээх эр бэрдэрэ, хорсун быһыйдара сэриигэ долгуйа аттанаары, сэриилэһэ баран эрэллэрин туһунан кэпсэнэр. Ону ырыаһыт күндүтүк саныыр чугас таайдарыгар (Варламов Д.Е. уонна Варламов П.А.) анаан хоһооҥҥо тиһэн, ырыа гынан көтүтэн хоһуйбута олуһун диэн долгутуулаах, харах уулаах ахтылҕан, истиҥ таптал биир тулхадыйбат көрүҥэ.

Талааннаах киһи бары өттүнэн араас тиэмэни тута тылга хоһуйар аналлаах. Анастасия Варламова ырыаларыгар спорт тиэмэтэ биир кэккэ миэстэ буолар. Кини спорт курдук хорсун, уустук дьыалаҕа анаан ырыа суруйбута эмиэ туһунан кэрэхсэбили үөскэтэллэр. Спорт кэрэ эйгэтигэр сүгүрүйэн ырыа айыллан сурулуннаҕа. Ол курдук, “Көҥүл тустуу” уонна “Азия оҕолорун оонньуута” диэн бэртээхэй ырыалардаах. Холобур саамай биллибит “Көҥүл тустуу” диэн ырыатын саха сэбиэскэй тренеригэр Д.П. Коркин сырдык аатыгар сүгүрүйэн туран суруйбута. Улуу тренер курдук күүстээх быһыйдары иитэн таһаарыы өлбөөдүйбэт улуу дьыала, сүҥкэн кылаат. Ол иһин ким “эрчиллиилээх, дьулуурдаах” ол “охтон биэрбэт соргулаах”.

Онон, саха норуотун киэн туттуута – Анастасия Николаевна Варламова норуотугар бэлэх гынан хаалларбыт ырыалара өйдөбүнньүк мэҥэ таас курдук үйэлээхтэр. Ырыалара олуһун диэн мелодичнайдар, улуу өбүгэлэрбит олорон ааспыт сахалыы олохторун-дьаһахтарын кэрэһэлиир. Ону ааһан кини ырыалара патриотическай тыыҥҥа иитэллэр-үөрэтэллэр. Дьиҥнээх саха алааһын иэйэхситэ – Эдьиий Настаа сырдык аата өрүү ааттана-ахтылла турдун.

Осипов Артем

СВФУ, ИЯКН

М-КРК-21 бөлөҕүн магистрана